Даша Жиркова бастаан көннөрү хаартыскалары Инстаграмыгар уган саҕалаабыт, онтон кылгас видеолары устар буолбут. Күн бүгүн @dashpeeeeeee_ диэн ааттанан, 12 тыһыынчаҕа тиийэр сурутааччылаах вайнер.
– Бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?
– Мин 22 саастаахпын. С.К. Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназияны ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитим. Дьиэ кэргэммитигэр бэһиэбит. Ийэм, аҕам уонна икки балтылаахпын. Билигин ХИФУ омук филологиятын уонна регионоведениетын институтун IV кууруһун устудьуонкатабын. Кэлэр сылга бүтэрэн, учуутал диплом ылыахтаахпын. Сүрүн тылым – ангылычаан, иккиһим – ньиэмэс тыла.
– Вайннары устуу идиэйэтэ хайдах үөскээбитэй?
– Мин вайн устар сыаллаах-соруктаах саҕалаабатаҕым. Оскуолаҕа бииргэ үөрэнэр кыргыттарбынаан үөрэх кэнниттэн, Nokia төлөпүөҥҥэ кылгас күлүүлээх видеолары устарбыт. Оскуола тэрээһиннэригэр тыллана-тыллана ол нүөмэрдэрбитин көрдөрөөччүбүт. Биир кыыс: “Даша, маладьыас, наһаа үчүгэйдик артыыстыыгын, талаан баар”, – диэбитин өйдөөн хаалбыппын. Устудьуон буолбуппар ийэм “IPhone 6” ылан биэрбитэ. Инстаграмҥа @d_zhirkova диэн ааттаах аккаунт арыммытым. Арай биирдэ, “челлендж” кэллэ. Били, бастаан куһаҕан таҥастаах, сирэйдээх тураҕын, экирээни сабан баран арыйдахха, кырааскаламмыт кыраһыабай буолан хаалаҕын. Арай, мин эрэ онно тупсубатаҕым. Дьон күлэн хоруйдаабыта. Онтон ыла ону-маны устар буолбутум. Саҕалыырбар туох да ыараханы көрсүбэтэҕим.
http://www.instagram.com/p/B_6jzT5Imgk/?utm_source=ig_web_button_share_sheet
– Дашпее диэн аатыҥ туһунан кэпсээтэххэ…
– Оҕо сылдьан мин эрэ таптал аатым суох быһыылаах этэ. Бэйэм ааппын соччо сөбүлээбэт этим. Онтон устудьуоннуу кэлбиппэр дьүөгэм Дашпенция диэн ааттыыр буолбута. Онтон кылгаан, Дашпеее диэн буолбутум.
– 40-50 сөкүүндэлээх видеоны устарга төһө бириэмэ барарый?
– Вайн устар элбэх бириэмэни ылар. Монтажтыыр түргэн, үөрэммиппин. Ырыа талар ыарахан буолааччы. Инстаграм сороҕор ааптар быраабын кэстигит диэн, видеобун сотторон кэбиһээччи.
– Эн санааҕар дьон тоҕо вайннары сэргиирий?
– Билигин уопсайынан төлөпүөн үйэтэ кэллэ. Бары төлөпүөҥҥэ олороллор. Урут дьон кулуупка харчы төлөөн КВН көрөр эбит буоллахтарына, билигин төлөпүөҥҥэ вайн көрөллөр. Вайн диэн олоххо буолар көрүдьүөс түгэннэри көрдөрөр. Оннук хас биирдии киһиэхэ буолар, ол иһин чугастык ылыналлар.
http://www.instagram.com/p/B-eAutpoDhM/?utm_source=ig_web_button_share_sheet
– Инстаргамҥа ситиһииҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
– 12 тыһыынча курдук сурутааччылаахпын. Ол – кимиэхэ эрэ кыра, кимиэхэ эрэ элбэх. Мин хас биирдиилэрин таптыыбын уонна сыаналыыбын. Күн аайы дьон суруйар, хайҕыыр – онтон олус үөрэбин. Кинилэр баалларыгар наһаа үөрэнним, кинилэрэ суох табыллыбат курдукпун.
– “Хейтердарга” хайдах сыһыаннаһаҕын?
– Оннук дьон өрүү баар этэ, баар, баар да буолуо. Аан бастаан үөҕэллэриттэн сылтаан санаарҕыырым, иһийэн хааларым. Дьон тус-туһунан көрүүлээх, күллэрэр ыарахан. Ким эрэ өйдөөмүөн сөп. “Даша, бу маннык гыммытыҥ буоллар, маны эп, ону көҕүрэт”, – дииллэрин ылынабын уонна тутуһабын. Оттон сорохтор: “Фу, маннык сирэйдээх тугу да устуом суоҕа этэ. Барыта кырааска, уоһа оҥоһуу…”, – диэн тыллары сүүстэ истибитим. Киһи саамай сөҕөрө – билбэт, кэпсэппэт ыал дьон үөҕэр.
– “Дьылҕам бэлэҕэ” cэрийээлгэ уһуллубуккун кэпсиигин?
– Мин кыра эрдэхпиттэн киинэҕэ уһуллуохпун олус баҕарарым. Дьон ортотугар сылдьар артыыс, ырыаһыт, үҥкүүһүт буолар ыра санаалааҕым. Онон, ыҥырбыттарыгар тута сөбүлэспитим. Мин төлөпүөҥҥэ усталлара буолуо дии санаабытым. Онтум баара сынаарыйдаах, барыта дьиҥнээх курдук этэ. Миэхэ Настя диэн кыыс оруолун биэрбиттэрэ. Миэхэ бэйэбэр олус маарынныыр.
http://www.instagram.com/p/CAE1KiwoMQ2/?utm_source=ig_web_button_share_sheet
– Салгыы туох былааннааххыный?
– Кэлэр үөрэхпин бүтэрэн, идэбинэн учууталлыам этэ. Чугас дьонум: “Эйигин үөрэнээччилэрин учуутал курдук ылыныахтара суоҕа”, – дииллэр. Оттон, бэйэм санаабар, оҕолору кэбэҕэстик өйдөһүөм. Тэбис-тэҥҥэ сүүрэ-көтө, оонньуу-көрүлүү, үөрэтэ-такайа сылдьар учуутал буолуом.
– Саҥа саҕалаан эрэр вайнер, блогер оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Күүстээх санааны баҕарабын. Син биир саҥарар, баттыы сатыыр дьон баар буолар. Ити кэми тулуйбакка тохтообут элбэх дьону билэбин. Видеону бэйэҕит хайдах көрөргүтүнэн, сатыыргытынан устуҥ. Туохтан да толлумаҥ, кыбыстымаҥ.
Павел Ильин.