Уус-Алдан улууһугар Суотту нэһилиэгэр Сергей Степанович Васильев — Борогонскай аатынан Хоноҕор оскуолатыгар түмэл баар.
Сергей Степанович Васильев – Борогонскай Ильмень күөлгэ охтубут, Улуу Новгород сирин босхолоспут саха буойуттарын ааттарын үйэтитэргэ үлэтэ, айымньыта саха норуотугар сүдү суолталаах.
Кыһыл Кырдал сиригэр буойун-поэт Сергей Васильев-Борогонскай түмэл-дьиэтигэр оскуолаҕа үөрэммит паартатыттан саҕалаан кинигэлэрэ, хаартыскалара, туттубут тэрилэ баар. Сэттэ туруйа киирбит дьону айхаллыы көрсөргө дылы.
Экспонаттар быыстарыгар ураты бэлэхтэр бааллар. Бу Ильмень күөл тааһа уонна саха буойуттара көмүллүбүт сирдэрин буора. Норуот депутата Александр Николаевич Жирков анаан-минээн поэт биир дойдулаахтарыгар аҕалбыт эбит.
Ильмень күөл тааһын уратыта — кыргыһыыга охтубут хайыһардьыт-буойуттар хааннара иҥпит курдук кыһыл бээтинэлээхтэр.
А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназиятын
6 в кылаас үөрэнээччитэ Попова Кюннэй