Ыам ыйа – Иэйэхсит ыйа. Бу ыйга иччилээх, айылгылаах олох тускутун тутуһабыт. Иэйэхсит хотун кэлэр. Сүргэни көтөҕөр Күн Туйаарыма ньаадьы хотун төптөөх түөрэҕи олордор.
Мала: холумтан, чороон, кытыйа, дэйбиир, оҕо уйата.
Манньыта: Үрүҥ кыл, кымыс, саламаат.
Туом хаамыыта. Айыы суолугар хайыһыы. Бахсы үстэ дэйбиири үөһэ дук гынар. Холумтаҥҥа уот саҕар. Айыы суолун арыйыыга үрүҥ кылы айах тутар. Айыыһыкка туһулаан кымыстаах чороону көтөҕөн бахсы алгыһы саҕалыыр.
-1-
Дьээ-буо!
Алака-чалака!
Айылгылаах олох айыыта
Иэйэхсит хотун
Үрүҥ тыына
Үрүҥ былыт буола
Бэттэх буол.
Үрүҥ сылгы
Үүт маҥан кылынан
Күндүлээн эрэбин.
Күөгэл-нусхал, күөгэл-нусхал, күөгэл-нусхал .
Бу кэнниттэн Айыы суолугар бахсы сүгүрүс гынар. Иччигэ, ньаадьыга, кэпчигэ анаан холумтаҥҥа саламаат кутар уонна алгыһы салгыыр.
-2-
Дьээ!
Алам-чалам!
Айылгылаах олох түөрэхситэ
Күн Туйаарыма хотун
Үрүҥ былыты
Үрүҥ күлүк гына
Бэттэх буол.
Мичик аллай,
Истэ сэргэҕэлээ,
Арыылаах саламаатынан
Айах тутан эрэбин.
Ытык тылбын ыл,
Сүҥкэ тылбын көтөх.
Дуом айхал.
Домнооһун кэнниттэн бахсы холумтаҥҥа сүгүрүс гынар уонна алгыһы салгыыр.
-3-
Көхсүттэн көнтөстөөх
Күн өркөн ууһа,
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы хаан аймаҕа
Арыаллаһар аналлаах
Айыы санааны арыйан,
Ааттаан-тускулаан
Маннык диэн
Аманыйан эрэбит.
-4-
Чэ дуо-
Чөл бараан
Эркээйилээх тыллаах
Иэйэхсит ийэбит
Ыанньыйардаах ыам ыйга
Эргийэн кэлиитигэр
Маҥан табыы түөрэхсит
Күн Туйаарыма хотун
Антах хайыһан күлүм аллайда,
Бэттэх хайыһан мичис гынна,
Төп түөрэҕи түһэрэн
Түптээх төлкөнү олорто.
Тоҕус үйэ
Торолуйан туран
Уларыйбат-уҕарыйбат
Уруй-мичил буолла.
Аҕыс үйэ тухары
Асхарыйа-алла турар
Аралдьыйбат-ааспат
Айхал-мичил буолла…
Сэттэ үйэ тухары
Сириэдийэ турар
Кэччиэрийбэт-кэхтибэт
Кэтит кэскил олордо.
Чэ дуо –
Чөл бараан!
Үс саха буолан
Үөскээн-үөдүйэн туруоҕуҥ,
Түөрт саха буолан
Төрөөн-тэнийэн иһиэҕиҥ.
Саас үйэ тухары
Самныбат саргыбыт
Салалла турдун,
Охтубат оҥоһуубут
Оҥоһуллан истин.
Көхсүттэн тэһииннээх
Күн Өркөн ууһа
Көмүскүү олордун,
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы хаан аймаҕа
Араҥаччылыы олордун.
Айылыатым — Айылыат
Дом.
Алгыс бүппүтүн кэннэ туомҥа баар дьон дэйбиири өрө тутан үстэ тускулуур уонна үстэ АЙЫНААТ диир.