«Медиа-оскуола кэрэспэдьиэннэриттэн кими бэлиэтиэҥ этэй?» — диэн ыйытык турдаҕына, тута, арааһа, лиидэр хаачыстыбалаах, үлэни бэриниилээхтик толорор Эрсан Соловьеву этэрим буолуо. Кини — Уус Алдан улууһун Дүпсүн орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ.
Мин аатым «Эр санаа» диэн икки тыл холбуутуттан тахсыбыт саха аата буолар
— Эрсан, дорообо! Сахалыы атах тэпсэн олорон, «бастаан мантан саҕалыам этэ» диэбиккин кэпсээн саҕалаа.
— Дорооболоруҥ, күндү ааҕааччылар! Дьиэ кэргэммэр иккис оҕобун. Бииргэ төрөөбүттэр — төрдүөбүт. Киһиэхэ сөбүлүүр, дуоһуйууну аҕалар дьарыгыттан ордук туох кэлиэй? Ол курдук, мин икки сөбүлүүр дьарыктаахпын: спорт уонна ырыа. Спорт көрүҥүн барытын сөбүүлүбүн, барытыгар холонобун. Уонна гитараҕа оонньуурбун, ыллыырбын туохтааҕар да ордоробун.
—Оскуолаҥ тутаах киһитэ буолаҕын дии…
-Оскуола бэрисидьиэнэ буолабын. Биһиги оскуолабыт республика үрдүнэн биир кырдьаҕастартан биирдэстэрэ. Үөрэхпит кыһата үрдүккэ кынаттыыр, элбэххэ үөрэтэр. Сөбүлүүр предметтэрим — математика уонна информатика.
-Спордунан дьарыктанаҕын дуо?
-Спордунан бэйэбэр туһалаах диэн дьарыктанабын. Улахан наҕараадаҕа наадыйбаппын. Спорт миигин сүрүннээн дисциплинаҕа үөрэтэр. Бу сайын нэһилиэкпэр ыытыллыбыт «Дыгын Оонньууларыгар» кыайан мотоцикл биириис туппутум.
-Бу сыл муус устар ыйыгар оҕо бэчээтин кыһата «Медиа-ракета «Кэскил», СР Кыра Академияларын иһинэн, ыыппыт сменатыгар үөрэммитиҥ. Тугу саҥаны биллиҥ-көрдүҥ?
Оннук. Оттон ол ыылбыт билиибитин YISG оонньууларга медиа-оскуолаҕа эдэр кэрэспэдьиэн, видеограыф быһыытынан сылдьыбытым. Оператор уонна монтажер хайысхаларыгар үлэлээтим. Туораттан көрдөххө, холкутук биир эрэ кунуопканы баттаан турар курдук. Ол гынан баран, бу тутах санаа. Устарга туспа элбэх быраабылалар бааллар. Камераны куруук настройкалыы сылдьыахтааххын(ракурс, уот уо.д.а.) Уопсайынан, суруналыыстыка эйгэтэ уустук эбит дии санаатым. Барытын билэ-көрө, бэлиэтии сылдьыаххын наада, ол бэйэҕиттэн улахан тутулуктаах дьаныар.
-Ханнык идэни баһылыаххын баҕараҕын? Аныгы ыччакка хайдах кэм кэллэ? Сайыныҥ этэҥҥэ ааһан эрэр?
Кыра эрдэхпиттэн архитектор буолуохпун баҕарарым. Билигин уларыйыах курдук, быһыыта. «Улахан олоххо» үктэнэн эрэр оҕоҕо араас элбэх санаа киирэр. Мин санаабар, аныгы олоххо олус элбэх кыах, сайдар суол баар. Хас биирдии киһи олоҕун торумнаан, толкуйдаан сырыттаҕына, күөх сыырдары, дабааннары дабайар. Сайыммын дьоммун кытта атаардым. Эбэлээх эһэбэр күүс-көмө буоллум.
-Эрсан, үөрэххэр өссө кичэйэҥҥин, оскуоланы ситиһилээхтик бүтэрэҥҥин, дойдуҥ туһугар үлэлиир, ааттатар киһи буолуоҥ диэн эрэнэбин!
-Барҕа махтал! Ааҕааччылар, лаайкта туруоруҥ, комментарийда хаалларыҥ!
Эльдар САДОВНИКОВ