1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитэ хас биирдии норуокка үйэлэргэ умнуллубат суостаах өйдөбүлү хаалларбыта. Мөлүйүөнүнэн киһи сэрии иэдээниттэн суох буолбута.
Биһиги, билиҥҥи көлүөнэ оҕолор, сэрии туһунан кинигэни ааҕан, ахтыылартан, киинэни, хаартыскалары көрөн үөрэтэбит, билэбит. Олохторун харыстаабакка хорсуннук охсуспут дьоммут ааттара, сырдык мөссүөннэрэ дьон өйүттэн умнуллубатыгар, сүппэтигэр баҕарабыт. Оскуолабытыгар Улуу Кыайыы 78 сылын көрсө «Аҕа дойду сэриитин хаартыскаларын тилиннэрии» көрүү-күрэх ыытылынна. Бу күрэххэ 1-11 кылаас үөрэнээччилэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Оҕолор сэрии туһунан киинэ кадрдарын, плакаттары, хартыыналары тилиннэрэн, үүт-үкчү үтүктэн хаартыскаҕа түһэн көрдөрдүлэр.
Барыта 70 үлэ киирдэ. Хаартыскалар устуоруйа кырдьыгын кэпсиир буолан, хас биирдии киһи сүрэҕэр олус чугастар, ааспыт уоттаах сэрии умнуллубат туоһута буолаллар.
Дайаана Гаврильева, 9 кылаас, «Эрчим»корпост, Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү.