Алтынньы ый 1-14 күннэригэр биһиги оскуолабытыгар «Аҕам саастаахтар күннэрин» декадата буолла. Декада чэрчитинэн «Үтүө санаа уонна ытыктабыл» бэтэрээн дьиэтигэр сылдьыы, «Махтал, үлэни өрө туппут ветеран!» бэтэрээн үлэлээбит кэмнэрин сырдатар иһитиннэрии, «Мин тапталлаах эбээм, эһээм» хаартысканан, буклетынан эркин стендэтэ, «Үтүө санаа илдьитэ» аккырыыкка оҥоруута, «Кыһыл көмүс саас» видеоролик, «Мин сааһым-мин баайым» кинигэ уонна түмэл экспонаттарынан быыстапка тэрээһиннэрэ ыытыланна.
«Үтүө санаа уонна ытыктабыл» күнүгэр хас биирдии кылаас анаммыт бэтэрээннэрбитигэр дьиэлэригэр баран, атах тэпсэн олорон сэһэргэһэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сылын чэрчитинэн эдэр сылдьан тугу үлэлээбиттэрин ыйыталаһан, элбэҕи билэн, астынан кэллибит. Ол туһунан биһиги оҕолорбут маннык суруйаллар:
Тохсустар Герой Ийэҕэ сырыттылар
Биһиги нэһилиэкпит ытык кырдьаҕаһыгар, 90-чалаах үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Герой Ийэ Неустроева Матрёна Харитоновнаҕа ыалдьыттаатыбыт. Кини олоҕун кэрчиктэрин туһунан сэһэнин сэргии иһиттибит.
Ол курдук, Матрёна Харитоновна сэтинньи 10 күнүгэр 1933 сыллаахха Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгэр холхуостаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Кыра эрдэҕиттэн үлэни өрө туппут, сэрии сылларын аччык олоҕун этинэн-хаанынан билбит. Элбэх киһи ити кэмҥэ аччыктаан өлөрүн көрбүт. Ол суостаах сыллартан кини дьиэ кэргэнэ сүөһүлээх буолан, этэҥҥэ туораабыт. Сүөһүлэрин этин сиэн, үүтүнэн суорат уонна тар оҥостон, хоргуйбатах эбиттэр.
Мотрёна Харитоновна сэттис кылааһы бүтэрэн баран, Дьокуускай куоракка педагогическай училищеҕа баспытаатал үөрэҕэр киирбит. Идэтинэн уонча сыл үлэлээбит. Онтон 1955 сыллаахха тылланан, бэйэтин баҕатынан куорат таас дьиэлэрин тутууга үлэлээбит. Кыһыннары-сайыннары эр дьоннору кытта тэҥҥэ ыарахан үлэни толорбут. Бастыҥ үлэтин иһин, Москуба куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы тутааччылар сүбэ мунньахтарыгар Саха Сириттэн төрдүө буолан кыттыыны ылбыттар. Бу кэмҥэ туппут таас дьиэлэрэ билигин да Дьокуускай куораппытыгар турарыттан, куорат киин уулуссатын дьиэлэрин киэргэтэллэрин үөрэ кэпсиирин астына иһиттибит.
Кэлин 60-ус сыллар саҕаланыыларыгар Уус Тааттаҕа кэлэн, ыал буолан, уон оҕону төрөтөн, атахтарыгар туруоран, нэһилиэкпит биир бөдөҥ дьиэ кэргэнин быһыытынан олохсуйбут. Манна Петр Алексеев аатынан сопхуоска өр кэмҥэ ыанньыксытынан, ыччат аҕа сүбэһитинэн үлэлээбит. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, нэһилиэккэ бастакынан бааһынай хаһаайыстыба тэриммит. Өбүгэлэрин өтөҕөр сайылык тэринэн, ынах-сүөһү, коза, кус-хаас ииттэн сиэннэрин, хос сиэннэрин үлэҕэ уһуйар.
Биһиги Матрёна Харитоновна сэһэнин олус интэриэһиргээтибит, олорбут олоҕун, үлэтин сөхтүбүт. Тыа хаһаайыстыбатынан оҕону уһуйар агрооскуолабыт оҕолоро үүннэрбит уохталарын барыанньатынан уонна кучу чэйинэн күндүлээтибит. Түмүгэр, Матрёна Харитоновна ытык сүбэтин, баҕа санаатын иһиттибит. Уолаттарбыт мас саһааннаан көмөлөстүлэр.
Попова Виолетта, Васильева Диана, Макарова Дарина, IX кылаас.
Бэтэрээн учууталга
Биһиги, бэһис кылаастар, алтынньы ый 11 күнүгэр Аҕам саастаах дьон декадатыгар аналлаах “ День добра и уважения” кылаас чааһыгар Анна Алексеевна, Василий Васильевич Тарабукиннарга дьиэлэригэр тиийэн, бэйэбит оҥорбут аккырыыккабытын туттардыбыт, монтаж-хоһоон аахтыбыт.
