«Оччолорго маннык баара буоллар…»
“Мин 12 сааспар дьонум арахсыбыттара. Оо, иэдээн күннэр-дьыллар онно этилэр. Күн аайы хаһыы-ыһыы, араас быдьар тылынан бэйэ-бэйэни үөхсүү, арыт мал-сал, иһит-хомуос алдьаныар диэри этиһии… Мин бырааппын кытта хоспутугар киирэн, кулгаахпытын бүөлэнэн баран олорорбут… Оннук айдаарсан, ол быыһыгар ааттаһан да, ийэм аҕабын кыайан туппатаҕа, син биир быраҕан барбыта. Атын дьахтарга иирэн. Ийэм күн аайы ытыыра. Онтон? Дьүөгэлэрин кытта арыгылыыр буолбута. Бастаан өрөбүллэргэ. Кэлин күн аайы. Ол кэнниттэн? Саҥа “паапаны” аҕалбыта. Иккиэн иһэллэрэ. Аны ол киһи атаҕастабылын, киэптиирин тулуйуу… Бырааппын, ийэбин кырбыыра, миигин тыытаары гынара. Куотарым. Ол саҕана бу кыһалҕаттан сүтэн хаалыахпын наһаа да баҕарарым. Араас куһаҕан санаалар киирэллэрэ…
Билигин саныыбын ээ, оччолорго билиҥҥи курдук психолог өҥөтө диэн баара эбитэ буоллар. Оччоҕо, баҕар, олохпут атыннык салаллыа этэ. Ийэм аһыытын-абатын сатаан аһарбакка, тууйуллубутун кыайан таһаарбакка, ыһыллыбыт санаатын сааһылаабакка, кимтэн да сүбэ-ама ылбакка, арыгынан уоскутунар сыыһа суолу булаахтаабыт эбит. Аны туран, быраатым биһикки олохпутугар оҕо сааспыт ол охсуута наһаа улаханнык дьайда. Быраатым онтон ыла отуора хамсаан, ускул-тэскил сылдьан баран, билигин хаайыы киһитэ буолан сытар. Мин буоллаҕына син олороохтуубун. Оттон-мастан тардыһан…
Кэмигэр уйулҕа үөрэхтээхтэригэр сылдьыбыппыт эбитэ буоллар, сүрэхпит бааһа оһуо-сүтүө, дууһабыт айманыыта умнуллуо этэ дуо?… М.Н.».
Эрийэн кэлэргин күүтэллэр
Кырдьык, психолог өҥөтө диэн наһаа улахан суолталаах көмө. Кинилэр буоллахтара эбээт – дьон дууһатын өрөһүйээччилэр, эмтээччилэр, үтүөрдээччилэр, тостубут куту-сүрү бөҕөргөтөөччүлэр, чөлүгэр түһэрээччилэр.
Ол эрээри эһиги : «Ханнааҕы психологкыт? Билигин да дэриэбинэлэргэ суох. Ол ханна эрэ куоракка баара биһиэхэ туох туһалаах үһү?»— диэххит.
Суох, оннук буолбатах. Ити билбэккититтэн итинник этэҕит. Кинилэр бааллар ээ! Эн аттыгар. Куруук. Күнүстэри-түүннэри. Бу нүөмэрдэргэ эрийэн кэлэргин эрэ күүтэллэр:
8-800-100-2283 — суһал өрөһүйэр сулууспа (мобильная кризисная служба). Өрөспүүбүлүкэ бары муннугуттан БОСХО эрийэн тахсаҕын.
Холобура, ити Н.М. курдук усулуобуйаҕа олорор оҕолор төлөпүөннүөххүтүн сөп. Эбэтэр эн таһараа ыалыҥ оҕолорун кырбыылларын биллэххинэ, “миигин үҥсүбүт диэхтэрэ”, “аны кэһэтиэхтэрэ” эҥин диэн куттаммакка, саарбахтаабакка, харса суох биллэрэр буол. Онно эн кимҥин, ааккын-суолгун сураспаттар. Бэйэҥ этиэххин баҕарбат буоллаххына – кистиигин (анонимно). “Сигнал” кэллэ да, бу сулууспа тута ол дьоҥҥо полиция үлэһиттэрин ыытар. Туох ханныгын тиийэн бэрэбиэркэлииллэр, төһө кырдьыгын-сымыйатын, оруннааҕын быһаараллар. Дьиҥ чахчы буоллаҕына, тустаах уорганнар үлэлэһэн саҕалыыллар. Оҕолорго психологтар өттүлэриттэн көмө оҥоһуллар.
