“Добун Дорҕоон” дуораһыйар
Айымньыны дорҕоонноохтук, ис хоһоонноохтук ааҕыы элбэх сыраны, дьарыгы, бириэмэни эрэйэр. Ол гынан баран, ити үлэ оҕо сайдарыгар туһуланар буоллаҕына, тугу да аахсар сатаммат. “Тыл – киһи ис дууһатын кэрэһитэ”, диэн норуот муудараһа мээнэҕэ эппэт. Оҕо уус-уран тыл эйгэтигэр сыһыннаҕына, саҥата, тыла-өһө, өйө-санаата тобуллуо турдаҕа.
В.П. Артамонов аатынан Хамаҕатта саха-француз лиссиэйигэр “Добун дорҕоон” диэн ааттаах хоһоон ааҕар уолаттар бөлөхтөрүн педагог-бибилэтиэкэр Надежда Константиновна Местникова уонна мин, саха тылын, литературатын учуутала Василий Николаевич Сивцев, салайан кэлбиппит быйыл төрдүс сыла буолла.
Ханнык баҕар омук тылын үөрэтии биллэн турар, төрөөбүт тылга тирэҕирэр. Онон лиссиэйбитигэр бу өйдөбүлгэ олоҕуран үлэни тэрийэбит. Ол биир холобурунан, уол оҕо төрөөбүт тылынан дорҕоонноохтук ааҕарыгар болҕомто уурарбыт буолар. Уолаттарбыт сыллата улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Уоланнар ааҕыыларыгар” ситиһиилээхтик кытталлар. Хас да төгүл дипломант, лауреат, Гран-При хаһаайыннара буолбуттара.
Бастакы ситиһии
Бастакы улахан ситиһиибит – Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ аатынан Бөтүҥ орто оскуолата 2019 сыллаахха ыыппыт улуустааҕы “Таллан ааҕыылара” куонкуруһугар Гран-При буолбуппут. Ол сыл улуустааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ ыытар уоланнар Х ааҕыыларыгар II миэстэҕэ тиксибиппит. Салгыы “Таллан Бүрэ – үчүгэй Өлүөнэ ырыаһыта” диэн композициянан өрөспүүбүлүкэтээҕи “Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу” XIV уоланнар ааҕыыларыгар ситиһиилээхтик кыттан, лауреат үрдүк аатын ылбыппыт. Бу ааҕыылары Чурапчытааҕы спортивнай интэринээт-оскуола саха тылын, литературатын учуутала Акулина Николаевна Кузьмина хара саҕалыаҕыттан олус үрдүк таһымҥа тэрийэн ыытар. Дьэ, онтон уолаттар эр ылан, биһиги да атын оҕолортон хаалсыбат, ханнык баҕар таһымҥа ааҕар кыахтаах эбиппит диэн түмүк оҥостон, дьаныардаахтык дьарыктанан барбыттара, ситиһии элбэх үлэттэн кэлэрин итэҕэйбиттэрэ.
Гран-При аатын ылбыттара
Эһиилигэр Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыт улуустааҕы XI уоланнар ааҕыыларыгар бэйэбит биир дойдулаахпыт, суруйааччы Василий Васильевич Ушницкай-Сэки сэрии тиэмэтигэр суруйбут хоһоонноруттан таҥыллыбыт “Ытыктааҥ, харыстааҥ ветеран дьоннору!” диэн уус-уран литературнай композициябытын ааҕан, Гран-При хаһаайына буолбуттара. Ол сыл хамсык ыарыы өрө туран, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу” уоланнар XV ааҕыылара кэтэхтэн көрүллүбүтэ. Онно кыттан, II истиэпэннээх Дипломант буолары ситиспиппит. Даҕатан эттэххэ, бу ааҕыыларга өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан сүүһүнэн уол кыттар, дьүүллүүр сүбэҕэ биллэр-көстөр артыыстар, суруйааччылар, общественнай деятеллэр олороллор.
Быйыл Нам улууһун общественноһа уһулуччулаах государственнай, политическай деятель Ылдьаа Винокуров төрөөбүтэ 125 сылын өрө көтөҕүллэн туран бэлиэтиир. Ол курдук, кини аатын үйэтитиигэ араас хабааннаах тэрээһин ыытыллар. Улуустааҕы XII ааҕыылар “Мин олохпун бар дьоммор аныыбын” диэн ааттанан ыытыллыбыта. “Добун дорҕоон” уолаттара “Намнар Ылдьаа туһунан” диэн Нам айар куттаахтарын айымньыларынан суруллубут композицияны аахпыттара. Дьүүллүүр сүбэ биир санаанан Гран-При аатын биэрбиттэрэ.
