Быйыл оҕо-аймах сөбүлүүр хаһыата «Кэскил» («Бэлэм буол») 85 сылын бэлиэтиир. Бу киэҥ, баай историялаах, оҕо суруналыыстыкатын үтүө холобура, бэйэтэ бренд буолбут хаһыат. 50 тахса сыл кылаабынай эрэдээктэринэн үлэлээбит Нина Иннокентьевна Протопопова уһуйуутунан биллиилээх суруналыыстар, тэрилтэлэр салайааччылара уһаарыллан, үүнэн-сайдан тахсыбыттара. Уус-Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов айар үлэҕэ, салайар үөрүйэххэ, үлэҕэ сыһыаҥҥа үтүө холобурун аан бастаан номох буолбут эрэдээктэр Нина Протопоповаттан ылбытын туһунан истиҥ-иһирэх тылынан ахтар.
Күндүтүк саныыр, үтүөнэн эрэ ахтар “Кэскил” хаһыаппын, бары коллегаларбын үтүө үбүлүөйдээх сылынан итиитик- истиҥник эҕэрдэлиибин!
“Кэскил” уонна “Юность Севера” туһунан өйдөбүл тус бэйэбэр Нина Иннокентьевна Протопопова курдук үтүөкэн киһини кытта ыкса сибээстээх. Ол туһунан күн бүгүҥҥэ диэри этэбин, үтүөнэн эрэ ахтабын. Ытыктыыр киһим үлэҕэ сыһыаҥҥа, дьону, кэллэктииби кытта кэпсэтии, алтыһыы үөрүйэхтэригэр уһуйбутун, олус элбэххэ үөрэппитин-такайбытын умнубаппын. Элбэҕи өйдүүр, мындыр, киһиттэн туох ирдэнэрин чопчу быһаарар, тулуурдаах, киэҥ санаалаах салайааччы быһыытынан билинэбин.
Нина Иннокентьевна миигин, үһүс курска саҥа тахсыбыт устудьуону, таба көрөн, тус бэйэтэ кэпсэтэн, маҥнай кыра соруктары туруоран, сыыйа үлэҕэ сыһыаран, киллэрэн барбыта. Үөрэхпин үлэни кытта дьүөрэлээн, сүүрэ-көтө сылдьан, саха тылыгар үөрэнэр киһини «тоҕо хайаатар да нууччалыы суруйтара сатыырый» диэн оччолорго мунаахсыйар да түгэннэрим бааллара. Ол эрээри, “Кэскил” уонна “Юность Севера” хаһыаттарга үлэлии сылдьан сахалыы да, нууччалыы суруйарга үөрүйэҕим, олоҕум тухары туһалаах буолла.
Варвара Николаевна Угарова, Екатерина Анатольевна Третьякова, отделым салайааччыта Евдокия Семёновна Иринцеева курдук, билигин санаатахха, сиэтэ сылдьан үөрэппиттэр эбит, онон кинилэргэ махтана саныыбын.
Маҥнайгы кылаастан бастыҥ учууталга, университекка киэҥ билиилээх преподавателларга, онтон үлэбин саҕалыырбар үтүө дьоҥҥо түбэспитим – олоҕум суолугар биир улахан табыллыы диэн саныыбын уонна сыаналыыбын.
Бэйэтэ оҕо курдук ыраас санаалаах, бэйэ-бэйэҕэ үтүө сыһыаннаах, Амма Аччыгыйын курдук дьонтон салҕанар үтүө ауралаах коллективпын умнубаппын. Бастакы командировкаҕа барыы, араас идэлээх, санаалаах дьону кытта алтыһыы, мунньахтарга кыттыы – барыта “Кэскилтэн” саҕаламмыта.
Миигин ииппит, үөрэппит хаһыаппар туох баар үтүөнү баҕарабын, сайдан, үүнэн истин! Олус элбэх информация баар билиҥҥи кэмигэр биһиги хаһыаппыт оҕолору үтүөҕэ, сырдыкка, ырааска үөрэтэр, айар куттаах оҕолору мунньар сүрүн киин буолан олороруттан астынабын.
Ольга Ивановна Семенова иилэн-саҕалаан, билиҥҥи ирдэбилгэ таба суолу тутуһан үлэлииргитигэр бигэ эрэллээхпин. Барыгытыгар үтүөнү, кэрэни, сайдыыны баҕарабын!