8-800-2000-122, 8-800-100-3550 — итэҕэйэн эрийии (телефон доверия).
Бу эмиэ босхо өҥө. Эйигиттэн да, төлөпүөҥҥүттэн да харчы ылбаттар. Суукка ханнык баҕарар кэмигэр эрийэн кэлэн, уу сахалыы кыһалҕаҕын кэпсиэххин уонна онно сөптөөх сүбэни ылыаххын сөп. Өйдөө: ол кэпсээбиккин ким да ханна тарҕаппат, сонун оҥостон сэһэргээбэт. Онон кыбыстыбакка эрийэргэр сүбэлиибит.
Улуустарга да баар ээ
Биһиги сахалар барытын испитигэр тутар уратылаахпыт. «Кыһалҕабын наһаа атын дьоҥҥо эппэтэх киһи. Кэпсээн буола сылдьыа» — диэммит сэрэхэчийэбит, санаабытын аһаҕастык этэрбитин туттунабыт, бэйэбититтэн атын кимиэхэ да эрэммэппитин биллэрэбит. Уонна, дьэ, бүтэр уһугар, ити Н.М. ийэтин курдук, муҥурданыыга тиийэбит, эҥин араас буолабыт. Оттон туох баар психологтар сүбэлииллэр эбээт: «Муунтуйа сылдьыма, ыар баттыккын кимиэхэ эрэ кэпсээҥҥин чэпчээ», — диэн.
Ол иһин сайдыылаах аныгы дьон сиэринэн, уустук балаһыанньаҕа түбэстэххитинэ, тууйуллуннаххытына, хайаан да идэтийбит психологка сылдьыҥ. Оннук консультацияны эһиэхэ буор БОСХО Дьиэ кэргэн уонна ыччат социальнай-психологическай өйөбүлүн өрөспүүбүлэкэтээҕи киинэ оҥорор. Дьокуускайга аадырыстара: Каландаришвили 21 №-дээх дьиэтэ. 19, 15, 2 №-дээх оптуобустар сылдьаллар. Тохтобулун аата «СМУ-4» эбэтэр биир өттүттэн «31-с оскуола». Эрдэ 8-411-2-35-10-46 төлөпүөҥҥэ эрийэн суруйтараҕыт.
Эһиги да улуускутугар бу киин филиала баар ээ. Эмиэ эрийэн тиийэҥҥит, консультацияҕа суруйтарыаххытын эбэтэр төлөпүөнүнэн ылыаххытын сөп.
Абыйга – 8(41159)21-616;
Аммаҕа – 8(41142)41-722 csppm-amga@mail.ru;
Алдаҥҥа—8(41145)34-428 psycentr.aldan@yandex.ru;
Аллараа Халымаҕа – 8(41157)22-554 psycentr-nk@yandex.ru;
Дьааҥыга –8(41165)21-216 psycentr-batagay@mail.ru;
Бүлүүгэ – 8(41132) 43-953 idolgu-yana@yandex.ru;
Горнайга –8(41131)42-350 psycentr-gorn@mail.ru;
Мэҥэ Хаҥаласка – 8(41143)43-013 psycentr-maya@mail.ru;
Намҥа – 8(41162)42-403 nampsy@mail.ru
Нерюнгрига – 8(41147)62-284 psicentr-nerungri@mail.ru;
Ньурбаҕа – 8(41134)23-277 nyurbacentr@mail.ru;
Өлөөҥҥө – 8(41169)21-888 aillaana@mail.ru;
Өлүөхүмэҕэ –8(41138)41-230 olekma_molotdel@mail.ru;
Cунтаарга – 8(41135)22-127 suncentr@mail.ru;
Тааттаҕа – 8(41152)42-788 marinika.v@yandex.ru;
Уус Алдаҥҥа 8(41161)42-905 psycentr-usaldan@mail.ru;
Усуйаанаҕа – admmolsport@mail.ru;
Хаҥаласка – 8(41144)41-494 psy-hanalas@mail.ru;
Чурапчыга – 8(41151)42-718 psycentr-churapcha@mail.ru.
Бэлэмнээтэ Анисия Иевлева.