Күн тахсыыта – айылҕа биир саамай кэрэ көстүүтэ. Бу түгэн туһунан араас омук поэттара хоһоон айаллар. Холобур, саха улуу поэта Семен Петрович Данилов күн тахсыытын туһунан хоһооно ырыа буолан ылланар. Кини күн тахсыытын «көмүс түгэн» диэн ааттыыр.
Мин эмиэ күн тахсыытын олус долгуйа күүтэбин. Ол иһин бу көмүс түгэни туһанан, санаабын үллэстэбин.
Быйыл манна олус тымныы кыһын буолла. Күммүт тохсунньу ый бүтүүтэ кылгас кэмҥэ көстөн ааһар. Бастаан тахсарыгар кып-кыһыл күнчээн аҥаара эрэ көстө түһээт, сүтэн хаалар. Онтон дьэ, күн аайы сырдаан, арыый да улаатан иһэр. Күнү аан бастаан көрөн, киһи дэлби үөрэр. Кырачаан да буоллар, киһи сүргэтин көтөҕөр, эрэли үөскэтэр сүдү күүстээх. Сотору кэминэн халлаамыт сылыйдар сылыйан иһиэҕэ, туллуктар, онтон сылгы чыычаахтара көтөн тырыбынаһан кэлиэхтэрэ. Күн күүһүттэн халыҥ хаар ууллан, сүүрүк буолан устуоҕа, көтөр-сүүрэр дьэ элбиэҕэ, хамсыыр-харамай тиллиэҕэ. Сотору кэлиэхтээх саргылаах сааһы, самаан сайыны санаан, мин санаам чэпчиир, үөрэр. Күн тахсыыта – Хоту дойду саамай кэрэ көстүүтэ. Дьон дууһатыгар сырдык санааны, алыптаах ырыаны уһугуннарар күүс. Мин олус күүтэр, сөбүлүүр түгэним – маҥнайгы күн тахсыыта.
Мария Горохова, IX кылаас.
Уһук Хоту Усуйаана улууһугар, Хаһааччыйа нэһилиэгэр тохсунньу ый бүтүүтэ күүтүүлээх күндү күммүт көһүннэ. Кылгас да кэмҥэ буоллар, кып-кыһыл, кып-кыра күнчээни көрөн олус долгуйдубут, үөрдүбүт. Оҕолуун, кырдьаҕастыын бары күн тахсыбыт үөрүүлээх сонунун туһунан кэпсэтэбит. Санаабытыгар, хайдах эрэ чэпчээн, сүргэбит көтөҕүллэн, мичээрдии сылдьабыт. Күн таҕыста! Ол аата сотору бу күүстээх тымныы тохтуоҕа, сандал саас кэлиэҕэ! Тулабыт барыта сырдаан, маҥан хаар кылабачыйа оонньоон, күлүмүрдээн аҕай турар буолуоҕа!
Мин оскуола кэнниттэн, доҕотторбун кытта дьиэбэр баран иһэн, бүгүн эмиэ көмүс күнчээни көрөн олус да үөрдүбүт. Аны сотору буолаат, түннүкпүнэн күн сардаҥата тыган, тулабын ыраас сырдык кыымынан ыһыахтыы оонньуоҕа. Онтон саргылаах саас барахсан сайыны сиэтэн аҕалыаҕа. Оччоҕо биһиги доҕотторбутун, дьоммутун кытта тыаҕа тахсан, айылҕа ыраас салгынын астына тыыныахпыт, көрүлүү оонньуохпут турдаҕа. Саҥа тахсыбыт көмүс курдук күнчээним, эн баар буолаҥҥын тымныыны киэр үүрэҕин, мэлдьи биһиэхэ сылааһы аҕалаҕын. Ол иһин биһиги, хоту дойду дьоно, күн тахсыытын олус күүтэбит, ахтабыт, кыра да сардаҥата көстөн аастаҕына, олус үөрэбит.
Малена Ощепкова, IX кылаас.
Күүтэр күнүм, дорообо!
Тымныы хараҥа халлааҥҥа
Көһүннэ күн сардаҥата,
Хара былыты кыйдаата,
Сылаас кыымынан ыһыахтаата.
Күммүт кэрэ көстүүтэ,
Дьон сүрэҕин долгутта,
Көмүс сырдык сардаҥата
Күлүмүрдүү оонньоото.
Күүтэр күнүм, дорообо!
Сотору саргылаах саас аҕалыаҥ,
Тымныы кырыа кыһыны кыайыаҥ,
Хоту дойдум киэргэлэ эн буолаҕын!
Саина Сыроватская, XI кылаас.
Мин айылҕаҕа сылдьарбын олус сөбүлүүбүн. Хас сыл аайы саамай кэрэхсиир, долгуйа күүтэр түгэним – күн тахсыыта. Тоҕо диэтэххэ, мин санаабар, хоту дойдуга күн тахсыыта – саҥа сырдык олох кэлбитин туоһута. Күн тахсыыта – хараҥа, тымныы күүстэр кыайтарбыттарын бэлиэтэ. Ол иһин мин санаам көтөҕүллэр, дууһам үөрэр, ыллыыр. Туох баар хомолто, хоргуппут санаа, ыарыы – барыта сотуллар. Икки ыйтан ордук кэмҥэ хараҥаҕа хаайтаран олорор олус ыарахан, киһи санаата наһаа баттанар.
