Уот киһи олоҕор улахан көмөлөөх, ол гынан баран уот алдьархайы эмиэ аҕалыан сөп. Сэрэҕэ суох туттууттан, дьон кыһын ортото таьырдьа туран хаалар түбэлтэлэрэ тахсар, туох баар маллара барыта уокка былдьанар.
Алтынньы 27 күнүгэр биһиги кылааһынан Бороҕоннооҕу баһаарынай чааска сырыттыбыт. Билиҥҥи туругунан 2 саҥа Камаз уонна 1 Урал массыыналар уоту кытта охсуһарга толору уулаах, сэлээркэлээх бэлэм тураллар. Бу массыыналар аҥардас көлүөһэлэрэ биһиги саҕа буолаллар эбит. Баһаарынай чаас үлэһиттэрэ Саргылана Васильевна Атласова, Василий Дмитриевич Ябловскай, Анатолий Михайлович Иванов оскуолаҕа, дьиэҕэ, айылҕаҕа сылдьан баһаар буоллаҕына хайдах быыһанарбытын сиһилии кэпсээтилэр. Баһаар буолан эрэрин көрдөхпүтүнэ 101 нүөмэргэ эрийэн биллэриэхтээхпит. Баһаарынай чаас үлэһиттэрэ күнүстэри, түүннэри үлэлииллэр, бэйэлэрэ эмиэ дьону үөрэтэллэр, куттаммакка, уолуйбакка уоттан хайдах куотары кэпсииллэр, сырдатар үлэ ыыталлар.
Оҕолор ыйытык бөҕө биэрдилэр. Интэриэһинэй, ол гынан баран дьон олоҕун быыһыыр аналлаах баһаарынай чаас үлэһиттэрин үлэлэрин сөҕө уонна хайгыы көрдүбүт.
Лиля Алексеева,
Нелли Платонова, Дайаана Степанова,
Мүрү I нүөмэрдээх орто оскуолатын
IV “А” кылааһын үөрэнээччилэрэ,
Уус Алдан.