Ийэ тылынан ааҕыыны, фольклору, култуураны уонна төрүт дьарыгы үөрэтиини сайыннарыыга туһуламмыт, Ил Дархан Граныгар кыайбыт сырдатар-чинчийэр бырайыак чэрчитинэн, төрөөбүт тылынан ыстатыйалары уонна уус-уран айымньылары суруйууга оҕолорго уонна ыччакка аналлаах «Өбүгэ үөрэҕэ – омук баайа» диэн маастар-кылаас буолла.
Тэрээһиҥҥэ хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар уонна саха оҕолоро кытыннылар. СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Варвара Корякина, http:// sakhaetigentyla.ru/ саайт, о.д.а. төрүт култуураны, тылы-өһү сайыннарар, ааҕыыны чинчийэр, аан ситимнэри үлэлэтэр, уопсастыбанньык, тыл билимин хандьыдаата Ангелина Кузьмина, Арассыыйа суруйааччыларын уонна суруналыыстарын чилиэнэ Ираида Попова ыыттылар. Маннык үөрэҕи “Саха өйүн-санаатын баайын уонна култууратын сырдатар-чинчийэр киин” кэмиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ тэрийдэ. Тэрээһини ыытыыга бырайыак социальнай партнердара СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, СӨ суруйааччыларын Сойууһа көмөлөстүлэр.
Бырайыак быһыытынан төрөөбүт тылынан айар үөрүйэхтэри сайыннарарга, хомоҕойдук саҥарарга үөрэтэр маастар-кылаастар, күрэстэр өссө да буолаллара күүтүллэр. Ону тэҥэ Саха сиригэр төрүт олохтоох омуктар төрүт култуураларын, сиэрдэрин-туомнарын, фольклордарын уонна ускуустубаларын үөрэтэр биэриилэр “Дьүкээбил” ютуб-ханаалга, ыстатыйалар http:// sakhaetigentyla.ru/ саайтка тахсаллар.
Үөрэхтээһин түмүгүнэн бастыҥ айымньыларынан кинигэ тахсара былааннанар. Кинигэҕэ Саха сирин төрүт олохтоох омуктар төрөөбүт тылларынан оҕолор уонна ыччат айымньылара киириэхтэрэ. Хас биирдии омук тылыгар туһааннаах дьүүллүүр сүбэ үлэлиэҕэ. Ону тэҥэ бу оҕолор айымньылара тахсыар диэри суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ үөрэтэн-такайан ийэ тылынан айар дьоҕуру сайыннарыыга тирэх буолуохтара.
Маастар-кылаас туһунан санаалар
Сунтаар улууһун Илимниирдээҕи сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Уйгууна Николаева:
— Наһаа үчүгэй уонна интэриэһинэй маастар-кылаас буолан ааста. Хайдах ыстатыйа суруйарга үөрэнним, элбэҕи билбэппин көрдүм-иһиттим. Айымньыны суруйарга төрөөбүт тылбыт баайын дириҥник билиэхтээх уонна туттуохтаах эбиппит. Сыыс тылы уонна нууччаттан киирбит тыллары кыбыппат ордук эбит диэн түмүккэ кэллим.
Сунтаар улууһун Илимниирдээҕи сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ Мичил Павлов:
— Мин билбэппин элбэҕи эттилэр. Саха тыла наһаа элбэх биллибэт кистэлэҥ тыллаах эбит. Айымньыны айарга анал ньымалары хайдах туттуохха сөбүн биллим. Биһиги оҕолор төрөөбүт тылбытынан айымньыны ааҕа, санаабытын уус-ураннык сурукка тиһэ үөрэниэхтээхпит дии саныыбын.
Сунтаар улууһун Илимниирдээҕи сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Анна Егоровна Яковлева:
— Оҕолорго да, биһиэхэ учууталларга да олус наадалаах маастар-кылаас буолан диэн сыаналыыбын. Суруйааччылар Варвара Корякина, Ираида Попова уонна тыл билимин хандьытаата, суруйааччы Ангелина Кузьмина инникитин диэн туһаайан бу тирэх буолуо диэн айар тыл маастарыстыбатыгар үөрэттилэр. Маннык тэрээһиннэр өссө да буола туралларыгар ис сүрэхпиттэн баҕарабын уонна тэрийээччилэргэ махталбын биллэрэбин!
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Семен Захарович Борисов аатынан Тыыллыма орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Рада Алиева:
— Маастар-кылааска сахалыы суруйуу быраабылаларын, ньымаларын туһунан киһи болҕойон истэрин курдук өйдөнөрдүк кэпсээтилэр. Миэхэ олус туһалаах үөрэх буолла. Суруйааччылар тус бэйэлэрин уопуттарыттан үллэстибиттэрэ төрөөбүт тылынан айарга холонорбор үчүгэй холобур буолла.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Семен Захарович Борисов аатынан Тыыллыма орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Инесса Борисова:
— Маннык тэрээһин буолбута биһиэхэ оҕолорго өйтөн айарбытыгар уонна төрөөбүт тылбытынан сөптөөхтүк суруйарбытыгар ыытылынна. Олус элбэх оҕо кытынна. Урут өйдөөбөккө, билбэккэ сылдьыбыппын элбэҕи биллим.
С.Ф.Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж 3 кууруһун устудьуона Сайыына Сивцева:
— Тэрээһин биһиги хас биирдиибитигэр саҥа билиини арыйда. Саха тылын хайдах таба туттарбытын, уус-уран айымньыга ханнык ньымалары туттан суруйарбытын уо.д.а. Төһөлөөх ыччат төрөөбүт тылын сүтэрэн эрэрий. Оннооҕор Сахабыт сирин СМИ-гэр сахалыы сатаан суруйбат, саҥарбат буоллулар диэни элбэхтик истэбин. Онон маннык тэрээһин ыытыллара наһаа наадалаах дии саныыбын. Тэрийээччилэргэ махталбытын тиэрдэбит!
Ити курдук ыччат төрөөбүт тылын баһылыырыгар эргиччи өттүнэн сайыннарарга туһааннаах тэрээһиннэр Саха сирин төрүт олохтоох омуктарын дьылҕатыгар төһүү күүс буолуохтара. Ханна, хайдах кыттыахха сөбүн сиһилии http:// sakhaetigentyla.ru/ саайтан билиэххитин сөп.
Мария ТАТАРИНОВА, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн,
Сунтаар улууһа.