Аан бастаан күн тахсыытын миэхэ эбэм көрдөрбүтэ. Кыра кылааска үөрэнэ сырыттахпына, оскуолаттан кэлбиппэр, миигин хоһугар ыҥыран ылбыта уонна түннүгүнэн күн тахсан эрэр кэрэ көстүүтүн бэлэхтээбитэ. Онно кэрэхсээн көрбүтүм: айылҕа дьикти көстүүтүн, олус чаҕылхай сардаҥалар көмүс курдук күлүмүрдүү оонньуулларын. Онтон ыла мэлдьи ити түгэни наар долгуйа күүтэбин, эбэбэр мэлдьи махтана саныыбын. Мин санаабар, күн тахсыыта дьон санаата ырааһырар, сырдыыр. Күн баар буолан олох салҕанар.
Көмүс күммүт тахсыыта,
Сааспыт тыына билиннэ,
Айылҕабыт барахсан
Үөрэ-көтө уһуктуоҕа.
Кэрэ кэммит кэлиитэ,
Туллукчааннар көттүлэр,
Күнү көрсө уруйдуу,
Көтөр чыычаах дьирибиниир.
Виктория Горохова, XI кылаас.
Уһук хоту Усуйаана улууһугар күн тахсыыта саамай күүтүүлээх күндү кэм буолар. Мин санаабар, хоту дойдуга күн тахсыыта – Саха сирин биир кэрэ бэлиэ түгэнэ, ураты киэргэлэ, бэлиэтэ. Манна Дьааҥы өрүс биэрэгэр уһун кэмҥэ хараҥа, тымныы, чысхаан тыалынан ыһыахтанар кыһыҥҥы кэмнэр тураллар. Ол иһин дьон бары күн тахсыытын олус күүтэллэр.
Күммүт быйыл тохсунньу ый бүтүүтэ кытара кыыһан, маҥнай кыратык, онтон син улам эбиллэн, төп-төгүрүк бэйэтэ, сып-сырдык кыһыллыҥы араҕас сардаҥаларынан күлүмүрдээн тахсан кэллэ. Сорох күннэргэ былыт, туман мэһэйдээн көстүбэт, ол эрээри син көстөн ааһар. Сотору кэминэн, хараҥа халлааны арыйан, күн толору тахсан кэлиэҕэ. Онтон тымныы кыһын, муоһа тостон, суоһа мөлтөөн, салгын арыый сымныаҕа. Ол иһин күн таҕыстаҕына, мин санаам чэпчиир, туох баар куһаҕан барыта сүтэр, дууһабар истиҥ иэйии уһуктар, санаабар тулам барыта сырдыыр, күлүмүрдүүр. Дьон бары күн тахсыытын күүтэллэр: оҕолор таһырдьа оонньуу-көрүлүү тахсаары, булчуттар тыаҕа бултуу бараары, кырдьаҕастар күнтэн күүс-сэниэ ылаары, саҥа үүммүт үтүө дьылы көрсөөрү. Кылабачыгас күн уота дьиэ түннүгүнэн тыктаҕына, олохпут сырдыыр, тупсар.
Алексей Стручков, XI кылаас.
Мин Дьааҥы өрүс үрдүгэр ыраах хоту Усуйаана улууһугар баар Хаһааччыйа нэһилиэгэр олоробун. Манна чысхаан тымныы кыһыннаах, онтон сайыныгар эргиччи тыгар киирбэт күннээх дойду буолар. Кыһыҥҥы хараҥа кэмнэри ааһар олус ыарахан. Үс ый кэриҥэ күн сылааһын билбэппит. Ол иһин тохсунньу ый бүтүүтэ күн тахсарын бары долгуйа күүтэбит. Бу олус үөрүүлээх уонна кэтэһиилээх кэм буолар.
Быйыл аан бастаан күн тахсыытын мин оскуолаҕа үөрэнэ олорон түннүгүнэн көрбүтүм. Кып-кыһыл кырачаан күнчээним, саһархайдыҥы сырдык кыһыл өҥнөөх сардаҥатынан кылбачыйан оонньуу турара олус да кэрэ көстүү этэ. Таһырдьа тахсан күнү уруйдаатыбыт. Күүтүүлээх күнүм тахсыбыт үөрүүтүгэр, маҥан хаарга араас өҥнөөх күндү таас бытархайа ыһыллан сытарын курдук күлүмүрдүүр, кылабаччыйа оонньуур. Бу кэмҥэ мин дууһабар эмиэ сырдык санаа иэйиитэ уһуктар, тулам барыта киэркэйдэ, тубуста. Тымныы кырыаны бүрүнэн турар кырачаан титириктэр сотору кэминэн уһуктуохтара, тиллиэхтэрэ. Сотору айылҕа барахсан эмиэ иккистээн төрөөбүт курдук сананан, сылаастык мичээрдиэҕэ, араас өҥүнэн симэнэн киэргэниэҕэ. Ол иһин дьон бары күн тахсыытын көрөн үөрэр. Күн тахсыыта – олох иккистээн тиллиитин бэлиэтэ. Күн тахсыыта – дьон олоҕор саамай сыаналаах күндү түгэн.
Мария Барабанская, XI кылаас.
“Дьааҥы кыымнара” айар түмсүү