Хатыҥнардаах, чараҥнардаах,
Хампа солко алаастардаах,
Оттуун-мастыын нарын-намчы
Ол мин дойдум — Чурапчы!
Нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын көрөн-истэн олорор киһинэн баһылык буолар. Бу күннэргэ биһиги Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Дмитриевич Сивцевка ыалдьыттаатыбыт. Истиҥ сэһэргэһиибитин ааҕыҥ, сэргээҥ диэн ыҥырабыт.
Чурапчы нэһилиэгэр 10 235 киһи олорор. Ол иһигэр:
0-14 саастаахтар – 2036;
14-22 саастаахтар – 1789;
15-35 саастаахтар – 3960;
35 саастарыттан үөһэ – 4239;
Саастаах дьон – 1032, тыыл бэтэрээннэрэ — 16.
Ыал ахсаана – 1423, элбэх оҕолоох ыал – 568.
– Хатыҥнардаах-чараҥнардаах Чурапчы нэһилиэгэ Саха сирин үрдүнэн тоҕус томторунан биллэр. Өссө ханнык чахчылары ааттыахха сөбүй?
– Чурапчы сиригэр-уотугар 1902 сыллаахха аан бастакытын сахалар Ыһыахтарын хаартыскаҕа үйэтиппиттэрэ диэн бигэтик этиэххэ сөп. Ыам ыйын 5 күнүгэр Владимир Иохельсон Өлүөнэ өрүс аһыллыан иннинэ Дьокуускайтан илин кытылга туораан Чурапчыга кэлбитэ. Онно киниэхэ анаан көрдөрүү ыһыаҕа тэриллибитэ. Баай тигиилээх туос ураһаны бэлэх ууммуттар этэ. Учуонай сахалар туттар тэриллэрин илдьэ барбыта билигин араас түмэллэргэ хараллан сыталлар. Онон биһиги история бу чахчытынан киэн туттабыт.
Ону таһынан Арассыыйаҕа ханна да суох тыа сиригэр бастакынан тэриллибит үрдүк үөрэх кыһата, Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт института, улуу тренер Д.П. Коркин аатын сүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпийскай эрэллэри бэлэмниир интернат-оскуола, Чурапчытааҕы аграрнай-техническэй колледж бааллар. Онон Чурапчы Саха сириттэн эрэ буолбакка, Арассыыйа атын регионнарыттан, тас дойдуттан Монголияттан тиийэ кэлэн үөрэнэр, үлэлиир, устунан олохсуйа хаалар дойдуларынан буолла. Чурапчы – Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Ил Дархана Егор Афанасьевич Борисов төрөөбүт дойдута. Кэпсээн бардахха, киһи элбэҕи сырдатыан сөп.
Ханнык баҕарар дойду дьонунан-сэргэтинэн биллэр. Ол курдук, Чурапчыттан успуорт чөмпүйүөннэрэ, учуонайдар, суруйааччылар кынат анньынан тахсыбыттара. Чулуу дьоммутунан кыратыттан улаханыгар диэри бары киэн туттабыт.
– Саха сиригэр үгүс ыал тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар. Ол чааһыгар Чурапчыга хайдаҕый? Нэһилиэкпитигэр төһө сүөһүлээхпитий, сылгылаахпытый?
– Нэһилиэкпитигэр сүөһү, сылгы аҕыйаабыта баар көстүү. Ыччат билигин сүөһүнү, ынаҕы тута сатаабат. Ол да буоллар сүөһүнэн, сылгынан дьарыктанар дьон аҕыйаҕа суохтар. Нэһилиэкпит олохтоохторо үксүн сүөһүлэрин, сылгыларын атын нэһилиэктэргэ туталлар. Сыыппараҕа киирэр буоллахха, 831 сүөһүлээхпит, мантан ынаҕын ахсаана — 307. Сылгытын ахсаана арыый да элбэх: 1 309, мантан биэтэ – 1 006. Итинтэн көрдөххө, нэһилиэк дьоно сүрүннээн сылгынан дьарыктаналлар.
– Владимир Дмитриевич, онтон нэһилиэк иннигэр бүгүҥҥү күҥҥэ ханнык сүрүн кыһалҕа турарый уонна ону быһаарарга туох үлэ ыытылларый?
