Саха норуотун поэта, олоҥхоһут Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап аймаҕа, сэрии тулаайаҕа, үлэ ветерана, 82 саастаах Амма олохтооҕо Егор Егорович Пестерев суруйааччы олоҥхолуурун 1977 сыллаахха магнитофоҥҥа уһулбутун харайан, хараҕын харатын курдук харыстаан бу күҥҥэ диэри илдьэ кэллэ.
Бу көрсүһүү Аммаҕа буолбут. Владимир Михайлович аймахтарын, чугас дьонун кытта 70 сааһын бэлиэтээбит. Төрөөбүт Эмиһин кырдьаҕастарын, эһэтиттэн илдьэ хаалбыт былыргы номохтору кэпсээбит, олоҥхолообут.
Егор Егорович оҕолорго, үүнэр ыччакка, саха тылын учууталларыгар, сахалыы тыллаах төрөппүттэргэ туһалаах буоллун, суруйааччы эт куолаһын иһиттиннэр диэн тус архыыбын сыаналаах матырыйаалын “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатыгар туттарбыта.
Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхотуттан быһа тардан 1977 с. толорбутун сэргээ, Уурастыырап уус тылын эккэр-сииҥҥэр иҥэрин https://vk.com/video-212001794_456239295
Хаартыскалар Е.Е. Пестерев дьиэтээҕи альбомуттан