Биһиги оскуолабытыгар саха култууратын үтүө үгэһин сайыннарар, кылааһы бүттүүн ситиһиигэ таһаарар «Чугдаар» фольклор куруһуога айымньылаахтык үлэлиир. Уус-уран салайааччыларынан Валентина Федоровна Кривошапкина уонна Ульяна Максимовна Ефремова буолаллар. Үөрэнээччилэр эбии дьарыкка, куруһуокка фольклор араас көрүҥнэригэр үөрэнэллэр. Иитии кэнсиэпсийэтинэн ыытыллыбыт үөрэнээччилэргэ аналлаах култуура уонна спорт эстафетатыгар 150 оҕо кыттыылаах хомусчуттар хордара улууска кыайыылаах аатын ылбыттара.
Куруһуок биир бастыҥ бөлөҕүнэн Василиса Кузьминична Никифорова салайааччылаах 11 «б» кылааһын «Дьүрүлгэн» хомус ансаамбыла буолар.
Үөрэнээччилэр бэһис кылаастан утумнаахтык дьарыктанан маастарыстыба үрдүк таһымыгар таҕыстылар. Олоҕурбут ньыматтан саҕалаан, көтөр, кыыл-сүөл саҥатын үтүктэри кытта баһылаатылар, таҥалай, мурун ырыатын толорор кыахтаннылар. Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар фольклор күөн-күрэстэрин кыайыылаахтарынан буолаллар. Аан дойдутааҕы хомус мусуойа ыытар «Дьүрүһүй хомуһум», «Чарующие звуки хомуса», Болгарияҕа ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы «Планета искусств», аан дойдутааҕы «Зов Земли олоҥхо» фольклор күрэхтэригэр кылаан-чыпчаал кыайыылаахтарынан ааттаммыттара.
Василиса Никифорова, 11 «б» кылаас салайааччыта:
— Мин үс кылааһы бэһистэн саҕалаан, хомус тардыытынан дьарыктаатым. 2006 с. оскуоланы бүтэрбит үөрэнээччилэрим үөрэх министиэристибэтэ бигэргэппит бырагырааматынан хомусчут дастабырыанньатын ылбыттара. 2013 сыллаахха бүтэрбиттэр өрөспүүбүлүкэ, аан дойду таһымнаах күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Билиҥҥи кылааһым оҕолорун Валентина Федоровналыын чабырҕахтыырга, хомустуурга, норуот ырыатын көрүҥнэригэр үөрэттибит. Үөрэнээччилэрим хомуһу араас өттүттэн ырытан, чинчийэр үлэ суруйан, араас ааҕыыларга ситиһиилээхтик кытталлар.
Онон саха төрүт инструмена – хомус, кэнчээри ыччакка аан дойдуга ааны арыйар, ситиһиигэ кынаттыыр диэн тус уопуппуттан этэбин.
Маны сэргэ, куруһуокка күргүөмүнэн Ирина Васильевна Никанорова салайааччылаах 9 «а» уонна Ольга Петровна Старостина салайааччылаах 6 «б» кылаас үөрэнээччилэрэ ситиһиилээхтик дьарыктаналлар. Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар фольклор күрэхтэригэр ситиһиилээхтик кытталлар. Өрөспүүбүлүкэҕэ «Мин -олоҥхо дойдутун оҕотобун» оҕо олоҥхоһуттар киэҥ түһүлгэлэригэр биир дойдулаахпыт, ийэ олоҥхоһуппут Н.И.Степанов-Нооро «Күн Эрили» олоҥхотун толорон, кыайыылаах буолбуттара.
Сайаана Иванова, 9«а» кылаас үөрэнээччитэ:
— Хомус аптаах-алыптаах тыаһа мин куппар-сүрбэр кыра оҕо эрдэхпиттэн олус чугас. Кылааһым оҕолорун кытта бэһис кылаастан саҕалаан хомустуурга үөрэнэн, тиһиктээхтик дьарыктаммыппыт. Төрөппүттэрбит көмөлөрүнэн, бука бары сахалыы таҥас тиктэрэн, үгүс куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттабыт. Хомус тыаһа киһини эмтиир, ыраастыыр күүстээх. Хомус тардарынан дьарыктанан сөпкө тыынарга үөрэнэбит, өйдүүн-санаалыын уоскуйабыт. Мин инникитин олохпун хомуһу кытта ситимниир баҕа санаалаахпын. Култуура кэллиэһигэр туттарсан айар эйгэҕэ уһуйулларга, өссө да сайдарга дьулуһабын.
Настя Черкашина, 6 «б» кылаас үөрэнээччитэ:
— Биһиги фольклорунан алын кылаастан дьарыктанабыт. Валентина Федоровна уонна Ульяна Максимовна олоҥхолуурга, чабырҕахтыырга, оһуокайдыырга үөрэппиттэрэ. Быйыл бэһис кылааска таҕыстыбыт. Салайааччыбыт Ольга Петровна төрүт култуура учуутала буолан, кылааспыт хайысхатын сахалыы тыннаах оҥорорго быһаарынан, фольклор кылааһа буоллубут. Нэдиэлэ аайы чабырҕахтыырга үөрэнэбит, олоҥхолоон да ылабыт. Бука бары хомус атыыластыбыт, төрүт үнүстүрүмүөн бу көрүҥэр үөрэнэр, сайдар былааннаахпыт. «Чугдаар-туой, күн оҕото» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлгэ «Чыпчаал» анал аат кыайыылаахтара буолбуппут.
Оҕолору фольклорга уһуйуу суолтатын туһунан салайааччылар Валентина Федоровна уонна Ульяна Ефремова бу курдук сэһэргииллэр:
— Быйылгы үөрэх дьылыгар, Иитии кэнсэпсийэтигэр олоҕуран, алын сүһүөх үөрэнээччилэрэ бука бары хомуска кылааһынан дьарыктаннылар. Оскуолабыт салалтата, кылаас салайааччылара, төрөппүттэр хомуһу булууга-талыыга, сахалыы көстүүм тигиигэ төһүү күүс, өйөбүл буолан, үлэбит үтүө түмүктэннэ. Оскуолабыт дириэктэрэ Светлана Кимовна Игнатьева кэнчээри ыччаты сахалыы тыыннаан иитиигэ-үөрэтиигэ бары усулуобуйаны олохтуур. Онон куруһуок ситиһиитэ сомоҕо үлэбит үтүө түмүгэ буолар