Сатаан ааҕар буоллахпына, «Бэлэм буол» диэн хаһыаттаныахтаахпын билэр этим. Ол гынан баран, дойду үрдүнэн буолбут уларыйыыларга оҕо-аймах хаһыата эмиэ түбэспитэ: сахалыы олус дириҥ ис хоһоонноох ааттаммыта. Иккис кылаастан «Кэскил» хаһыаты сөбүлээн ааҕарым.
Икки рубриканы ордук сөбүлээммин тэтэрээккэ силимнээн мунньар этим: «Аман өс» уонна «Эдьиий Катя сүбэлэрэ» диэни. Хаһыатым кэлэрин олус күүтэр этим. Сэттис кылааска үөрэнэ сырыттахпытына, Грецияҕа барар путевкалаах Аан дойду сэттэ уһулуччу дьиктитин туһунан биктэриинэ буолбутугар, онно кыттыбыппын өйдүүбүн. Кыайыылаах оҕо (үрдүкү кылаас уола, Ороссолуодаттан сылдьар диэн өйдөөн хаалбыппын) Грецияҕа баран кэлбитин ымсыыра аахпытым.
Кэнники доҕордоһуу рубрикатыгар аадырыспын суруйан ыыппытым икки сылынан хойутаан бэчээттэммитэ. Миэхэ оҕо бөҕөтө суруйбута да, мин билсэр-суруйсар санаам сүтэн хаалбыт этэ. Онон, ол суруйбут оҕолор ааҕар буоллаххытына, бырастыы гыныҥ, олоххут суолугар үгүс үтүө доҕоттору көрсүбүккүт буолуо диэн эрэнэбин…
«Кэскилгэ» аҕыйахтык бэчээттэммитим, ол эрээри, олус эрэллээх ааҕааччы этим. Үгүстүк суруйар оҕолору ааҕа билэрим. Кэлин, оскуоланы бүтэрэн устудьуон буолбуппар, дьонум тапталлаах хаһыаппар суруйтаран бүппүттэрэ. Онтон олус хомойбутум, оҕо сааһым кэрэ ситимэ быстыбыт курдук буолбута… Билигин ол ситиммин хаттаан тилиннэрэр, бөҕөргөтөр санааланным. Тапталлаах «Кэскилбит» урукку мындыргын сүтэрбэккэ, оҕо саас аргыһа буолуоххун олус баҕарабын!..
Эн эрэллээх ааҕааччыҥ Шура Попова, билигин Александра Лукинична МАТВЕЕВА.