Акулина Стручкова салалталаах Дьааҥы улууһун Боронук орто оскуолатын «Сиккиэр» эдкорпоһа биир сүрүн эркин курдук эрэнэр бастыҥ көмөлөһөөччүбүт буолар. «Сиккиэрдэр” хаһыаппыт ыытар бары тэрээһинигэр көхтөөхтүк кытталлар. Ол да иһин урукку эдкордар ол туһунан үтүө тылынан ахталлар. ХИФУ устудьуона Афанасий Потапов суруйуутун ааҕыҥ.
Эдкор буолар чиэскэ тиксибитим
Боронук орто оскуолатын «Сиккиэр» эдкорпоһун чилиэнэ буолан үөрбүтүм аҕай. Учууталбыт — саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, үөрэх чааһын сэбиэдиссэйэ Стручкова Акулина Трофимовна. Мин өйдүүрбүнэн, эдкор буолар чиэскэ суруйар, толкуйдуур дьоҕурдаах, киэҥ билиилээх үөрэнээччилэр тиксэллэрэ. Салайааччыбыт үлэбитин бэчээттиир, сыыһаларын көннөрөр, сүбэлиир-амалыыр этэ. «Кэскил» хаһыакка кэрэхсэбилбит алын кылааска үөскээбитэ. Биирдэ доҕотторбун кытары түспүт хаартыскам бүтүн Саха сиринээҕи оҕоҕо аналлаах сүрүн хаһыат маҥнайгы сирэйигэр тахсыбытыгар үөрбүтүм даҕаны! Аан бастаан суруйбут ыстатыйабын билигин да өйдүүбүн. Кылааһынан нэһилиэкпит биир ытык кырдьаҕаһыгар ырыа-хоһоон кэһиилээх билсэ бара сылдьыбыппытын туһунан этэ. Ол кэнниттэн араас дьаһалларга, кэнпириэнсийэлэргэ, сүлүөттэргэ кыттан саҕалаабыппыт. Ол туһунан барытын тэтэрээт илииһигэр суруйаммыт салайааччыбытыгар туттарарбытын өйдүүбүн. Ону таһынан, хоһоон күрэҕэр кыттарбыт. 2016 сыллаахха, Олимпиада буоларыгар, нэһилиэкпитигэр биир улахан түгэн буолбута. Саха Сирин альпинистарын кытары көрсүбүппүт, интервью ылбыппыт. Бу сылга оройуоннааҕы ЕДД сүлүөтүгэр сылдьан, чаҕылхай оҕолору кытары билсэн-алтыһан, уопут уллэстэн кэлэн, суруйбуппут.
Уопсайынан, оскуолам «Сиккиэр» бөлөҕөр киирбиппиттэн олус үөрэбин. Манна өйүм-санаам уларыйбыта, майгым-сигилим көммүтэ, бэйэбэр эрэллээх буолбутум. Билигин ХИФУ 1-гы кууруһун устудьуона буолабын, ангылычаан тылын үөрэтэбин.