Бэс ыйа – Айыы дьүһүл тойон ыйа. Бу ыйга айгылаах олох тускутун тутуһабыт. Айыы аартыгын иччитэ Боһол тойон айгылаах олох тускутугар Айыы суолун арыйар.
Айыы аартыгын арыйар алгыспыт маннык салаллар.
-1-
Дьээ-буо!
Алака-чалака!
Айгылаах олох айыыта
Айыы дьүһүл тойон
Үрүҥ тыына
Үрүҥ былыт буола
Бэттэх буол.
Үрүҥ сылгы
Үүт маҥан кылынан
Күндүлээн эрэбин.
Айхал, айхал, айхал.
-2-
Дьээ!
Алам-чалам!
Айыы аартыгын иччитэ
Быһыттаах Боһол тойон
Үрүҥ былыты
Үрүҥ күлүк гына
Бэттэх буол.
Мичик аллай,
Истэ сэргэҕэлээ,
Арыылаах саламаатынан
Айах тутан эрэбин.
Ытык тылбын ыл,
Сүҥкэ тылбын көтөх.
Дуом айхал.
-3-
Көхсүттэн көнтөстөөх
Күн өркөн ууһа,
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы хаан аймаҕа
Арыаллаһар аналлаах
Айыы санааны арыйан,
Ааттаан-тускулаан
Маннык диэн
Аманыйан эрэбит.
-4-
Арыы быйаҥ аартыктаах,
Араҕас илгэ алаһалаах
Иэдьэгэй бадарааннаах,
Сөҥ сүөгэй сүдүрүүннээх
Кэтит кэһии кэскиллээх,
Буойа быһыттаах,
Алгыстаах айыы тыргыл аартык
иччитэ
Боһол тойон эһэбит
Антах көрөн күлүм аллай,
Бэттэх көрөн мичик аллай,
Арыылаах суоратынан
Ас үрдэ диэн
Айылгы тардан
Айах туттубут,
Тоҕус томторҕолоох
Чороон айаҕы тосхойдубут!
Албан ааккын ааттаатыбыт,
Дьоһун сураххын дьохсоттубут,
Аал уотунан аһаттыбыт,
Күөх уотунан күндүлээтибит.
Сиэллээх эбирдээх
Төлкөлөөх түптээх хамыйах түөрэхтээх
Мөлбөрөҥ маҥан аартык арыллан
Кынаттаах кыылбыт
Кытай сириттэн кыттыста,
Хотоҕойдоох кыылбыт
Хоро сириттэн холбосто,
Хара тыабыт кыыла дьаарбайда,
Далай балыга ыата,
Дьаҕыл хара тыабыт
Чаппарааҕын тардынна,
Эҥэр хара тыабыт
Илбиргэһин иилиннэ,
Күкүр хара тыабыт
Күөх долгунунан
Көҕөрө күндээрдэ.
Дьэ-э дуо !
Кэрэкэ дайдым үрдүнэн
Күндү кэһии тэлгэннин,
Улуу дайды үрдүнэн
Уһун уйгу олохтоннун,
Далай дайды үрдүнэн
Дириҥ түһүлгэ тэрилиннин.
Кэнэҕэһин даҕаны
Айгы олох арылла турдун.
Айылыатым — Айылыат
Дом.
Алгыс бүппүтүн кэннэ туомҥа баар дьон дэйбиири өрө тутан үстэ тускулуур уонна үстэ АЙЫНААТ диир.
Ааптар: Анатолий Павлов — Дабыл