Дүллүкү орто оскуолатыгар 9 кылааска диэри үөрэммит, «Эрчим» эдэр кэрэспэдьиэннэр түмсүүлэригэр дьарыктаммыт, салгыы М.А.Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи республиканскай гимназияны бүтэрбит Уруйдаана Афанасьева Владивостокка УИФУ-га быраас үөрэҕэр ситиһиилээхтик үөрэнэр. Уруйдаанаттан үөрэҕин, университетын туһунан ыйыталастым. Оскуоланы бүтэрбит выпускниктарга, оскуола үөрэнээччилэригэр бу кэпсэтии тоҕоостоох уонна туһалаах буолуо диэн эрэнэбин.
— Уруйдаана, үөрэххэ хайдах киирбиккиний?
— Мин оскуолаҕа үрдүкү кылааска үөрэнэрбэр быраас буолабын диэн сыал-сорук туруоруммутум. Экзаменнарбын онно туһаайан талбытым. Докумеммын ХИФУ-га уонна УИФУ-га медфакка ыыппытым. Онон билигин дьүөгэбин Айсаананы кытта Уһук Илиннээҕи Федеральнай Университеты талан «Школа медицины и наук о жизни» хайысхаҕа «Лечебное дело» идэҕэ үөрэнэ сылдьабыт.
— Үөрэххэ киирбиккин билэн баран туох санаа кэлбитэй? Атын дойдуга, университекка адаптация хайдах ааспытай?
— Бастаан киирбиппин билэн баран олус долгуйбутум уонна үөрбүтүм. УИФУ «Мой универ» приложениетыгар киирэн олоруохтаах уопсайбын, онтон телеграмҥа көрдөөн бииргэ олоруохтаах кыыспын булбутум. Балаҕан ыйын бүтэһигэр Владивостокка көппүппүт. Аэропортан 2,5 чаас айаннаан устудьуоннар олорор кампустарыгар «Русский» арыыга тиийбиппит. Хоспут бэлэм этэ. Адаптациябын түргэнник ааспытым, эрдэ дьиэбиттэн тэйэн гимназияҕа пансиоҥҥа олорбутум көмөлөспүтэ. Биһиэхэ 2-с куурустартан наставник оҕолору анаабыттара. Куорат климата сииктээх, ол сөмөлүөттэн түһээппитин муора салгына илгийбитигэр биллибитэ. Рельебэ түһүүлээх-тахсыылаах. Кыһын -20 кыраадыс, тыаллаах буолар эбит.
— Университекка өссө кимнээх үөрэнэллэрий?
— Университекка араас омук ыччата үөрэнэр: кытайдар, кэриэйдэр, испанецтар, иранецтар, индиецтэр, таджиктар, бүрээттэр о.д.а. Сахалартан 500-чэкэ устудьуон баар.
— Үөрэҕиҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
— Үөрэххэр ситиһиигинэн көрөн рейтинг таһаараллар. Ол рейтинг кампуска олороргор уонна стипендия ыларгар суолталаах буолар. Бастаан гуманитарнай предметтэри эмиэ үөрэппиппит: историяны, английскай тылы. Сүрүн предметтэрбит: анатомия, сестринское дело, латинскай тыл, биология, химия. Химияҕа үөрэнэргэ уустук соҕус, үксүгэр лабораторнай үлэни оҥоробут. Преподавателлэрбит нууччалар уонна атын омуктар. Учебник библиотекаҕа аҕыйах ахсааннаах бэриллэр, ол иһин үксэ электроннай учебнигынан ноутбукка дьарыктанабыт. Үөрэх кэмигэр төлөпүөҥҥүн туһанаҕын. «Сестринское дело» пааратыгар медицинскэй кииҥҥэ тахсан младшай медперсоналга көмөлөһөн үөрэнэр кэммитигэр практикабытын ааһабыт. Бастакы суһал көмөнү, укуол оҥорорго үөрэммиппит. Преподавателлэрбит медицинскэй кииҥҥэ үлэлииллэр, дьону эмтииллэр. Кыһыҥҥы сессияҕа зачёттары уонна биология, анатомия экзаменнарын туттарбыппыт.
— Иллэҥ кэмҥитигэр тугу гынаҕыт?
— Иллэҥ кэм диэн суоҕун кэриэтэ. Хаалбыт бириэмэбитигэр уруок аахтабыт. Оскуолаҕа бэлэмҥэ сылдьыбыт эбиппит дии саныыбын. Устудьуон буоллаххына, барытыгар бэйэҥ кыһаллаҕын. Үөрэххин бэйэҥ сырсан ситиһэҕин, мөлтөөтөххүнэ бэйэҥ эрэ көннөрөргүн өйдүүгүн. Аскын бэйэҥ булунаҕын. Өрөбүлгэр үрүксээккин сүгэн автобуһунан куорат киинигэр нэдиэлэтээҕи бородууктаҕын ылына айанныыгын. Маны тэҥэ ГУК-ка араас тэрээһиннэр буолаллар. Күһүн аан бастаан кэлэн баран «День первокурсника» тэрээһиҥҥэ сылдьыбыппыт. Студеннар араас түмсүүлэрэ баар. Онно тугунан дьарыктанаргынан, туох интэриэстээххинэн талан киириэххин сөп. Сахалар «Кэскил» диэн түмсүүлэрэ үлэлиир. Үөрэхпит олус интэриэһинэй. Сороҕор сылаалаах да буоллар, талбыт идэбитигэр үөрэнэ сылдьарбытыттан олус үөрэбит, астынабыт. Билигин сайыҥҥы сессиябытын туттараары сүүрэ-көтө сылдьабыт.
— Выпускниктарга, оскуола оҕолоругар баҕа санааҥ?
— Үөрэххитигэр кыһаллан үөрэниҥ. Саамай сүрүнэ туохтан да куттанымаҥ. Баҕарбыт сыалгытын-соруккутун ситиһиҥ!
— Кэпсээниҥ иһин махтал!
Алина Санникова,
IX кылаас,
Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү
«Эрчим» медиа-киин эдэр кэрэспэдьиэнэ