«Саха дьоно аҕыйах, онтон уолаттар ахсааммыт оннооҕор кыра буоллаҕа. Онон өрүүтүн бэйэ-бэйэбитин өйөнсөн, көмөлөсүһэн сылдьарбыт эбитэ буоллар», — диэн дьоруойум дириҥ ис хоһоонноох этиититтэн матырыйаалбын саҕалыыбын.
Кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын?
-Мин аатым Давид Семенов, бэс ыйын 7 күнүгэр 2005 сыллаахха төрөөбүтүм. Ийэм Мария Викторовна Семенова, быраас идэлээх. Икки балтылаахпын. Бүлүү Өкүндү нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. С.Ф. Гоголев аатынан Хампа орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэбин.
Спорт — олоҕум аргыһа
-Тустуунан иккис кылаастан тохсуска диэри утумнаахтык, күүстээхтик дьарыктаммытым. Тренерим Дмитрий Владимирович Винокуров. 2018 сыллаахха Севастопольга кадетскай сүлүөккэ сылдьыбыппыт. Онно сахалар элбэҕи сатыырбытын өйдөөбүтүм. Ол эрээри, ону ситэ туһаммаппыт. Биһиги кыбыстарбыт, толлорбут элбэх. Холобур, атын омуктар сыанаҕа ыллыы турар биир дойдулаахтарын аймахтарын курдук таптаан кэпсииллэрин илэ көрбүтүм. 2019 сыллаахха норуоттар икки ардыларынааҕы Павел Пинигин тустууга турнирыгар бочуоттаах үһүс миэстэни ылбытым. Тохсус кылаас кэнниттэн тустуубун тохтоппутум. Билигин волейболунан дьарыктанабын. Улууска оҕолорго иккис буолбутум, эр дьоҥҥо — үһүс.
Киинэ, ырыа, хоһоон эйгэтэ
-Кэрэни кэрэхсиибин, элбэҕи ааҕабын. Хоһоон күрэҕэр бастыы сылдьыбытым. Кыра эрдэхпиттэн киинэҕэ уһуллар ыра санаалаахпын. Боевикка уһуллуом этэ.
-Сөбүлүүр артыыстардааххын?
-«Убаһа этэ» киинэ артыыстарын сөбүлүүбүн. «Агент Мамбо» киинэҕэ «Трупагы» оонньуур Альберт Ноговицын эмиэ олус сэргэх, талааннаах артыыс.
-Саха киинэтин туһунан санааҥ?
-Мин санаабар, балысханнаахтык сайдан эрэр. Ол эрээри, син биир, ханна барытыгар буоларын курдук, туох эрэ тиийбэт. Хорсун быһыыны кэпсиир, аныгы тыыннаах, ыччаты сырдыкка, үрдүк чыпчааллары дабайарга көҕүлүүр киинэлэр өссө уһуллуохтара диэн эрэнэбин.
Арба, мин аниме көрөрбүн астынабын. Билигин «Ван-Пис» көрө сылдьабын.
-Ханнык ырыалары истэҕин?
-Майот, Оу Джи Буда, Кизару курдук ырыаһыттар ырыаларын истэбин. Уонна «Thе Side of Paradise» диэн олус уоскутар ырыаны ааҕааччыларга сүбэлиибин.
Үтүө майгыҥ — эн көтөр кынатыҥ
-Дьоҥҥо куруутун үтүө сыһыаннаахпын. Биирдэ кырдьаҕас эмээхсини көрөн наһаа аһыммытым. Светофору туораан истэҕинэ көмөлөспүтүм. Суоппардар кыаммат дьону көрөн туран сыгынаалыылларын, кыйаханалларын наһаа дьиктиргии көрбүтүм, абарбытым. Эбээ барахсан махтаммыта аҕай.
Билиҥҥи уол мэтириэтэ
-Билигин, кистэл буолбатах, ардыгар эрдэҕэс саастаах уонна ыччат уолаттар бэйэ икки ардынан ким бастыҥын көрдөрөөрү, тапсыбакка, охсуһарга күһэллэллэр, «братва» буолан быһаарсаллар, улуустаһыы да баар, онно туох санаалааххын?
-Мин санаам, эһиги эппиккит курдук, үрдүктүк туттаары, көстөөрү инник быһыыланаллар. Уолаттар аҕыйахпыт. Тапсан, өйөнсөн сылдьарбыт буоллар… Ол кэриэтэ билсэн — көрсөн ыарахаттарыгар көмөлөһүөххэ сөп. Өстүйүү оннугар доҕордоһууну таларым чуолкай. Ол эрээри, бастаан саҕалаабыт дьоҥҥо эппиэтэһиэм, көмүскэниэм этэ. Доҕотторум олус элбэхтэр, онон наһаа дьоллоохпун. Тыа үлэтиттэн толлубат, саастаах дьону ытыктыыр, кэрэ аҥардарбытын харыстыыр гына үүнэн-сайдан тахсыахтаахпыт.
—Үлэһит буолан баран, куоракка, биитэр дэриэбинэҕэ олоруоҥ этэ дуу?
-Иккиэннэригэр. Сайдыыны кытта тэҥҥэ хаамсан куоракка олоруом этэ. Ону таһынан, биллэн турар, киһи күннээҕи түбүктэн сылайар, сынньаныан наада. Ол иһин аралдьыйар, сынньанар курдук, тыа сиригэр эмиэ дьиэлэниэм этэ.
Ыра санаалары сыалга кубулутуу
-Бэйэм дойдубар туһалааҕы, саҥаны арыйар киһи буолар сыаллаахпын. Ханнык да үлэттэн толлубаппын. Билиҥҥиттэн араас үлэҕэ сылдьабын. Оскуолам кэннэ тута аарымыйаҕа барар санаалаахпын. Салгыы дьону харыстыыр, көмүскүүр эйгэҕэ үлэлиэм этэ. Инникибин хас да хайысханы баһылаабыт профессионал, баай дьиэлээх-уоттаах эр киһи курдук көрөбүн.
— Давид, дириҥ ис хоһоонноох кэпсээниҥ иhин махтал!
Кэпсэттэ Эльдар Садовников