Таатта улууһун Чымнаайы сэлиэнньэтин олохтоохторо Наталья, Роман Варламовтар нэһилиэктэрин дьонугар-сэргэтигэр өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сылын көрсө муус оҥоһук бэлэхтээтилэр. Ол туһунан «Cаха» НКИК иһитиннэрэр.
Наталья Алексеевна, Роман Романович бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор. Оҕолоро ыал ийэлэрэ, аҕалара, үлэлээх-хамнастаах дьон.
Далбар Хотун талааннаах тарбахтаах, кылынан-сиэлинэн дьарыктанар, араас быыстапкаларга кыттар. Сайын тэлгэһэлэрэ дьэрэкээн сибэккинэн киэркэйэр.
«Наталья, Роман Варламовтар нэһилиэк тэрээһиннэригэр, сайынын тэлгэһэ күрэҕэр көхтөөхтүк кытталлар. Быйыл Сахабыт сиригэр Ийэ сыла биллэриллибитин бэлиэтээн дьонноругар-сэргэлэригэр муус оҥоһугу бэлэхтээтилэр», — диэтэ «Айтал» норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Мотрена Саввина.