– Чурапчы нэһилиэгэ күнтэн күн сайдан, улаатан, кэҥээн иһэр. Быйыл 147 уһаайбалаах «Кэнчээри» микрооройуон арылынна. Ол иннинэ “Мурун Тымпыйа”, “Молодежнай” түөлбэлэргэ микрооройуоннары аспыппыт. Чурапчыбыт улаата турарынан, тыын кыһалҕабыт суол боппуруоһа буолар. Суол олус ыараханнык оҥоһуллар. Географическай балаһыанньанан биһиэхэ кумах да, гравий да суох. Аҥардас буору куттахха барыта бадараан буолан хаалар. Ол иһин кумаҕы, гравийы ыраахтан таһар буоламмыт, сыллата бэрт аҕыйах килэмиэтир суол оҥоһуллар. Ону таһынан дьон хаамар сирин, уулусса уотун тупсарарга күннэтэ кыһаллабыт. Дьоммут-сэргэбит олоҕо тупсарыгар үлэлэһэбит.
– Владимир Дмитриевич, Эн санааҕар, биһиги, оҕолор, нэһилиэкпит сайдыытыгар тугунан көмөлөһүөхпүтүн сөбүй?
– Оҕолор кыраны да бэлиэтии көрөр кыраҕы харахтаах, барытын өйдөөн көрөр ураты дьоҥҥут. Биһиги улахан кыһалҕаҕа сылдьар да буоламмыт буолуо, сороҕун көрбөккө хааларбыт баар суол. Мин санаабар, ырааһырдыыттан саҕалаан хайдах сынньанар сирдэр ханна баар буолуохтарын сөбүн туһунан этэргит инники үлэни торумнуурбутугар улахан көмө буолуон сөп. Холобур, мастер-былаан ылынарбытыгар, оҕолорго ыйытык ыыппыппыт. Олус үчүгэйдик хоруйдаабыттара. Велосипед суолун оҥоруохха наада диэн эппиттэрэ. Уопсайынан, доруобуйаҕа, сынньалаҥҥа сыһыаннаах эбийиэктэр аҕыйахтарын бэлиэтээбиттэрэ. Ол иһин, ону учуоттаан туран, Эбэ биэрэгэр сынньалаҥҥа табыгастаах, велосипедынан, ролигынан хатааһылыыр, сатыы да хаамарга сөптөөх сирдэри оҥорор туһунан былааннаатыбыт.
– Владимир Дмитриевич, быйыл Чурапчы нэһилиэгин 375 сылын бэлиэтээтибит. Бу даата хайдах баар буолан хаалла диэн үгүс киһи интэриэһиргиир эбит.
– Биэс сыл анараа өттүгэр улууспут баһылыга Степан Анатольевич Саргыдаев учуонайдары кытта үлэлэһэн саҕалаабыта. Андреян Афанасьевич Борисов диэн учуонай архыып докумуоннарын үөрэтэн, Чурапчы нэһилиэгин историята Аччаҕар Ньамньах диэн киһини кытта ситимнээҕин билбиппит. Бу киһи 1648 сыллаахха кинээс дуоһунаһыгар киирбит эбит. Оччолорго нэһилиэкпит Үһүс Хатылы дэнэрэ. Аччаҕар Ньамньах кинээс дуоһунаһыгар киириэҕиттэн Чурапчыбыт нэһилиэгин күнэ ааҕыллар диэн буолбута. Кэнники бу Үһүс Хатылы Чурапчы нэһилиэгэ диэн ааттаммыта. Онтон олох эрдэтээҥҥи историяҕа киирэр буоллахха, Платон Алексеевич Ойуунускай суруйан хаалларбыт «Улуу Кудаҥса» айымньытын сүрүн дьоруойа Улуу Кудаҥса биһиги өбүгэбит буолар. Улуу Кудаҥса Аччаҕар Ньамньах сиэнэ эбит. Кини сүрдээх баай, дьону-сэргэни барытын аһатан-таҥыннаран олорбут киһи. Туох баар ынаҕын үүрэн илдьэ бардахха, Чурапчыттан бүтэһик ынаҕа тахсыар диэри бастакы иһэр ынаҕа Мырылаҕа тиийэр эбит. Оннук курдук улуу төрүттэрдээхпитинэн киэн туттуохтаахпыт.
– Сөпсөһөбүт. Владимир Дмитриевич, хоруйдарыҥ иһин махтал. Түмүккэ оҕолорго туох баҕа санаалааххыный?
– Үөрэххитигэр кыһаллыҥ, Чурапчыбыт нэһилиэгэ сайдарын туһугар кыһаллар туруу үлэһит дьон буола улаатыҥ. Бэйэ-бэйэҕитигэр болҕомтолоох буолуҥ, куруутун өйөһө-өйдөһө сылдьыҥ.
Сайаана СОРОКОУМОВА, X «Б» кылаас, С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата, Юлия ДЬЯЧКОВСКАЯ, X «А» кылаас, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията