М.К.Аммосов аатынан ХИФУ ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут «Сэргэлээх» устудьуоннар олорор сирдэрэ 15 уопсай дьиэ холбоһуктарыттан турар. Бу манна 5 тыһ. кэриҥэ устудьуон олорор. Сэргэлээх устудьуон куоратын таҺыгар үөрэх корпустара, үөрэх таһынан үлэни тэрийэргэ, култуурунай-маассабай, физкультурнай-чэбдигирдэр уонна спортивнай тэрээһини ыытарга тустаах тэрилтэлэр бааллар.
Күһүн биллэ чугаһаан, сотору кэминэн устудьуоннар уопсайга киириилэрин түбүгэ буолуоҕа. Хас биирдии бакылтыат устудьуона ректор бирикээһинэн тус-туспа уопсайга киирэр. Уопсайдарга үнүбүрсэтиэт устудьуоннарыгар уонна үлэһиттэригэр анаан остолобуой, буфет, ааҕар саала, сынньалаҥ хоһо, өтүүктүүр уонна таҥас сууйар хос, мэдэссиинискэй килииникэ үлэлииллэр.
Онтон уопсайга киириигэ туох докумуоннар наадаларый? Ол туһунан М.К.Аммосов аатынан ХИФУ иһитиннэрэр:
- Төрөппүттэр үлэлиир буоллахтарына, хамнастарын туһунан 2-НДФЛ ыспыраапка, онтон төрөппүт ИП буоллаҕына 3-НДФЛ ыспыраапка.
- Төрөппүттэр биэнсийэлээх буоллахтарына, биэнсийэ кээмэйин туһунан ыспыраапка уонна үлэ киниискэтин куопуйата наадалар.
- Төрөппүттэр үлэтэ суох буоллахтарына, СӨ Дьарыктаах буолуу сулууспатыттан үлэтэ суох буолан учуокка турар туһунан ыспыраапка, эбэтэр ү
- Соҕотох төрөппүттээх буоллаххына, эмиэ дохуод туһунан 2-НДФЛ ыспыраапката ирдэнэр, иккис төрөппүт туһунан сибидиэнньэлэр: арахсыбыт буоллахтарына — арахсыы туһунан докумуон, алимент төлөөһүнүн уонна кээмэйин бигэргэтэр ыспыраапкалар; иккис төрөппүтү сүтэрбит буоллахтарына — өлбүтүн туһунан туоһу сурук, биэнсийэ кээмэйин туһунан бу сыллааҕы ыспыраапка; төрөппүт аата суруллубатах буоллаҕына — төрөөбүт туһунан туоһу сурук.
- Төрөппүт биэнсийэлээх эрээри үлэлиир буоллаҕына, биэнсийэ кээмэйин туһунан ыспыраапка, үлэ киниискэтин куопуйата, дохуод туһунан 2-НДФЛ (ИП буоллаҕына 3-НДФЛ) ыспыраапка.
- Тулаайах эбэтэр төрөппүт иитиитэ кэһиллибит буоллаҕына, төрөппүт быраабыттан ууратыы туһунан ыспыраапка эбэтэр төрөппүт өлбүтүн туһунан туоһу сурук. Опекун баар буоллаҕына, эпиэкэ уонна попечительство уорганыттан ыспыраапка.
Өссө туох эмит ыйытыылаах буоллаххытына, сиһилии 8(4112) 49-67-17 төлөпүөн нүөмэригэр билсиҥ.
Бэлэмнээтэ Анна СЛЕПЦОВА.