Маай бырааһынньыга сэбиэскэй кэмтэн төрүттээх буолан, дьоҥҥо-сэргэҕэ оччотооҕу кэми санатар. Саастаах дьон эдэр, оҕо саастарын саныыллар, “урут үчүгэй да этэ” дииллэр.
Оттон аныгы оҕолор бу туһунан туох санаалаахтарый, кинилэр санааларыгар сэбиэскэй саҕанааҕы дуу, билиҥҥи кэм ордук дуу?
Хас биирдии киһи үлэлээх этэ
Рустам ЗОИРОВ, VIII кылаас, Саха-француз лиссиэйэ (Хамаҕатта, Нам):
– Сэбиэскэй Сойууска 15 омук өрөспүүбүлүкэтэ киирэрэ. Бу бырааттыы дойдуларга тас дойдуга тахсар пааспара суох төһө баҕарар барыахха-кэлиэххэ сөп этэ. Оччолорго омугунан атааннаспат этилэр.
Сэбиэскэй үөрэнээччилэр оскуолаҕа кэтэр бары биир тэҥ пуормалаахтара. Октябренок, пионер, хомсомуол диэн тэрилтэлээхтэрэ. Мин саастыы оҕолор пионер кэккэтигэр киирэллэрэ. Саастаах дьоҥҥо тимуровскай көмөнү оҥороллоро. Бу хамсааһын умнулла сылдьан баран, билигин сорох оскуолаларга сөргүтүлүннэ.
Оччолорго үлэ оруола улахан этэ, үрдүктүк сыаналанара. Үлэһит дьон холобурга сылдьара.
Интэриниэт, төлөпүөн, ноутбук диэн суоҕа, ол иһин оҕолор кинигэни элбэхтэ ааҕаллара, наар чэбдик салгыҥҥа сылдьан оонньууллара-көрүлүүллэрэ.
Коммунистическай субуотунньук, Өктөөп, Маай бырааһынньыктара – сэбиэскэй дьон сөбүлүүр, күүтүүлээх бырааһынньыктара этилэр.
Үөрэх-билии өттүнэн сайдарга
Алина НОГОВИЦЫНА, VIII кылаас:
– Аныгы үйэҕэ олорор сорох оҕолор бу кэми соччо сөбүлээбэттэр. “Оо, мин атын кэмҥэ олорорум буоллар”, – дииллэрин олус үгүстэ истэбин.
Оттон мин саныахпар, бу олорор кэммит норуот быһыытынан ахсаана элбииринэн, үөрэх-билии өттүнэн сайдарга кыах биэрэринэн – саамай үчүгэй, табыгастаах.
Бастатан туран, биһиги баҕарбыт сирбитигэр олохсуйан, сөбүлээбит үөрэхпитигэр үөрэнэн, араас үөрэҕи баһылаан, баҕарарбытынан олоруохпутун сөп. Иккиһинэн, күн аайы саҥа технология олоххо киирэн иһэр. Ону тэҥэ медицина эмиэ сайдар. Ыарахан ыарыылары, эчэйиилэри эмтиир ньыма айыллан, дьон өлүүтэ аҕыйаата. Үсүһүнэн, аныгы оҕолор араас тас дойдуларга баран күүлэйдээн, үөрэнэн кэлиэхтэрин сөп. Ону тэҥэ урут оскуола оҕолорун түмэр пионерскай этэрээттэр баар буоллахтарына, билигин, холобур, биһиги лиссиэйбитигэр “Биир ситим” диэн оҕо хамсааһына көхтөөхтүк үлэлиир.
Урут аан дойдуга буола турар сонуннары хаһыаттан эрэ ааҕан билэр буоллахтарына, билигин хас биирдии киһи суотабайыттан Интэриниэккэ киирэн, наадалаах сонунун, биллэриини көрүөн сөп.
Биллэн турар, ити барыта киһи олоҕун олус чэпчэтэр, ол эрээри доруобуйабытыгар, бастатан туран, харахпытыгар улахан охсуулаах. Аныгы ыччат, сорох саастаах да дьон, төлөпүөн уонна көмпүүтэр иннигэр уһун күнү атаараллар. Сайдыыбыт бара турар буолан, улахан собуоттары, фабрикалары туталлар. Ол барыта айылҕаҕа охсуулаах.
Хайа да кэм бэйэтэ туспа уратылаах, умнуллубат өйдөбүллээх буолар. Тус бэйэм сайдыылаах, тэтимнээх үйэҕэ төрөөбүппүттэн олус үөрэбин.
Таисия АЛЕКСЕЕВА.