Уус Алдан улууһун Чараҥ орто оскуолатыгар саха норуотун поэта, оҕо суруйааччыта Иван Васильевич Мигалкин төрөөбүтэ 70 сааһыгар аналлаах «Сардааналаах кыысчаан» диэн оҕолорго улуустааҕы уруһуй күрэҕэ буолан ааста.
Уус Алдан улууһун оскуолаларыттан 100-тэн тахса оҕон кыттыыны ылла. Кинилэр үс бөлөххө: 1-4, 5-8, 9-11 кылаастарга арахсан, уруһуйдарын көмүскээтилэр.
Уруһуй күрэҕин үөрүлээх аһыллыытыгар Иван Васильевич бииргэ төрөөбүт быраата Афанасий Васильевич Мигалкин оҕолорго туһаайан олус үчүгэйдик эттэ:
«Уруһуй уонна тыл биирдэр. Уруһуйу өйдүүр киһи өйүнэн-санаатынан күүстээх. Уруһуй киһиэхэ дириҥ өйү-санааны биэрэр, төрөөбүт дойдуга, айылҕаҕа, аан Ийэ дойдуга тапталы иҥэрэр».Кини бэлиэтээн эппитин курдук, искусствоҕа куоталаһыы, күрэхтэһии диэн суох. Бу киһи өйүн-санаатын, бу киһи ис кэрэтин көрдөрөр үүнүү-сайдыы.
Афанасий Васильевич ахтан ааспытын курдук, Иван Мигалкин Москваҕа устудьуоннуу сылдьан улуу Леонардо да Винчи быыстапкатын көрөөрү түүнү быһа уочараттаабыт. Поэт искусствоны оннук күүскэ сөбүлүүр, өйдүүр эбит. Аны Москваттан Уус Алдаҥҥа дойдутугар каникулларыгар кэлэригэр чымадаан муҥунан кинигэ кэһиилээх кэлэрэ. «Саамай үчүгэйэ диэн ол аҕалбыт кинигэтэ барыта киһи хараҕа халтарыйар үчүгэй да үчүгэй уруһуйдардаах буолара», — диэн кэпсиир суруйааччы быраата, Уус Алдан улууһун баһылыгынан үлэлии сылдьыбыт салайааччы, Саха сиригэр биллэр общественнай-политическай деятель, кыраайы үөрэтээччи Афанасий Васильевич Мигалкин.
Снежана ГОТОВЦЕВА, VIII кылаас, «Байаҕантай кэскиллэрэ» юнкорпост, М.Н. Готовцев аатынан Танда орто оскуолата, Уус Алдан