Бэс ыйа – Үрүҥ Айыы тойон ыйа. Айыы итэҕэлигэр бэс – Үрүҥ Айыы тойон маһа буолар. Айыы маһа.
Бу да иһин былыр бэс субата, бэс үөрэ биир ытык ас быһыытынан көрүллэрэ. Дэлэҕэ даҕаны саха киһитэ өлөөрү туран “бэспин сиэтэн баран өлөр” диэн өстөөҕөр тиһэх ыра баҕатын этинэр үгэстээҕэ. Бэһи сиэн өлүү өлбөт буолуу бэлиэтэ курдук сыаналанар эбит.
Бэс тыа иччитэ Бэлиэлээх Бэргэн тойон буолар.
-1-
Дьээ-буо!
Алака-чалака!
Үрүҥ Айыы тойон
Үүт үрүҥ тыына
Үрүҥ былыт буола
Бэттэх буол.
Үрүҥ сылгы
Үүт маҥан кылынан
Күндүлээн эрэбин
Айхал, айхал, айхал.
-2-
Дьээ !
Алам-чалам !
Үрүҥ былыты
Үрүҥ күлүк гынар
Бэс тыа иччитэ
Бэлиэлээх Бэргэн тойон
Бэттэх буол,
Мичик аллай,
Истэ сэргэҕэлээ,
Арыылаах саламаатынан
Айах тутан эрэбин.
Ытык тылбын ыл,
Сүҥкэ тылбын көтөх.
Дуом айхал.
-3-
Көхсүттэн көнтөстөөх
Күн өркөн ууһа,
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы хаан аймаҕа
Арыаллаһар аналлаах
Айыы санааны арыйан,
Ааттаан-тускулаан
Маннык диэн
Аманыйан эрэбит.
-4-
Оһооҥой, оҕолоор !
Аан дойду аҥаарсыйда,
Улуу дойду унаарсыйда,
Кэрии тыа киэркэйдэ,
Тумул тыа тубуста,
Бэһим оҕото
Бэрдьигэс ойуур
Отут сыл олорорго
Силискин сириэдит,
Мутуккун модьурат,
Мотуок солко мутукчалан,
Лоһугурас туораахтан,
Логлоруттар хатырыктан.
Ийэ сир иччитэ эҥээрдэс,
Аан дойду иччитэ дьайыҥнас.
Эгэй, оҕолоор!
Дом.
Бэс тыа иччитигэр анаммыт алгыһы ханнык баҕарар бэскэ олордуохха сөп. Онуоха бэс хатырыгар үрүҥ сиэли кыбытыллар.
Ааптар: Анатолий Павлов — Дабыл