Бэһис кылаастан сөбүлээн үөрэнэбин
Мин лиссиэйгэ V кылаастан үөрэнэбин. Манна ийэм үчүгэй, үөрэхтээх киhи буоллун диэн киллэрбитэ. Лиссиэйбитигэр туспа спортсаалата, интэринээт, “Лингва” тылы үөрэтэр сайыҥҥы Киин, “Точка Роста” диэн эбии дьарыктанарга аналлаах аныгы Киин баар. Спортсаалабытыгар спордунан дьарыктанарга, сайдарга усулуобуйа барыта баар. Интэринээккэ атын нэһилиэктэртэн, улуустартан кэлбит оҕолор олороллор. Олорорго олус үчүгэй, иккис дьиэбит буолар. “Лингва” Кииҥҥэ сайын оҕолор атын оҕолордуун алтыhaр, сынньанар сирдэрэ. “Точка Роста” Кииҥҥэ бэйэҥ интэриэһиргиир дьарыккар сылдьан, эбии үөрэх ылаҕын. Наадалаах тэрил барыта баар: үрдүк кыамталаах ноутбуктар, 3D принтердэр, квадрокоптердар. Итинник усулуобуйа баар буолан, мин элбэх ситиhиилэммитим. Өрөспүүбүлүкэҕэ робототехника күрэхтэригэр хаста да бастаан, Москваҕа кыттан кэлбиппит. “WorldSkillsRussia” өрөспүүбүлкэтээҕи түһүмэҕэр I, II, III миэстэлэри ылбыппыт. Оҕо сайдар усулуобуйата баар буолан, манна атын улуустартан оҕолор кэлэн үөрэнэллэр.
Лиссиэйбит атын оскуолалартан сүрүн уратыта—француз тылын дириҥэтэн үөрэтэбит уонна омук учуутала кэлэн үөрэтэр. Олус үчүгэйдик үөрэтэр учууталлар баар буолан, мин кыhыл мэтээлинэн бүтэрэр сыаллаахпын. Кинилэр миигин сайыннарбыттарыгар, үөрэппиттэригэр-такайбыттарыгар улахан махталбын тиэрдэбин. Лиссиэйим 25 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин, өссө да үүнэ-сайда турарыгар баҕарабын. Лиссиэйбинэн киэн туттабын.
Остап Чичигинаров, XI кылаас үөрэнээччитэ.
Бииргэ төрөөбүттэрбин тилэх үктээн
Дьиэ кэргэммэр бииргэ тѳрѳѳбүт эдьиийим Айта, убайдарым Петя, Ника саха-француз лиссиэйин бүтэрбиттэрэ. Кинилэр суолларын тилэх үктээн, 2011 сыллаахха бу оскуола боруогун атыллаан, бастакы кылааска үѳрэнэ киирбитим. Бу түгэни олоҕум сүрүн кэрдииһинэн ааҕабын. Ол курдук, барыта сонун, саҥаны билии, бастакы саҕалааһын, ураты эйгэ этэ.
Лиссиэй сүрүн оруола — француз тылын дириҥэтэн үѳрэтии. Маҥнайгы кылаастан омук тылынан саҥарарга, ааҕарга үѳрэнэн барбыппыт. Yѳрэхпит кыһата Францияны кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиир буолан, сылын аайы француз учууталлар хас да ыйга кэлэн үѳрэтэн бараллар. Француз тылын учууталлара Арольд Можер, Елизавета Иннокентьевна VII кылааска үѳрэнэ сырыттахпытына, «Бегемоты» диэн испэктээкили туруорбуттара. Ол испэктээкили француз тылынан саҥаран, оскуолаҕа уонна Дьокуускайга кѳрдѳрбүппүт, кѳрѳѳччүлэр биһирээбиттэрэ.
Пандемия буолуор диэри оҕолор кылааһынан Францияҕа стажировкаҕа баран кэлэллэр этэ. Ол курдук, 2018 сыллаахха лиссиэйбититтэн биэс оҕо буолан, Франция Париж уонна Труа куораттарыгар барар чиэскэ тиксибиппит. Сахабыт норуотун култууратын билиһиннэрбиппит, куораттар кэрэхсэбиллээх сирдэрин кѳрбүппүт. Онно ыалга олохтообуттара, ол француз тылын билэрбитигэр, бэйэ-бэйэбитин ѳйдѳһѳрбүтүгэр туһалаабыта.
