Н.Д. Неустроев аатынан Уус Таатта орто оскуолатыгар 2024-2025 үөрэх дьыла Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Таатта улууһугар Итэҕэл, Таптал, Эрэл сылларыгар аналлаах балаҕан ыйын 2 күнүгэр арылынна.
Үөрүүлээх тэрээһин дойдубут гимнэринэн, былаахтары өрө таһаарыынан саҕаланна. Былаахтары линейкаҕа киллэриигэ, оскуолабыт таһыгар өрө таһаарыыга 2023-2024 үөрэх дьылын уһулуччу ситиһиилэригэр, Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр олимпиадаларын омук тылыгар региональнай түһүмэҕин призеругар Дарина Макароваҕа, хотугу многоборьеҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы Арктическай оонньуулар призеругар Володя Гуляевка, орто оскуола үөрэнээччилэрин «Бастыҥнар хамсааһыннара» хамсааһын лидеригэр Алена Колодезниковаҕа чиэс бэрилиннэ.
Билии күнүнэн педагогическай коллективы, ветеран учууталлары, бары төрөппүттэри, үөрэнээччилэри оскуолабыт директора Гайдар Гаврильевич Винокуров, Алдан нэһилиэгин аҕа баһылыга Егор Николаевич Постников эҕэрдэлээтилэр. «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон аҕа баһылыгын солбуйааччылара Гаврил Гаврильевич Петров, Максим Николаевич Колодезников бастакы кылааска киирэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар Афанасьев Айылааҥҥа, Местников Айгылааҥҥа бэйэлэрин бэлэхтэрин туттардылар. Онтон Ил Түмэн депутата Виктор Николаевич Лебедев Билии күнүнэн эҕэрдэлээн, маҥнайгы кылааска киирэр оҕолорго атах таҥаһын рюкзагын уонна оскуола хас биирдии үөрэнээччитигэр үөрэнэр тэтэрээт ыыппытын бэлэх ууннулар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ күүтүүлээх ыалдьыттарынан ветеран учууталларбыт буоллулар. Кинилэр ааттарыттан Алдан нэһилиэгин бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Анна Алексеевна Тарабукина эҕэрдэ тылын эттэ уонна 50-с Билии күнүн көрсөр Антонина Николаевна Неустроеваҕа араас сылларга бииргэ үлэлээбит коллегаларын аатыттан эҕэрдэ сурук, өйдөбүнньүк бэлэх туттарда.
Быйылгы үөрэх дьылыгар оскуолабытыгар 15 үөрэнээччи маҥнайгы кылааска киирдэ. Кинилэри саҥа үлэлии кэлбит учуутал Феодосия Романовна Петрова үөрэх-билии эйгэтигэр сирдиэ. Үөрэнээччи аатын сүкпүт Эмма Неустроева уонна оскуолабыт 11 кылааһын бастыҥ үөрэнээччитэ Эдик Колодезников маҥнайгы чуорааны долгуйа тыаһаттылар.
«Бастыҥнар хамсаһыннара» хамсааһын бары кыттыылаахтара, оскуолабыт 8-11 кылааһын үөрэнээччилэрэ педагогическай коллективка, оскуолабыт бары ветеран учууталларыгар сибэкки дьөрбөтүн туттардылар, сылын аайы ыытыллар «Помоги пойти учиться» ааксыйа чэрчитинэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьиэҕэ олорон үөрэнэр оҕолорго амарах санаа көмөтүн оҥордулар.
Үүммүт саҥа үөрэх дьыла дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээтин, кэнчээри ыччаппытын кэскиллээх олоххо сирдээтин!
Анна Кочнева, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы.