Сэтинньи — иччилээх олох киэбэ-киэлитэ олохсуйар ыйа. Иччи сэһэнэ сэһэргэнэр.
Мала: холумтан, чороон , кытыйа, оноҕос.
Манньыта: үрүҥ кыл, арыылаах алаадьы, кымыс.
Холумтаҥҥа уот саҕыы. Үрүҥ кылы айах тутуу.
Айыы суолугар хайыһыы. Икки ытыһы сирэй туһун диэки тутабыт. Уон тарбах уруйун Айыы суолугар өрө уунабыт. Бахсы икки илиитигэр кымыстаах чороону өрө уунар уонна алгыыр.
Ааптар: Анатолий Павлов-Дабыл