Педагогическай үлэ ветерана Анна Алексеевна түөрт уонча сыл Уус-Таатта орто оскуолатыгар математика учууталынан үлэлээбит, элбэх оҕону үөрэппит. Үөрэппит оҕолоруттан кини курдук идэни баһылаабыт оҕолорун киэн тутта кэпсээтэ. Онтон үлэ бэтэрээнэ Василий Васильевич урукку совхоз үлэтин, билиҥҥи бириэмэҕэ сылгыны иитии туһатын, үчүгэйин кэпсээтэ. Бииргэ үөрэнэр табаарыспыт Сандал Тарабукин эбэлээх эһэтэ биһиэхэ бэрээдэктээх буолан, үөрэххэ кыһаныахтаахпытын, үчүгэй дьон буола улаатан тахсарбытыгар баҕа санааларын эттилэр. Кэлэр саас, сайын сылгы иитэр сайылыктарыгар ыалдьыттата ыҥырдылар, минньигэһинэн күндүлээтилэр.
Элбэх интэриэһинэйи эбии билэн, үөрэ-көтө тарҕастыбыт, кинилэргэ үтүөнү, доруобуйаны баҕардыбыт.
Алекса Лебедева, Ляна Неустроева, V кылаас
Үлэнэн тыыннаах хаалбыт сэрии кэмин оҕото
Быйыл биһиги оскуоланы бүтэрэр, орто анал үөрэҕи ылар эппиэттээх сылбыт. Үөрэммит сылларбыт тухары, биһигини, умсугутуулаах уруоктар, үгүс үөрүүлээх күннэр, киһи өйүгэр-санаатыгар хатанан хаалар тэрээһиннэр буоллулар. Олортон биир умнуллубат түгэммит быйылгы Аҕам саастаахтар күннэрин декадата буолар. Бу декада иһинэн, сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр, нэһилиэк биир кырдьаҕас олохтооҕор Голикова Варвара Софроновнаҕа баран, мас хайытан көмөлөһөн, ыалдьыттаан кэллибит.
Варвара Софроновна 1934 сыллаахха Алдан нэһилиэгэр,биэс оҕолоох ыалга төрөөбүт. Аҕата кырдьаҕас буолан, Аҕа дойду сэриитигэр барбатах. Колхозка үлэлии сылдьан атаҕын өлөрөн, өр баҕайы сыппыт, онтон өлбүт. Ийэлэрэ соҕотох биэс оҕону бэйэтэ иитэн, аһатан, таҥыннаран, үлэҕэ уһуйан улаатыннарбыт. Сэрии сылларыгар ас- таңас кырыымчык, дьиэ-уот суох эбит . Ол иһин кыра эрдэҕиттэн улахан дьону батыһа сылдьан, үлэлээн айаҕар ас булан, киһи-хара буолбут. Кыһынын үөрэммит, сайынын оттообут, кирпииччэ үктээбит, саһаан охсуубут, улахан дьону кытта тэңңэ үлэлээн улааппыт. Варвара Софроновна оҕо сылдьан, сарсыарда эрдэ үлэлии тахсарын, киэһээ хойуут ходууһаҕа сиик түстэҕинэ дьиэлиирин, баран-кэлэн иһэн бултаан, балыктаан аһыырын сөҕө иһиттибит. Сэрии кэннэ, хата, куобах элбээбит эбит. Төһө бултуйалларыттан бэйэ — бэйэҕэ бэрсиһэн, көмөлөсүһэр этибит диэн долгуйа аҕынна. Онтон «оччотооҕу оскуола туох уратылаах этэй» диэн ыйыппыппытыгар, «- Оскуолаҕа үөрэнэ олорон аччыктаан мэйиибит эргийэр этэ. Ол кэмңэ бары үөрэхпитигэр кыһаллан үөрэниэхтээх этибит, куһаҕаннык үөрэнэр буоллаххына, ол аата эн өстөөхтөр диэки буолаҕын дииллэрэ. Уруучука диэн суоҕа, чэрниилэ укта сылдьарбыт, ол чэрниилэбит тохтон сору сордуура. Оскуолабыт тымныы баҕайы буолан, тэлигириэйкэнэн сылдьарбыт…” — диэн хоруй биэрдэ. Эмиэ да соһуйдубут… Эмиэ да аһынныбыт… Эмиэ да оччотооҕу үөрэх кытаанаҕын, бэрээдэк ирдэбилэ кытаанаҕын, күүстээҕин сэрэйдибит…
Түмүккэ, Варвара Софроновна эдэр ыччакка үлэни өрө тутан үлэлииргэ, үлэһит, бэрээдэктээх буоларга, чиэһинэй суолу тутарга, дьону харыстыырга, көмөлөөх буоларга, сайдыылаах олоххо үөрэхтээх буолан, идэни баһылыырга сүбэлэри биэрдэ, баҕа санаатын тиэртэ. Кытаатан сырдыкка тардыһан, куһаҕаны кыйдаан, бар дьоңңо үтүөнэн сыдьаайа сылдьарга алгыс тылын анаата.
XI кылаас үөрэнээччилэрэ.