Ыам ыйын 17. Төрдүс нэдиэлэ бастакы суукката. Ый быатын тутууга Иэйэхсит бастакы барҕата түбэстэ. Алгыһы ааҕарга икки ытыһы сирэй туһун диэки нэлэччи тутан уон тарбаҕы аахтара көрөбүт. Бу уон тарбах бүппэт тыыннаах бүтүн олох ытык бэлиэтэ буолар диэн өйдөөн-санаан ылабыт. Уон тарбах аҕыс ырааҕын аахтара көрөбүт. Манан аан дойду аҕыс иитин-саҕатын анаарабыт.
Аан Иэйэхсит алгыһын киэһээҥҥи чуумпуга туһулаан испитигэр дириҥник олордон, аргыый ааҕан барабыт.Манан иэримэ дьиэ, айыы далбар тэрчитин олордобут.
Дьээ-буо!
Алака-чалака!
Иккис халлааҥҥа олохтоох,
Айылгылаах олох айыыта
Иэйэхсит хотун
Үрүҥ тыынын
Үрүҥ былыта
Тоҕус томоонноох
Аан Иэйэхсит хотун буола
Бэттэх көр,
Мичик гын.
Күөгэл-нусхад.
-1-
Дьээ !
Аан Иэйэхсит хотун
Бастакы томоонун тутуһуум.
Айылгылаах олоххо
Өҥсүлээх алгыһынан
Иэйэхсит суола
Тэлэлиннин.
Күөгэл-нусхал .
-2-
Дьээ!
Аан Иэйэхсит хотун
Иккис томоонун тутуһуум.
Айылгылаах олоххо
Өҥсүйэр алгыһынан
Аан дойдубар
Аһаҕас буолуум,
Күн сиригэр
Көҥдөй буолуум
Күөгэл-нусхал.
-3-
Дьээ!
Аан Иэйэхсит хотун
Үһүс томоонун тутуһуум.
Айылгылаах олоххо
Өҥсүйэр алгыһынан
Сэттэ Иэйэхситим эҥэрдэс.
Күөгэл-нусхал.
-4-
Дьээ!
Аан Иэйэхсит хотун
Төрдүс томоонун тутуһуум.
Айылгылаах олоххо
Өҥсүйэр алгыһынан
.Аан дойду алгыһын ылыым.
Күөгэл-нусхал.
-5-
Дьээ!
Аан Иэйэхсит хотун
Бэһис томоонун тутуһуум.
Айылгылаах олоххо
Өҥсүйэр алгыһынан
Орто дойду
Уйгутун сомсуум.
Күөгэл-нусхал.
-6-
Дьээ!
Аан Иэйэхсит хотун
Алтыс томоонун тутуһуум.
Айылгылаах олоххо
Өҥсүйэр алгыһынан
Ийэ сирим илгэтин
Иҥэриниим.
Күөгэл-нусхал.
-7-
Дьээ!
Аан Иэйэхсит хотун
Сэттис томоонун тутуһуум.
Айылгылаах олоххо
Өҥсүйэр алгыһынан
Аһаабытым алгыс буоллун,
Сиэбитим сэниэ буоллун.
Күөгэл-нусхал.
-8-
Дьээ!
Аан Иэйэхсит хотун
Ахсыс томоонун тутуһуум.
Айылгылаах олоххо
Өҥсүйэр алгыһынан
Аһанар ас амтана
Тубустун,
Өҥ-тала буоллун.
Күөгэл-нусхал.
-9-
Дьээ!
Аан Иэйэхсит хотун
Тохсус томоонун тутуһуум.
Айылгылаах олоххо
Өҥсүйэр алгыһынан
Аан Иэйэхсит хотун
Тапталлаах оҕото буолуум.
Күөгэл-нусхал.
-10-
Дьээ !
Сахалыы саҥардым —
Ийэ тылы иһиттим.
Сахалыы саҥардым —
Ийэ өйү иһиттим.
Айыыны санаатым –
Ийэ куту биллим.
Дом.
Өҥсүйэр алгыһы ааҕан бүтэрээт, уон тарбаҕы, уон тарбах аҕыс ырааҕын аахтара көрөн туран, испитигэр манныгы эбии этэбит: Айылгылаах олох бастакы барҕата өҥсүйэр алгыһынан миэхэ олордо.
Ый быатын тутан, иэримэ уонна далбар тэрчини олордон, тыыным уһаата.