Лиссиэйбитигэр өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан кэлэн үѳрэнэллэр. Оҕолор араас хайысханан сайдалларыгар учууталлар кыһамньыларын, билиилэрин уураллар. Yѳрэнээччилэр Саха сиригэр эрэ буолбакка, Россияҕа уонна тас дойдуларга дакылааттарынан, билиҥҥи IT технологиянан кытталлар, ситиһиилэнэллэр. Элбэх билиини ыланнар, киэҥ сирдэринэн үѳрэнэллэр, үлэлииллэр.
Хас сайын аайы «Лингва» Киин оҕолору сынньатар уонна тылга үѳрэтэр. “Лингваҕа” француз преподавателлэрэ кэлэн үѳрэтэн бараллар.
Бу сыллар тухары үѳрэтэн-такайан, бүѳбэйдээн аҕалбыт лиссиэй бары учууталларыгар махталбын тиэрдэбин. Кинилэр кыһамньыларынан элбэх куонкурустарга, олимпиадаларга, кэмпириэнсийэлэргэ кытынным. Улахан махталбын бастакы учууталбар Екатерина Михайловнаҕа, кылааһым салайааччытыгар Елена Борисовнаҕа, наукаҕа хардыыны оҥорорбор сирдээбит Люция Дмитриевнаҕа, омук тылыгар тапталы иҥэрбит, омук сирин кѳрдѳрбүт Ольга Дмитриевнаҕа, Вероника Егоровнаҕа, Елизавета Иннокентьевнаҕа, спортивнай кыахпын таба кѳрбүт Евдокия Гаврильевнаҕа тиэрдэбин. Саха-француз лицейигэр үөрэнэрбиттэн олус үөрэбин уонна киэн туттабын. Мин ситиһиилэрим бу үѳрэппит учууталларым ситиһиилэрэ буолар.
Yѳрэнээччилэргит уонна лиссиэй сайдарын туһугар кыһамньыгыт, сыраҕыт хаһан да уҕараабатын. Тапталлаах лиссиэйбит ѳссѳ да элбэх оҕону инники суолларыгар кынат үүннэрэн, кѳтүтэ турдун!
Александра Никитина, XI кылаас үөрэнээччитэ.
Билиигэ, сайдыыга тардыһа турдуннар
Мин лиссиэйгэ I кылаастан үөрэнэбин. Киирбиппин билэммин олус үөрбүтүм. Олоҕум сүрүн кэмнэрэ манна ааспыттара диэтэхпинэ, сыыспаппын. Маҥнайгы кылаастан лиссиэй оҕолоро француз тылын үчүгэйдик үөрэтэн, билэн, араас олимпиадаларга, куонкурустарга кытталлар, стажировкаҕа Францияҕа бараллар. Француз тылы үөрэтэр учууталбыт Ольга Дмитриевна биһигини улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах олимпиадаларга кытыннаран, улахан ситиһиилэрдээхпит.
Суруйарга, суоттуурга үөрэппит маҥнайгы учууталбар Екатерина Михайловнаҕа, билиҥҥи кылааһым салайааччытыгар Елена Борисовнаҕа, научнай кэмпириэнсийэлэргэ кытыннарбыт учууталбар Азалия Ивановнаҕа, инникибин быһаарар, кэлээри турар эксээмэннэргэ күүстээхтик бэлэмниир учууталларбар махталым муҥура суох.
Баҕарыам этэ тапталлаах лиссиэйбитигэр оҕолор куруутун билиигэ, сайдыыга тардыһа туралларыгар.
Анжелика Сивцева, ХI кылаас үөрэнээччитэ.
Эҕэрдэ сурукпун аныыбын
Күндү үөрэммит Хамаҕатта саха-француз лиссиэйим учууталлара, үөрэнээччилэрэ, үлэһиттэрэ!
Мин, Гоголев Айысхан, 2016 сыл выпускнига, оскуолам 25 сылын бэлиэтиир үбүлүөйүнэн эҕэрдэ сурукпун аныыбын.
