В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыгар үгэс буолбут «Ларионов декадата» саҕаланна. Сахалартан бастакы академик Владимир Петрович Ларионов төрөөбүт-үөскээбит сиринэн Мэҥэ Хаҥалас улууһа буолар. Оскуола дириэктэрэ Светлана Кимовна Игнатьева оҕолорго анаан билиһиннэрэр.
— Володя Ларионов оҕо сылдьан, эһиги курдук төрөөбүт Мэҥэ Хаҥалаһын киэҥ алаастарынан сүүрэн-көтөн, күөллэригэр сөтүөлээн улааппыт көннөрү уолчаан этэ. Ол эрээри түнэ этэрбэстээх, нэк сонноох уол атыттартан уратыта диэн кинигэни, үөрэҕи муҥура суох таптыыра, саҥаны билэрин-көрөрүн туохтааҕар да ордороро.Оччотооҕу холкуос хара үлэһиттэрин оҕото быыкайкаан дьиэтигэр түннүгүнэн ыраах чаҕылыҥнаһар сулустары одуулуу олорон, Саха сирин сардаҥалаах инникитин – күөх төлөн кэлиитин, гаас, ниэп, сиртэн хостонор баай, хайа промышленностара сайдыытын туһунан баараҕай санаалары ыра оҥосторо буолуо дуо? Ким билиэ баарай, кырдьыга да, кини улаатан, сүҥкэннээх научнай арыйыыны оҥорон, Саха сирин сайдыылаах инникитин бигэ тирэҕэ буолуохтааҕын?
Владимир Петрович 1938 с. олунньу 10 күнүгэр Лоомтукаттан 20 км турар Балаҕаччы диэн икки эрэ дьиэлээх муҥур сиргэ төрөөбүтэ. Бу икки дьиэҕэ, былыргы сахалыы үгэһинэн, 3-5 ыал буолан, балайда элбэх киһи кыстыыра. Аҕата, Петр Иванович, үксүн булдунан дьарыгырара. Ийэтэ, Варвара Николаевна, дьиэтин-уотун көрөрө. Владимир Петрович ийэтэ 50, аҕата 59 саастарыгар 16-c оҕонон төрөөбүтэ, кини соҕотох тыыннаах хаалбыт оҕолоро этэ. 1946 г. уолларын үөрэттэрээри, Лоомтукаҕа көһөллөр. Лоомтука 7 кылаастаах оскуолатын кэнниттэн Майа оскуолатын 1956 с. кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрэр. Оскуола бүтэрээт тута Н.Э. Бауман аатынан Москватааҕы үрдүкү техническэй училищеҕа киирэр. Кини көмүс аата Н.Э.Бауман аатынан Москватааҕы техническэй институт чулуу үөрэнээччилэрин кэккэтигэр суруллан турар.
Владимир Петрович төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэлэн, айымньылаахтык үлэлээн, Россиятааҕы наукалар Академияларын Сибиирдээҕи салаатын физико-техническэй проблемаларын холбоһуктаах институтун генеральнай дириэктэрэ, Москватааҕы Саха Норуоттар икки ардыларынааҕы университет ректора буола үүммүтэ, Саха государственнай университетыгар «Машиноведение» салаатын арыйбыта. Хотугу дойду тымныы айылҕатын услуобуйатыгар тимири сыбааркалааһыны чинчийиитигэр сүҥкэн үлэни оҥорон, наука кирилиэһин бары үктэлин эрэллээхтик дабайан, Россиятааҕы наукалар Академияларын академига буола үүммүтэ.
Күндү оҕолор, эһигини Владимир Петрович үтүө холобурунан үөрэх үүтүн батан, үрдүү-үүнэ туруҥ, «санаа сиппэтэҕэ суох» саха мындыр өс хоһоонунан салайтаран сүдү, куйаары кууһар үрдүккэ талаһар өйдөөх-санаалаах буолуҥ диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.