В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыгар кэнчээри ыччат үөрэххэ эппиэтинэстээхтик, айымньылаахтык сыһыаннаһар киэҥ көрүүлээх дьон буола улааталларыгар улахан болҕомто ууруллар. Олунньу 2 күнүгэр В.П. Ларионов аатын үйэтитиигэ анаммыт декадаҕа сөп түбэһиннэрэн, 5 – 8 кылаас үөрэнээччилэригэр зачет киниискэтин туттарыы үөрүүлээх тэрээһинэ ыытылынна.
Бу күн илии баттаан зачетнай киниискэлэрин ылбыт орто сүһүөх үөрэнээччилэрэ, устудьуоннар курдук, билиилэрин бигэргэтэр анал докумуоннаах дьоһун дьон буоллулар.
Оскуола агро, политехническэй, бизнес-инкубатор, социальнай-гуманитарнай хайысхалары тэҥинэн тутан айымньылаахтык үлэлиир. Онон үөрэтии тиһигэр зачетнай киниискэни киллэрии – үөрэнээччилэри идэни талыыга туһулуурун туһунан дириэктэр Светлана Кимовна Игнатьева бэлиэтиир.
Үөрэнээччилэр бу киниискэнэн үөрэх сылыгар иккитэ зачет туттараллара былааннанар.
Сыл маҥнайгы аҥарыгар – метапредметнай зачет. Ол аата, оскуола хайысхаларынан ситимнэһэр предметтэр сомоҕо зачету тутуохтара. Холобура, политехническай хайысхаҕа киирэр предметтэр (физика, математика, информатика, технология, изо) холбоон биир зачету ыыталлар. Халыыбын үөрэтэр учууталлар быһаараллар – тест, билиэттэринэн хоруйдааһын, эссе о.д.а буолуон сөп.
Сыл иккис аҥарыгар – бырайыагы көмүскээһин. Бу зачетка үөрэнээччилэр оскуола хайысхаларынан арахсан бырайыактыыр үлэ ыытыахтара, көмүскүөхтэрэ.
Предметтэр ханнык бөлөххө киирэллэрий?
Агро-технологическай хайысха: химия, биология, география.
Социальнай-гуманитарнай: саха тыла, нуучча тыла, английскай, обществознание, история.
Политехническай: физика, математика, информатика, технология, изо.
Билиини бигэргэтии ураты көрүҥэ үөрэнээччилэргэ саҥа саҕахтары арыйыа, ситиһиигэ кынаттыа диэн оскуола кэллэктиибэ бигэ эрэллээх.
Ааптар: Изабелла Романова, «Мэҥэбил» пост салайааччыта