Тустуу куруhуогар сɵбʏлээн дьарыктанабын. Улааттахпына биир дойдулааҕым Виктор Рассадин курдук кʏʏстээх, биллиилээх спортсмен буолуохпун баҕарабын. Киниттэн элбэҕи билэбин, курэхтэhэрин кɵрɵбʏн, ыалдьабын, ʏɵрэбин, ситиһиилэринэн киэн туттабын. Виктор аан бастакы кʏрэхтэһиитэ Сылгы-Ыытарга буолбут, онно бастакы миэстэни ылбыта. Кини «Азия оҕолоро» оонньуулар кыайыылааҕа, Аан дойдутааҕы спорт маастара, Арассыыйа, Азия, Аан дойду чөмпүйүөнэ. Быйыл Парижка буолбут сайыңңы Олимпиада кыттыылааҕа. Аан дойдутааҕы Коркин турнирын 7 төгүллээх кыайыылааҕа.
Куруук дойдутугар бултуу, үөрэммит оскуолатыгар оҕолору кытары кɵрсʏhэ, маастар кылаастары кɵрдɵрɵ кэлэр. Сɵбʏлээн туттар приема «кочерга». Биhиэхэ элбэх сʏбэни-аманы биэрбитэ. Кини эппит тылларын холобур оҥостобун:
«Кɵбүөргэ тахсыам иннинэ төрөөбүт дойдубун уонна дьоммун саныыбын. Туох баар кыайыыларбын кинилэргэ аныыбын»
Мин кини курдук патриот, кʏʏстээх спортсмен буолуохпун баҕарабын. Ол иhин биир да күнү көтүппэккэ дьарыктанабын, күрэхтэргэ кыттабын.
Роберт Оконешников, VI «А» кылаас,
«Н.И.Шарин аатынан Орто Халыма орто оскуолата