Академик В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыгар билиҥҥи тэтимнээх олоххо тус миэстэтин булунан, тыа сиригэр олорон, үлэлиир-хамсыыр сатабыллаах, булугас өйдөөх оҕону иитэн таһаарыыга улахан болҕомто ууруллар. Агротехнологическай, политехническай хайысханан үлэлиир бизнес-инкубатордаах оскуолабытыгар үөрэнээччилэр эбии дьарыкка, куруһуокка, лааҕырдарга үүнээйини олордорго, хаһаайыстыбаны көрөргө-истэргэ үөрэнэбит. Мүөттээх ыҥырыаны, араас көтөрү, куруолугу иитэбит, оҕуруот аһын үүннэрэбит, хортуоппуйу олордобут. Эмтээх отунан утах оҥорон күндүлүүр фитобардаахпыт.
Куруолуктары, перепелкалары, индюктары, араас боруодалаах кустары иитэбит, бука бары сөбүлээн, интэриэһиргээн, күннэтэ киирэн көрөбүт. Бу хаһаайыстыбаны оскуолабыт агро-блогун үлэһитэ Ирина Карпова, үөрэнээччилэри кытта, көрөр-истэр. Уопсайа, «Бороҥ великан» уонна «Калифорнийскай» боруодалаах 20 улахан куруолуктаахпыт. Билигин халлаан сылыйан, төрүүр-ууһуур кэмнэрэ саҕаланна. Икки куруолук номнуо оҕолонон, киһи эрэ таптыы көрөр, түү мээчик курдук, 10 кырачаан куруолуктаахпыт. Төрүүллэригэр түүлэрин үргэнэн уйа оҥостоллор, оҕолорун эмнэрэн улаатыннараллар. Оҕо куруолуктары анал комбикормунан аһатабыт.
Перепелкаларбыт уонна индюктарбыт күн аайы сымыыттыыллар. Ону оскуолабыт инкубаторыгар таһааттарабыт, ордубутун нэһилиэнньэҕэ атыылыыбыт. Инкубаторга сымыыттарбытын кэчигирэччи уурабыт уонна күнүстэри-түүннэри 37 сылаас температураны тутан туруорабыт. Күн аайы кэтиибит-маныыбыт. Күүтүүлээх күммүт үүнэн, перепелкабыт сымыыта 16, индюк 28 күнүнэн тэстэн, кырачаан көтөрдөр күн сирин көрөллөр. Оччоҕо бука бары олус да үөрэбит! Ол эрээри элбэх буолан саба түспэппит. Тоҕо диэтэргит, сымыыттан саҥа тахсыбыт көтөр олус куттас буолар. Кырачаан индюктары уонна перепелкалары анал уйаҕа уган иитэбит. Перепелкаларбыт “Фараон” аҥаардаах боруодалаахтар, билигин, уопсайа, 60 кэриҥэ перепелка оҕото баар.
Кустарбыт араас боруодалаахтар – “Каюга”, “Хаки-кемпбелл”, “Башкирка”, “Бегунок”. Төһө да араас боруодалаах буоллаллар, бука бары олус иллээхтик-эйэлээхтик ыаллаһан олороллор.
Быйыл күһүн саҥа дьукаахтаммыттара. Бу хаас биһиэхэ кэлбит остуоруйатын 2-с кылаас үөрэнээччитэ Амелия Карпова сэһэргиэҕэ:
— Бу күһүн биһиги оскуолабытыгар бааһырбыт хааһы аҕалбыттара. Быһыытынан-таһаатынан чинчийэн көрбүппүт, «Пискулька» диэн хаас эбит. Аҕалалларыгар кыната тостон баран, сап саҕаттан иҥнэн сылдьар этэ. Доруобуйатын туруга олох мөлтөҕө, хараҕын нэһиилэ кыламнатан көрөрө. Бэтэринээр көрөн баран, кынатын быспыта уонна бааһын эмтээбитэ. Билигин ол “пискулькабыт” атын кустары кытта ыаллаһан олорор, үчүгэй туруктаах. Мин дьиикэй хаас бу көрүҥүн туһунан чинчийэр үлэ суруйан, «Инникигэ хардыы» кэмпириэнсийэҕэ ситиһиилээхтик кыттыбытым.
Көтөрдөрбүт бука бары анал комбикормунан аһыыллар уонна эбиэс күөх үүнээйи отун сииллэр. Бу үүнээйини өссө, салгыны ыраастыыр диэн, оскуолабытыгар үүннэрэбит. Онтон ситэн саһаран эрдэҕинэ быһан, көтөрдөргө, перепелкаларга күндүлүүбүт. Эбиэс ото битэмииннээх, көтөрдөр уҥуохтара кытаатарыгар, сымыыттарын хаачыстыбата тупсарыгар олус туһалаах.
Бу курдук, биһиги оскуолабытыгар олус элбэххэ үөрэнэбит. Иитэр көтөрдөрдөрүбүтүн, кыылларбытын олус таптыыбыт!
Ааптардар: Саина Никитина, Айыллаана Кириллина, «Мэҥэбил» пресс-киин.
Мэҥэ-Хаҥалас.