Бииртэн биир дьон ахтыыта… «Ама, маннык үтүөлээх олоҕу олороллор дуо?» — диэн эдэр киһи өйүгэр ытыктабыл, сөҕүү-махтайыы былаастаах ыйытык үөскүүр...
Атырдьах ыйын 16 күнүгэр Бүлүү улууһун Уотту сиригэр-уотугар «Бэлэм Буол», «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар Бочуоттаах эрэдээктэрэ, «Бочуот знага», «Норуоттар доҕордоһуулара» уордьаннар кавалердара, СӨ, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, суруналыыстыкаҕа Государственнай бириэмийэ лауреата, Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Нина Иннокентьевна Протопопова сырдык кэриэһигэр анаммыт мемориал аһылынна.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар: Бүлүү улууһун Чинэкэ нэһилиэгин баһылыга А.В. Протопопов, аймахтара, хозяйственнай диэйэтэллэр К.К. Корякин, К.Н. Бадаев, нэһилиэк бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Р.П. Сортоева, улуус депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Г.С. Корякин, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ О.И. Семенова уонна Чинэкэ, Уотту олохтоохторо.
Күн утаа саҕаланыыта ардахтаах этэ. Онтон аһыллыы сиэрин-туомун кэннэ тута күн көрөн күлүмнээбитэ. Н.И. Протопопованы республикаҕа оҕо суруналыыстыкатын төрүттээччинэн, саҕалааччынан, тэрийээччинэн ааҕабыт. Кини олохтообут үтүө үгэһин эрэдээксийэ кэллэктиибэ салгыыр.
«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Семенова: «Нина Иннокентьевнаны бүтэһигин 2015 сыллаахха «Где же вы, друзья-однопольчане» кинигэтин сүрэхтэниитигэр көрсүбүтүм. «Кэскилгэ» ананан кэлбитим төрдүс сылыгар барда. Билигин конкуренция үрдээн турар. Оҕоҕо, төрөппүккэ информацияны, билиини тириэрдии уустугурда. «Кэскил» хаһыат саҥа «Бэлэм Буол» сурунаал сыһыарыылаах тохсунньу ыйтан тахса турар. Уонна көрдөрөр-иһитиннэрэр ньыманы туһанан эмиэ үлэлиибит. Быйыл Ил Дархан, Быраабытылыстыба олус улахан өйөбүлү оҥордулар. «Кэскил» аана уруккаттан сабыллыбат этэ. Урут Нина Иннокентьевнаҕа үөрэнээччиттэн саҕалаан, учууталлар учууталларыгар тиийэ сүбэлэтэ кэлэллэрэ. Ол үтүө үгэһи тутуһан, хас биирдии редакция кэрэспэдьиэнэ оннук сыаллаах-соруктаах үлэлиир. Нина Иннокентьевна норуот лиидэрдэригэр өйүнэн-санаатынан көмөлөспүт киһинэн буолар. Кини учууталлар санааларын үллэстэр түһүлгэлэрин, «Учуутал аргыһа» диэн хаһыаты, төрүттээбитэ. Билигин бу үлэ сөргүтүллэн эрэр. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ пединститута өйөөн, норуот педагогикатын лабораториятын аһан эрэбит. Онон «Кэскил» үлэтэ — кэскиллээх!»
Константин Кириллович ахтар: «Нина Иннокентьевна аймаҕым буолар. Аҕа ууспут биир сыдьааннаахтар. Кини эдэр сылдьан, Уотту биир балаҕаныгар «ПНИ» диэн суруйан хаалларбытын көрдөтө сатаабытым да, көстүбэтэҕэ (күлэр). Олус дойдутумсах этэ. Биир дойдулаахтарыгар оҥорбут өҥөтө наһаа элбэх. Нэһилиэгин туһугар сүүрэр-көтөр, үлэлиир этэ. Уоттуга кини көмөтүнэн пааматынньыктар турбуттара. «Уотту иччитэхсийбэтин, олоруҥ» диирэ. Александр, Марфа Корякиннары көрөн үөрэрэ, уоскуйара. Күн сириттэн барар сылыгар, сайын, түбүгүрбүтэ ахан, дьону кытта алтыспыта, кинигэтин сүрэхтээбитэ. Ол сылга дойдутугар кэлбитэ, сайылык устун хаампыта, өтөхтөрү кэрийбитэ. Сиэннэрэ нэһииччэ сиэннэрэ илдьибиттэрэ, барыан баҕарбатаҕа. Арааһа, сэрэйдэҕэ буолуо…Ити курдук, күн өлүөр диэри дойдутугар, дьонугар чугас этэ».
Тэрээһиҥҥэ Бүлүү куоратын Н.И. Протопопова аатынан «Кэскил» оҕо дьоҕурун сайыннарар киинин «ЭКОРепортер» лааҕыр кэрэспэдьиэннэрэ, салайааччылара Кыдана Владимировна Дорофеева тэҥҥэ сырыттылар.
Нина Иннокентьевна Протопопова аата Россия рекордун кинигэтигэр саамай уһуннук үлэлээбит кылаабынай эрэдээктэр быһыытынан киирбитэ.
Уоттуга Александр Гаврильевич, Марфа Кирилловна Корякиннар улахан бааһынай хаһаайыстыбаланан олороллор. Дьиҥнээх айылҕа ыраас салгына, күөх сир, күөл, кус, балык — барыта манна бааллар.
«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата Чинэкэ нэһилиэгин баһылыгар Артур Владимирович Протопоповка, Уотту олохтоохторо Александр, Марфа Корякиннарга барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Эльдар Садовников