Муус устар сааскы иккис ый. Айыыһыт ийэ хотун куту аҕалар. Бу кэмҥэ иччи олоҕо арыллар. Биэс эйгэ сырдаан, сылаанньыйан барар.Сэттэ ини-бии салгын иччитэ саймаарыйа тыынар. Олортон биирдэстэрэ Дьэргэлгэн Сүүрүк уол чаҕылыҥныы оонньуур. Кини кэрэни, сырдыгы күөдьүтэр үтүөкэн сааскы иччи.
Кэрэни күөдьүтэр сааскы алгыс бу курдук ааҕыллар.
-1-
Дьээ-буо!
Алака-чалака!
Кэрэ олоҕу киэлилиир
Айыыһыт ийэ хотун
Үрүҥ тыына
Үрүҥ былыт буола
Бэттэх буол.
Үрүҥ сылгы
Үүт маҥан кылынан
Күндүлээн эрэбин
Дьаралык, дьаралык, дьаралык.
-2-
Дьээ !
Алам-чалам !
Тоҕус саһаан үрдүүр,
Биир саһаан намтыыр,
Аҕыс маһы аннынан
Атыллыыр,
Үс маһы үрдүнэн
Ойор
Чамаан кылыыһыт бэрдэ,
Кыната суох көтөр,
Күлүгэ көстүбэт
Үҥкүүһүт үтүөтэ,
Эргэл-дьэргэл эккириир
Элик эристиинэ,
Дьэргэлгэн Сүүрүк уол
Бэттэх буол,
Мичик аллай,
Истэ сэргэҕэлээ,
Арыылаах саламаатынан
Айах тутан эрэбин.
Ытык тылбын ыл,
Сүҥкэ тылбын көтөх.
Дуом айхал.
-3-
Көхсүттэн көнтөстөөх
Күн өркөн ууһа,
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы хаан аймаҕа
Арыаллаһар аналлаах
Айыы санааны арыйан,
Ааттаан-тускулаан
Маннык диэн
Аманыйан эрэбит.
-4-
Томоонноох ньуурбут
Торолуйдун,
Килбиэннээх сирэйбит
Килбэчийдин,
Кэп-киэли кэрэтийэн
Истин,
Быһыы-таһаа
Тупса турдун.
Дом.
Анатолий Павлов — Дабыл