Хас биирдии киhи олоҕун кэрэ кэрчигинэн эдэр сааhыгар устудьуоннаабыт сыллара буолаллар. Дьиэҕиттэн тэйии, улахан киhи олоҕор үктэнии, саҥаны билэр кэм, чаҕылхай түгэннэр — бу барыта устудьуон олоҕун бэлиэтэ.
Биhиги Илбэҥэ нэhилиэкпититтэн уопсайа отучча устудьуон Томскай, Хабаровскай, Дьокуускай, Мирнэй, Бүлүү куораттарын араас үөрэхтэригэр ситиhиилээхтик үөрэнэ сылдьаллар. Тохсунньу 25 күнүн Устудьуон күнүнэн биhиги оскуолабытыгар урукку кэмтэн үгэс буолбут оҕолор устудьуоннардыын көрсүһүүлэрэ ыытыллар. Быйылгы көрсүһүүгэ үксүлэрэ үөрэхтэригэр барбыт буоланнар, үс устудьуон кэлэн 8-11 кылаас оҕолорун кытары көрсөн, интэриэhинэй тэрээhин буолла. Ыалдьыттарбыт ХИФУ ПИ, ГИ, ИТИ 2, 4 куурус устудьуоннара Сахаляна Никитина, Георгий Шамаев, Мичил Петров бэйэлэрин үөрэхтэрин, факультеттарын, олорор уопсайдарын туhунан, иллэҥ кэмнэригэр тугу гыналларын, устудьуоннуурга сүбэлэри кэпсээтилэр. Кэлбэтэх устудьуоннар Ульяна Яковлева, Августина Никифорова, Анжелина Алексеева, Саргылана Николаева, Вадим Оленов үөрэхтэриттэн видео устан, иhитиннэрии ыыппыттарын көрөн сэргээтибит. Көрсүһүүнү түмүктээн хамаанданан арахсан оонньууларга кытынныбыт. Идэ арааhын таайарга, идэлэри быhааран көрдөрөргө, таабырыннарга күрэхтэстибит.
Оскуолабытыгар профориентационнай үлэлэр ыытыллаллар: бэсиэдэлэр, анкеталары толоруу, идэлэри кытта билсии, үөрэх кыhаларын көрүү. Сылын аайы выпускниктарбыт бары 100% үөрэххэ киирэллэр, араас идэлэргэ уhуйуллаллар. Оҕолор эрдэттэн идэлэрин быhаарыналларыгар маннык тэрээhиннэр олус наадалаахтар. Биhиэхэ элбэх сонуну кэпсээбит, сүбэлээбит устудьуоннарбытыгар махталбытын биллэрэбит.
Нарыйаана Антонова, 10 кылаас үөрэнээччитэ,
«Көмүс бөрүө» пресс-киин,
Бүлүү улууhун М.А. Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолата.