Биирдэ Амма суолунан Күннүк хайатын аттынан айаннаан иһэн оҕо ийэтиттэн ыйытта: «Ити Күннүк диэн тугуй?». Ону ийэтэ: «Ээ, ити сыыр аата», — диэн өскүөрүтүн эрэ хоруйдаабыта.
Саха оҕото Күннүк Уурастыырап курдук суруйааччыбытын билбэтиттэн, ийэтэ оҕотунааҕар ордук билбэтиттэн олус хомойбутум. Биһиги, кырдьаҕас көлүөнэ, баҕар, бэйэбит да алҕаспыт баара буолуо — оҕонньор аатын ыччакка ситэ тиэрдибэппит.
Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап 115 сааһын туолар күнүгэр кини туһунан оҕолорго, үүнэр ыччакка, саха тылын учууталларыгар, сахалыы тыллаах төрөппүттэргэ туһаайан кэпсиэхпин баҕарабын.
Уурастыырап эһээтэ уонна мин хос эһээм бииргэ төрөөбүттэр. Миигин «сиэним» диэн ааттыыра. Оҕонньор тылын-өһүн, олоҥхолуурун 1977 сыллаахха магнитофоҥҥа уһулбуппун кичэллик харайан, хараҕым харатын курдук харыстаан бу күҥҥэ диэри илдьэ кэллим.
Ити көрсүһүү 1977 сыллаахха Аммаҕа буолбута. Владимир Михайлович 70 сааһын Аммаҕа кэлэн бэлиэтээбитэ. Ол кэнниттэн аймахтара, чугас дьоно биһиэхэ мустаммыт ирэ-хоро кэпсэппиппит. Оҕонньор уус тылын истэн, сэһэн-сэппэн бөҕөтө буолбуппут.
Мин төһө да 80 сааспар тиийэн олордорбун, ити буолан ааспыт истиҥ, сылаас тыыннаах көрсүһүүнү умнубаппын. Оччолорго 35 саастаах эдэр киһи этим. Оҕонньор ити көрсүһүүбүтүгэр дойдутун Эмис кырдьаҕастарын, эһэтиттэн илдьэ хаалбыт былыргы номохтору кэпсээбитэ, олоҥхолообута. Этэрбэсчит дьахтар диэн былыр хайдах дьахтары, тоҕо итинник ааттыылларын туһунан кэпсээбитин олох умнубаппын. Былыргы сарыы этэрбэс улахан сыраттан тигиллэн тахсарын, дьахтар эрэ барыта ону сатаабатын туһунан өйдөөн хаалбыппын. Баччааҥа диэри ыты көрдүм эрэ, Күннүк Уурастыырап этэрбэс тумсун туһунан кэпсээбит номоҕун өйдүү биэрэбин.
- ”Этэрбэсчит дьахтар диэн хайдах дьахтары ааттыылларый? Суох, иистэнньэҥ буолбатах. Былыргы саары этэрбэс тумустаах буолар. Ол тумса киһи икки атаҕар уҥа-хаҥас өттүгэр кэтэригэр маарыннаһар гына кыайан сатаан тэҥ буолбат эбит. Ол туһунан өссө номох баар. Киристиэс үөскүүрүн саҕана этэрбэс тумсун ыт уоран сиэн кэбиспит. Онуоха диэри тигиллэр этэрбэстэр тумустара барыта үчүгэй, тэҥ эбит. Ыт туохтан уоран сиэбитий диэтэргит, ыт кыһыйан-абаран сиэбит. Эккэрэһэ Дьэбэдьэкиэйэ ааттаах этэрбэсчит эбит. Саары этэрбэс тумсун биир тэҥ гына тигэр эбит.
- Ыт былыргы номоххо кэпсэнэринэн, өйдүүр өйдөөх, саныыр санаалаах, үөрэр сүрэхтээх, хомойор быардаах киһи эбит. Эһэ буоллаҕына, таҥараттан саа көрдөөбүт. Эһэҥ түөрт эрэ тарбахтаах, эрбэҕэ суох. «Сылдьарбар кыһалҕалаах, онон саата аҕал», — диэн көрдөспүт. Таҥара биэрээри гыммыт. Ону ыт бырачыас түһэрбит: «Эһэ диэн ааттаах алдьархайдаах ороспуой, кини сааланнаҕына алдьархайы оҥоруоҕа. Эһэ сааланар буоллаҕына, миэхэ эмиэ саата аҕал», — диэбит. Ону Таҥара толкуйдуохха сөп диэн эһэҕэ эппит: «Дьэ, нокоо, саа биэриэхпин баҕарабын, ол гынан баран ыт саа көрдөөтө». Ону истэн көр, эһэ аккаастаммыт ээ: «Ыт сааланар буоллаҕына, алдьархайы оҥоруоҕа, ол кэриэтин эн миэхэ сааны биэримэ»., — диэн.
Бу номоҕу Күннүк Уурастыырап эт куолаһынан кэпсиирин манна истиҥ.
Бэйэм олорон кэлбит олохпор Күннүк Уурастыырап олоҥхотун эт кулгаахпынан истибит, «ноо» диэн сэҥээрбит дьоллоох киһибин. 1977 сыллаахха буолбут көрсүһүүгэ оҕонньор «Тойон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардан толорбута. Киҥнээх Ат Тимир Дэбдиргэн бухатыырга Тойон Дьаҕарыма «ойохпун уорбуттарын ирдэһэ аллаара дойдуга киирдим, өллөхпүнэ киирэн эккирэтээр диэн» ыллыыр.
- “…эрэй-муҥ бөҕөтүн көрөн, ойоҕун уолугунан айахтаах, оройунан харахтаах болуо таас систээх, болгуо таас бастаах быхатыыр, хоонньоһон утуйа сыттахтарына, уоран-талаан барбыт. Ону эккирэтэн түһэн иһэн, үөһэттэн түөртээх соноҕос көҕөрөр эбир тылбаасчыта киирэн кэлэр. Ол киирэн дьэ, бу эн сыыһа баран иһэҕин, биир дьахтар тыынын тыыннаныма, киһи кыайан тахсыбатах, түспүт киһи төннүбэтэх сиригэр киирэн иһэҕин диэн ыллаан барбыт. Биһи киһибит өһөс киһи буоллаҕа дии. Биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай, биир уол оҕо ханна төрөөн өлбөтөҕөй диэн баран, дьэ көрдөр хараҕым дьүккэтин, көтүрдэр тииһим миилэтин, көптөр сүрэҕим чопчутун, көттөр кынатым куорсунун көмүс бэйэлээхпин хайдах гынан быраҕыахпыный диир. Алларааҥҥы атаан билэлээх, аладьатыылаах сырыылаах, адьырҕа тиистээх, амсыыр айахтаах, ап хомуһуннаах, аба икки арда арахсыылаах ампаардаах ата алта биистэрин уустарын аллаах ат сылгы айаннаан албан-чаҕаан ааттарын ааттаан, аҕыс хараҕалаах аартык суол айаҕын арыйар күрүөҕэ үтүө ыалы үөлэстэрин үүтүнэн өрүкүйэн көҕөрөн көстөр үс күттэхтээх өнтөл маҥан халлаан ситиэн-имиэн дойду киилэ кииллээх, тумаан-имээн дойду туоһа туостаах, хатаан-имээн хатыҥыр атынан уорҕата дырдыгыр истээх, талба буоллар табаҕын сыата, сордоҥ балык бытыгын кырдьы бэлиэлээх сэттэ тэһэ-хаһа балык иэнин улуу сир тоҕойдоон түһэн сытарын курдук диҥ гына нөҥүө кулгаах тааһыттан нөҥүө кулгаах тааһыгар диэри аҥаарыччы тардан туран, тоҕус уолан киһи субай хаанынан уһаарыллан оҥоһуллубут кураарыччы кустуу оҕун туора тутан туран, үс бүттэхтээх көҕөрөн көстөр өндөл маҥан халлаан үрүт өттүн диэки өрө кыҥаан туран, кинийдээн бэйэлээх киһи курдук диэн ырыа ыллыы, тойук туойа уоһа хоройо, уоһа чорбойо, уолуга томтойо, тэлэкэчийэ-тэрбэчийэ тыына-тыбыыра, лиһигирии дибдигирэ хаһытыы-хаһытыы турбута эбитэ үһү. Тойон Дьаҕарыма бухатыыр ити. Киҥнээх Ат Тимир Дэбдиргэн диэн бухатыырга «аллаара дойдуга киирдим, өллөхпүнэ киирэн эккирэтээр» диэн ыллыыр“.
Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхотуттан быһа тардан толорорун манна истиҥ.
Ити көрсүһүү кэнниттэн төрөөбүт дойдутугар Эмискэ таптаан туойбут, хоһуйбут Тукулуттатыгар тиийэ сылдьыбыппыт, балыктаабыппыт. «Дьэ кутааны үчүгэйдик оттуҥ», — диэн баран оҕонньор уус тылынан сир-дойду аатын барытын ааттаан туран, алгыс тылын эппитэ. Истиэххэ астык, киһи кулгааҕа сымныыр, эти-сиини уоскутар уран тыл-өс диэн онно баар этэ.
