.
Ийэм кэргэн тахсарын мин, кини төрөппүт оҕото, утарар, тохторор бырааптаахпын дуо? Ыал буолан эрэр. Мин ону олох сөбүлээбэппин.
***
СӨ Оҕо быраабыгар боломуочуйалаах аппаратын старшай референэ Нюргуяна Алкивиадовна Иванова хоруйдуур:
— Дьахтар дьоло диэн, бастатан туран, кини оҕолоро. Оҕолоро доруобай, ситиһиилээх, этэҥҥэ сылдьар буоллахтарына – ханнык баҕарар ийэ дьоллоох.
Ол эрээри, оҕо улаатан истэҕин ахсын дьонуттан тутулуга суох буолуон баҕарар, туспа интэриэстэнэр, бэйэтэ эрэ билэр эйгэлэнэр, кистэлэҥин үллэстэр чугас доҕоттордонор. Кэлин букатын да төрөөбүт дьиэтиттэн арахсан, ыал буолан, тус суолунан барар. Ол олох анала.
Ийэҥ ону өйдөөтөҕө, ол кэм чугаһаан эрэрин сэрэйдэҕэ. Ол иһин бэйэтин олоҕун оҥосторго сананнаҕа. Кини эмиэ толору дьоллоох буолар, дьахтар дьолун билэр, таптыыр уонна таптатар бырааптаах.
Ону эн өйдүөхтээххин, өйүөхтээххин. Киниэхэ эмиэ билигин тыҥааһыннаах, долгутуулаах, быһаарыылаах кэм. Кэргэн тахсарын дуу, суоҕун дуу туһунан төһө эрэ иһигэр толкуйдуура буолуой: сөбүлэһэр, өйдөһөр киһитин көрүстэ, аны оҕото утарар. Ол иһин бэйэтэ эмиэ олус мунаахсыйара буолуо.
Өскөтүн эн ийэҥ ыал буоларын оччо айылаах утарар уонна онуоха туох эрэ төрүөт баар буоллаҕына, ийэҕин кытта аһаҕастык кэпсэт, биричиинэтин быһаар. Аны туран, ол кэпсэтэргэр ийэҕин аҥаардас буруйдаан, сирэй-харах анньан, саба саҥаран, кыыһыран тахсымаар, кини санаатын, тугу этэрин саҥата суох тулуйан, болҕойон истээр.
Эрэнэбин, ол кэпсэтии кэнниттэн өйдөһүөххүт, оруна суох долгуйбуккун өйдүөҕүҥ.