Тохсунньу – кыстык аҕыс ыйыттан төрдүһэ. Кыһыҥҥы иккис ый. Бу ый аата тоҕус сыыппараны кытта ситимнээх. Тоҕус сыыппара толору буолуу бэлиэтэ. Тохсунньу 31 күнүгэр кыстык ортото буолар. 8 ыйтан түөрдэ (алтынньы, сэтинньи, ахсынньы, тохсунньу) бүтэр. Түөрдэ (олунньу, кулун тутар, муус устар, ыам ыйа) хаалар. Сырдык уһуна кыра-кыратык эбиллэр. Ону «кутуйах хаамыытынан эбиллэр» дииллэр.
Орто дойдуга тохсунньу ыйга Таҥха, Дьылҕа суолтата улахан. Таҥха, Дьылҕа диэн сэттис халлаан айыылара. Бу
айыылары Билии халлаанын айыылара диибит. Сэттэлии дьүһүннээхтэр. Сэттэ ини-бии буолан көстөллөр. Билии төрдө буолбуттар. Киһи сэттэ ойбонун арыйаллар. Таҥха кэмигэр киһи тус баҕатын уонна өйүн-санаатын
сааһыланар. Таҥха Хаан ону наардыыр. Киһи дьылҕатыгар бу олус дьайар. Дьылҕа хайдах салаллара Таҥхаттан тутулуктаах.
Таҥха кэмигэр киһи ийэ кута уһуктар. Таҥхаҕа абааһыны, үөрү ыҥырар аньыы.
Билии халлаанын ойуута: орто күөрчэх – көҕүөр ойуу. Айыы санааҕа билии түмүллүүтүн көрдөрөр бэлиэ.
Билии халлаанын сүрүннүүр тыла: Туску! Айыы санааҕа туску диэн тыл билиигэ-көрүүгэ туһаайар суолталаах.
Алгыһа
Туску, Туску, Туску!
Кэскили тэрийээччи,
Төлкөнү түһэрээччи,
Таҥхаһыт
Таҥха Хаан Тойон,
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Дом.
Төлкөнү ахтыы тохсунньутааҕы Айыы туомуттан биирэ. Бу туому тохсунньу 12 күнүгэр оҥороллор. Орто дойдуга ийэ кут иччилэргэ олоро киирэр кэмэ. Итиннэ киһи дьылҕатын үрүҥ суруга суруллар. Бу иһин киһи үчүгэйи саныахтаах, үчүгэйи саҥарыахтаах. Онон биһиги бүгүн айыыга, иччигэ, кукка-сүргэ туһаайан маннык алгыыбыт.