Дойдутугар Эмискэ кырдьаҕастар Уурастыырабы «Володя» диэн ыҥыраллара. Дойдутуттан оҕо сылдьан барбыт буолан, саастаах дьоҥҥо өрүү Володянан хаалбыт этэ. Убаарап Буокай наар «нокоо, Володя» диир буолара. Ааттаах-суоллаах суруйааччыны хайдах итинник ыҥырарый диэн муодаргыы саныырым. Онтон билбитим, бииргэ үөскээбит, ыаллыы олорбут эт-саастыы киһитэ эбит.
Оҕонньор дойдутун Эмиһин дьонун-сэргэтин барытын истэ-билэ, интэриэһиргии олороро. Куоракка киирдэхпинэ Уурастыыраптаахха сылдьан, ирэ-хото кэпсэтэн, өй-санаа, эрчим, күүс-уох иҥэринэр курдук буоларым. Биир оннук сырыыбар, туох кистэлэ кэлиэй, урукку олоҕум соччото суоҕун туһунан эппитим. Ону оҕонньор: «Хаҕылыйан эрэр бааһы хастаама. Кэм-кэрдии оһордуоҕа. Барытын билэ олоробун», — диэбитэ.
«Тукулутта буоруттан» диэн кинигэтэ 1990 сыллаахха, олохтон барбытын кэнниттэн, бэчээттэнэн тахсыбыта. Кинигэтин бэйэтин кытта биэрэн, аннараа дойдуга атаарбыппыт.
Оҕонньор күн сириттэн барбытын кэнниттэн уола Владимир Владимирович Новиков «Жигули 01» массыынатын миэхэ биэрбитэ. Ол билигин оҕонньору санатан олбуорбар турар. Күннүк Уурастыырап аатын ааттатар биир үчүгэй экспонаты аныгы кэм салайааччылара болҕомто киинигэр ыллаллар ханнык диэн кэтэһэбин.
«Былыр массыына суох эрдэҕинэ, Аммаҕа атынан, оҕуһунан айанныыр кэмнэрбитигэр Үтэ көлүйэ биһигини элбэхтик маанылаабыт, сынньаппыт үтүө сир этэ. Манна үтэбитин таһааран сиэн, аттарбытын, оҕустарбытын сынньатан, тохтоон ааһарбыт. Биһиги эрэ буолуо дуо, киһи бөҕөтө сынньанан, күүс-уох ылан ааһар сирэ этэ. Сыыр анныгар күөл баара», — диэн астына кэпсиир, айаннаан иһэн наар тохтоон, Үтэ көлүйэтин көрөн ааһара. Биир оннук тохтобулга оонньуу-көр кэриэтэ: «Оҕолоор, хойут, мин суох буоллахпына, ааппын биэрэҕит дуу, хайыыгыт дуу», — диэн эппитэ.
Бу сыыр номоххо киирбит аата Чөмчөрү Кылыйбыт диэн. Тоҕус ыйдаах хат дьахтар тоҕуста кылыйан тахсыбыта эбитэ үһү диэн уос номоҕор кэпсэнэр.
Уон сыл аннараа өттүгэр, 2012 сыллаахха ,Уурастыырап махтанар, ытыктыыр сиригэр дьон-сэргэ тохтоон ааһар услуобуйатын тэрийэр үлэлэр ыытыллыбыттара.
Ону көҕүлээччинэн, тэрийээччинэн саха норуодунай суруйааччыта Баһылай Харысхал буолбута. Күннүк хайата диэн сурук оҥорбуппут. Ойуур баһаардарын содулугар сыыр үрдүгэр көлүйэ үөскээн, суолу хайыта түспүтэ. Ол онон хаалбыта. Хойутун хойут Күннүк Уурастыырап ытыктыыр, махтанар сирэ кинини санатар, дьон-сэргэ тохтоон, сынньанан ааһар сирэ буолуо диэн эрэнэбин.
Егор Егорович Пестерев, сэрии тулаайаҕа, үлэ ветерана, Амма олохтооҕо.
Е.Е. Пестерев дьиэтээҕи архыыбыттан ылыллыбыт 1977 с. аудио уһулууну таҥан оҥордо Ульяна Павлова.
Хаартыскалар Е.Е. Пестерев дьиэтээҕи архыыбыттан.
Бэчээккэ бэлэмнээтэ Сардаана Матвеева.