Лена Алексеева уонна Данил Шамаев – Баппаҕаайы М.А. Алексеев аатынан орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччилэрэ. Маҥнайгы кылаастан суруйуунан дьарыктаналлар. Иккиэн биир паартаҕа олорон үөрэнэллэр. Бэйэ-бэйэлэрин кытта олус эйэлээхтэр, истиҥ сыһыаннаахтар.
Хаһыаты кытары доҕордоһон…
Леналаах Данил маҥнайгы кылааска эдэр кэрэспэдьиэн буолбуттара. Салайааччылара Людмила Сергеевна Тарасова 2001 сыллаахха «Көмүс бөрүө» эдкорпоһу тэрийбитэ. Күн бүгүҥҥэ диэри иилээн-саҕалаан, салайан кэллэ. Үөрэнээччилэр хаһыаты, сурунаалы, кинигэни ааҕан, билиилэрэ-көрүүлэрэ кэҥээбитэ. Кыракый бэлиэтээһиннэри, ыстатыйалары суруйан, дьоҕурдара сайдыбыта.
Людмила Сергеевна V кылааска үчүгэйдик суруйар, суруналыыс идэтигэр бэлэмнээх үөрэнээччилэри Данилы уонна Ленаны талбыта.
«ОХ» («Оскуола хаһыата») диэн хаһыаттарыгар оҕолор сонуннары, үөрэнээччилэртэн, учууталлартан интервью ылаллар, кылгас кэпсээннэри суруйаллар, араас тэрээһиннэри сырдаталлар. Үчүгэй матырыйааллары «Кэскил» хаһыакка ыыталлар. Билигин Интэриниэккэ видео уһулан, оскуола саайтыгар, Инстаграмыгар таһаараллар.
– Биһиги матырыйаалларбытын, төһө кыалларынан, оҕолорго өйдөнөр гына оҥоробут. Даниллыын бииргэ дьарыктаммытым тоҕус сыл буолла. Кини миэхэ саамай чугас доҕор. Эдэр кэрэспэдьиэн буоламмыт, интэриэһинэй оҕолору кытта сэһэргэһэн, санаа атастаһан, күрэхтэһиилэри көрөн, ону суруйан, үөрэнээччилэргэ тиэрдэрбитин олус сөбүлүүбүт, – диир Лена.
Тохтообокко суруйуом
Лена — күүстээх санаалаах, үлэҕэ дьулуурдаах, сырдыкка-билиигэ тардыһыылаах кыыс. Куруук үөрэ-көтө сылдьар, чугас дьонугар, доҕотторугар өйөбүл, күүс-көмө, туһа киһитэ.
Нуучча тылын, литературатын олимпиадаларыгар сыл аайы кыттар, миэстэлэһэр. Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар медиафорумҥа, күрэхтэһиилэргэ ситиһиилэрдээх. Ол курдук, былырыын «Кэскил» хаһыат ыыппыт фоторепортаж куонкуруһугар I миэстэни ылан, «Океан» лааҕырга сынньанан кэлбитэ. Быйыл IX кылааһы бүтэрээри сылдьар. Эксээмэннээх сыла.
– Эдэр кэрэспэдьиэн буоламмын, дьону кытта сатаан кэпсэтэр, алтыһар дьоҕурум сайынна. Оҕолору кытта биир уопсай тылы буларга, кыбыстыбат буоларга үөрэнним. Билигин эксээмэммэр бэлэмнэнэбин. Сүрүн предметтэртэн ураты уопсастыбаны уонна географияны талбытым. Оскуолабын бүтэрдэхпинэ, Хабаровскай куоракка чинчийээччи үөрэҕэр туттарсыам. Ханнык да идэни талларбын, суруйарбын тохтотуом суоҕа.
Эдэр кэрэспэдьиэннэр, суруйаргытын быраҕымаҥ. Улааттаххытына бэйэҕитигэр үчүгэй буолуо. «Кэскили» ааҕыҥ, суруйтарыҥ!
Өтө көрөрү сөбүлээбэппин
Данил ырыа кутун иҥэриммит, дьоҥҥо нарын иэйиини уһугуннарар иһирэх куоластаах ырыаһыт. Ийэтэ кинини кыра сааһыттан ыллатыан баҕарара. Ону уол буолуммат эбит. Онтон санаата эмискэ уларыйан, ийэтэ, доҕотторо этэллэрин истэн, бэйэтин баҕатынан ыллаан барбыт. Муусукаҕа, ырыаҕа-тойукка, үҥкүүгэ интэриэстээх буолан, болҕомтону тута тардыбыт.
Ураты куоластаах Данилы нэһилиэк, улуус дьоно-сэргэтэ көрөн, истэн, олус сэргээбитэ. Кини 2012 сыллаахха Крым Феодосия куоратыгар ыытыллыбыт “Крымские Волны” аан дойдутааҕы ырыа күрэҕэр III истиэпэннээх лауреат буолбута. Оттон 2014 сыллаахха Болгария Варна куоратыгар “Звездный Прибой” ырыа куонкуруһугар II истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын сүкпүтэ. 2015 сылга НКИХ ханаалыгар “Эн — Сулускун” интерактивнай күрэххэ үс иһигэр киирбитэ. Данил муусуканы олус сэргиир, сөбүлээн истэр, тэҥҥэ ыллаһар, ис хоһоонуттан үөрэр-көтөр, ырыаттан күннээҕи туруга тупсар.
– Оскуолабын бүтэрэн, тылбаас үөрэҕэр туттарсан, дьоммор туһалаах киһи буолуохпун баҕарабын. Ханна да сырыттарбын, айар үлэбин өссө сайыннарар ыра санаалаахпын. Билигин убайым айбыт ырыатын ыллыыбын. «Хаар ырыата» диэн. Быйыл «Бриллиантовые нотки» күрэххэ I истиэпэннээх лауреат уонна «Вокал» номинацияҕа Гран-при ыллым. Бу миэхэ улахан ситиһии. Эрдэттэн былаанныыры, өтө көрөрү сөбүлээбэппин. Буолуохтаах бэйэтин кэмигэр сатаныа, табыллыа.
Мэлдьи барытыгар кыайыахтаахпын. Оонньоон этэбин. Оҕо бэйэтигэр сыал туруорунуохтаах уонна туох баар күүһүнэн онно дьулуһуохтаах. Табыллыбатаҕына, наһаа хомойон, тохтоон хаалара сыыһа. Тугу эрэ оҥоруохпун, дьоммор көмөлөһүөхпүн баҕарабын дии сырыттаҕына, кини элбэҕи ситиһиэҕэ!
Павел ИЛЬИН.
Василий ПАК
түһэриилэрэ.
Бүлүү.