Тыа сиригэр уол оҕону иитэр олус үчүгэй. Хара үлэҕэ кыраларыттан эриллэн улаатаннар, олоххо бэлэмнээх буолаллар.
Бу күһүҥҥү каникул кэмигэр көмпүүтэргэ оонньуу, төлөпүөҥҥэ ватсаптаһа олорбокко, улахан дьону кытта муҥхалаатылар, муус ыллылар.
Ыраах Бүлүү улууһун Чинэкитигэр олорор Айысхаан Черкашин эһэтэ Миитэрэй, аҕата Клим уонна абаҕалара, убайдара буолан биир күн иһигэр 500-чэкэ мууһу ыллылар.
—Мууспутун сылын аайы Бэрэ диэн күөлтэн ылабыт. Тиийэн бастаан хаар күрдьэбит, онтон “Дружбанан” кэрчиктээн саҕалыыбыт. Ууттан мин таһаарабын. “Чыскы” диэн тэрилгэ кыбытан. Бу тэрили эргэ турбалары сыбааркалаан оҥорбуппут. Мууһу ыларга олус табыгастаах. Соһон илдьэн, кэчигирэччи наардаан иһэбин.
Сэттис кылааска үчүгэйдик үөрэбин. Музыкальнай оскуола фольклор уонна уруһуй куруһуоктарыгар сылдьабын. Сайыны быһа оттообутум. Быйыл саҥа дьиэҕэ киирдибит. Билигин ону ситэрэн-тупсаран оҥорууга көмөлөһөбүн, аҕабын кытта уһанабын. Дьонум: “Үлэһит киһи үчүгэйдик олорор”, — дииллэр. Ол иһин сүрэҕэлдьээбэппин, кыһаллабын. Дьонум курдук үлэһит киһи буолуом.