Мин аатым Суханов Айаал, 10 кылааска үөрэнэбин. «Бастыҥнар хамсааһыннарын» оскуолабыт маҥнайгы салаатын бэрэссэдээтэлэбин. Ону таһынан улуустааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи сэбиэт чилиэнэбин. Тохсунньу 30 күнүттэн олунньу 1 күнүгэр диэри Москваҕа ВДНХ-ҕа ыытыллыбыт «Бастыҥнар хамсааһыннарын» II сийиэстэригэр кыттыыны ылбытым. Элбэх кэпсэтиилэр, көрсүһүүлэр — барыта сонун, саҥа, олус интэриэһинэй этэ. Элбэҕи биллим-көрдүм, бэйэбэр саҥаны иҥэринним.
Сийиэс сабыллыытыгар сөбүлээн истэр ырыаһыттарбын уонна Россия президенин Владимир Владимирович Путины илэ көрбүппүттэн олус астыммытым. Бары Россия гимнин ыллаабыппыт.
Биһиги дьиэ кэргэнтэн ВДНХ-ҕа сылдьыбыт мин төрдүс көлүөнэ буолабын. Хос эһэм Поскачин Афанасий Андреевич, эһэм Поскачин Дмитрий Афанасьевич уонна ийэм Суханова Агафья Дмитриевна сэбиэскэй кэмҥэ үчүгэй үлэлэрин иһин путевканан наҕараадаланан бара сылдьыбыттара.
Оҕо саастан олоххо активнай позицияны тутуһуҥ диэн ыҥырабын!
Суханов Айаал,
«Дабаан» эдкора,
Тааһаҕар, Бүлүү.