2005 сыллаахха Хамаҕатта саха-французскай ассоциированнай оскуолаҕа маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирбитим. Алын кылааска биһиэхэ Матрена Васильевна Канаева кылаас салайааччыта этэ. Түөрт сылы үөрэн-көтөн, кыратык мөҕүллэн, быыһыгар мэниктээн, этэҥҥэ бүтэрэн, саҥа үктэлгэ үктэммиппит. Ол кэмҥэ оскуолабыт саҥа дьиэтэ үлэҕэ киирбит этэ. V кылааска сабыс-саҥа оскуолаҕа үөрэнээри, күүтүү бөҕө буолбуппут.
V-IX кылаастарга салайааччыбыт француз тылын учуутала Ольга Дмитриевна Новгородова этэ. Кэлин кылааспытын икки аҥыы арааран, саҥа оҕолор кэлэн, уларыйыы элбэҕэ. Бу оҕо сааһым саамай чаҕылхай кэмнэрэ этэ. Үөрэх эрэ өттүгэр буолбакка, араас тэрээһиннэргэ кыттарбыт, миэстэлэһэрбит.
IX-XI кылааска история учуутала Евгений Владимирович Васильев салайааччыбыт буолбута. Эр киһи эрчимнээх илиитигэр киирбиппит. Оскуолабар президенинэн талыллыбытым. Оскуола көхтөөх оҕолоро буолан, тэрээһиннэри ыытарга көмөлөһөрбүт, көх-нэм буоларбыт. Лиссиэй аатыттан республикатааҕы “Кэскил” оҕо хаһыата тэрийбит СӨ Ил Дархана Е.А. Борисов оҕолору, эдэр кэрэспэдьиэннэри кытта бастакы пресс-кэмпириэнсийэтигэр кыттыбытым.
Эппиэттээх XI кылааска эксээмэннэргэ бэлэмнэнии саҕаламмыта. Ким туох профильга туттарара, ханнык үөрэххэ туттарсара – барыбытын элбэхтик долгутара. Профильбытын таламмыт, учууталларбытын кытары күүскэ үлэлэһэн, бэлэмнэнэн, эксээмэммитин этэҥҥэ туттарбыппыт, оскуолабытын түмүктээбиппит. Мин физиканы талан, ХИФУ геолого-разведочнай факультет «Нефтегазовое дело» салаатын бүтэрэн, билигин «Сахатранснефтегаз» АО Намнааҕы эксплуатационнай газовай учаастагар үлэлии сылдьабын.
Бииргэ үөрэммит доҕотторбун кытары көрүстэхпитинэ, бэйэ-бэйэбититтэн ыйыталаһабыт: “Ким оскуолатааҕы кэмнэрин төнүннэриэн баҕарарый” диэн. Ким эрэ: «Ээ, суох», ким эрэ, «мин», — диир. Үгүспүт ахтабыт, иитэн таһаарбыт, үөрэппит-такайбыт күндү учууталларбытын, кинилэр мичээрдэрин, саҥаларын, мөҕөллөрүн, таптыылларын, үөрэтэллэрин ахтабыт, бииргэ үөрэммит оҕолорбутун, табаарыстарбытын саныыбыт, оскуолабыт иһин, сытын, сүүрэкэлээбит көрүдүөрбүтүн, үөрэммит кэбиниэттэрбитин, олорбут миэстэлэрбитин, остолобуой минньигэс аһын, чуораан тыаһын, оскуола тэрээһиннэрин, бырааһынньыктарын олус суохтуубут!
Оскуолабар 25 сылынан улахан эҕэрдэбин тиэрдэбин. Салгыы бу курдук үүнэ-сайда турдун. Элбэхтэн элбэх кыайыылары, таһаарыылаах үлэни баҕарабын. Учууталлар, үлэһиттэр куруутун доруобай, дьоллоох, уһун үйэлээх эрэ буоллуннар, элбэх үөрэнээччини туһа дьон буолалларыгар үөрэтэ, иитэ, үүннэрэ турдуннар! Оскуолабар, үөрэппит учууталларбар барыларыгар, кылаас салайааччыларбар Матрена Васильевнаҕа, Ольга Дмитриевнаҕа, Евгений Владимировичка улахан махтал! Сүрэхпэр өрүү бааргыт.
Айысхан Гоголев, 2016 сыллаах выпускник.
Лиссиэй үбүлүөйдээх матырыйаалларын сайтка анаан Жанна Леонтьева бэлэмнээтэ.