Сайын өрөспүүбүлүкэтээҕи Үрүҥ тунах Ыһыах “Сахам сирэ, киэн тутун өркөн өйдөөх саарын дьоҥҥунан!” диэн аһаҕас уус-уран ааҕыы-дьүһүйүү күрэҕигэр Бастакы Үрдэли ылары ситистилэр. Ону таһынан биирдиилээн уолаттар араас ааҕыыга ситиһиилээхтик кытталлар. П.А. Ойуунускай аатынан Литература мусуойа Ийэ күнүгэр сөп түбэһиннэрэн ыыппыт күөн күрэһигэр Харатаала Арылхан, Колесов Вася, Иванов Коля В.Ушницкай-Сэки “Кэтэһии” балладатын ааҕан, “Ис хоһоонноох ааҕыы” анал ааты ылбыттара.
Алтынньы ыйга XVI өрөспүүбүлүкэтээҕи “Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу” уоланнар ааҕыылара ыытылынна. Бу сырыыга биллиилээх историк-учуонай Егор Егорович Алексеев олоҕун, үлэтин сырдатар “Кырдьык иһин охсуспут учуонай” диэн композицияны туруоран кытынныбыт уонна II истиэпэннээх Дипломант буоллубут. https://yadi.sk/i/IJopRXIekL40OQ
Туһалаах дьарык
Иккитэ “Тэтим” араадьыйа биэриитигэр тахсан, уолаттар куоластара киэҥ куйаарга иһиллибитэ. Араадьыйа суруналыыһа Татьяна Степанованы кытта уолаттар кэпсэппиттэрин иһиттэххэ, маннык ааҕыылар кинилэр бэйэлэрин саастыылаахтарын, кылаас, дьон иннигэр толлубакка саҥарар, санааны сааһылаан этэр буолалларыгар, сыанаҕа, киэҥ түһүлгэҕэ сөптөөхтүк тутта-хапта сылдьалларыгар үөрэтэр эбиттэр.
Көрөрбүт курдук, ааҕыыларга дьарыктанар, кыттар уолаттар саха биллэр суруйааччыларын айымньыларын эрэ буолбакка, олохтоох ааптардар айар үлэлэлэрин кытта билсэллэр, үөрэтэллэр, киэҥ эйгэҕэ тарҕаталлар. Маннык дьарык уол оҕо тыла-өһө, билиитэ-көрүүтэ эрэ сайдарыгар туһуламмат. Бастатан туран, киһи быһыытынан майгыта-сигилитэ, өйө-санаата, эр киһи үтүө өрүттэрин иҥэринэн иитиллэн тахсарыгар туһаайыллар.
Салайааччылар Надежда Константиновна Местникова,
Василий Николаевич Сивцев,
В.П.Артамонов аатынан саха-француз лиссиэйэ, Нам улууһа.
Хаартыскаҕа: «Сыл бастыҥ ааҕааччыта» Вася Колесов.
Хоһоону ааҕааччылар кэпсииллэр
Хамаҕаттатааҕы саха-француз лиссиэйигэр V кылааска туттарсан киирбитим. Учууталбыт Василий Николаевич Сивцев хоһоонньут уолаттар бөлөхтөрүгэр ылбыта. Манна үһүс сылбын дьарыктанным. Бөлөхпүт күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттан, кыайыы-хотуу амтанын билбиппит. Хоһоону ааҕар олус туһалаах, өйтөн ааҕарга үөрэнэҕин, өйүҥ-санааҥ тупсар. Бу ааҕан улуу дьоммут олохторун, үлэлэрин биллим. Атын улуус оскуолаларын үөрэнээччилэрэ хоһоон ааҕалларын көрөн, элбэххэ үөрэнним.
Алгыс Евстафьев,VIII “А” кылаас.
Доҕотторбутун кытта үгүс ситиһиилэммиппит. VI кылааска “Орлята учатся летать” диэн күрэххэ лауреат буолбуппут. Онно миэхэ Москваҕа барарга путёвка биэрбиттэрэ. Ол оҕо сааһым биир умнуллубат түгэнэ этэ. Өссө да ситиһиилэр биһиэхэ кэлэ турдуннар.
Арылхан Харатаала, VIII “Б” кылаас.
Хоhooн ааҕар туhaта — дорҕонноохтук, чуолкайдык саҥарарга, элбэх дьон иннигэр долгуйбакка, куттаммакка этэргэ үөрэтэр. Саха сирин суруйаачыларын олохторун, үлэлэрин билэргэ эмиэ көмөлөөх.
Коля Иванов, VIII “А” кылаас.