Павлов Анатолий Николаевич – Дабыл “Кут-Сүр” кыһа салайааччыта, суруналыыс, “Айыы кыһата” оскуола учуутала.
Саҥ тардыыта оҕоҕо өй-санаа төрдүн төрүөҕүттэн ыла олордуу дэнэр. Бу оҕоҕо саҥаны этигэр-хааныгар иҥэрэр ньыма. Холобур, итииттэн харыстанарга “Тай” – диэн тыл баар. Былыргылар оҕо итии ууга, уокка буспатын диэн ити тылы тутталлара. Кинилэр биллибэтинэн-көстүбэтинэн итии луоскунан, эбэтэр уу тыынынан кыратык хаарыйан ылаллара. Оччоҕо кыра киһи тыл суолтатын өйдүүр буолар. Ылыммыт билиитин улааатыар диэри илдьэ сылдьар. Ити ньыма көмөтүнэн оҕо биириттэн сэттэ сааһыгар диэри кыһалҕатын этэр, тулатыттан сэрэнэргэ, харыстанарга үөрэнэр. Ол саҥ тардыыта дэнэр.
Бу биэриигэ Павлов А.Н. — Дабыл ааптарскай видеотын күрүөххүтүн сөп.