2022 сыл олунньу ыйыттан улуус иһинэн тэриллибит хас да оскуоланы хабар «Дьөһөгөй» бырайыак үлэтин саҕалаабыта. Бырайыак сүрүн сыала — оҕону саха төрүт дьарыгар сыһыарыы, үөрэтии, уһуйуу. Ол курдук, Н. Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын 7, 8, 9 кылаас уолаттара тэҥҥэ сылдьан, араас хабааннаах тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттабыт.
Манна биһиги айылҕалыын алтыһан, сылгыһыттары көрсөн сүбэ-ама ылабыт, көмөлөбүт. Араас субуотунньуктарга көхтөөхтүк кыттабыт. Ыраах ходуһаҕа хоно сытан от оттоон, курүө-хаһаа оҥорбуппут. Ат миинэн доруобуйабытын чэбдигирдэн, оҕолору кытта билсэн, оонньоон-көрүлээн бириис бөҕө ылан, ыллаан-туойа сынньалаҥмытын туһалаахтык атаарабыт.Үтүө түмүктээх үлэттэн сайдабыт. Маннык сырыы хас биирдии уол оҕоҕо олус туһалаах. Тыа оҕото социализацияны ааһарыгар, олоххо бэлэмнээх, дойдутугар бэриниилээх буоларыгар саамай сөптөөх бырайыак дии саныыбын.
Бырайыагы салайааччыбыт Любовь Алексеевна Лобанова тугу гыныахтаахпытын ыйан-кэрдэн биэрэр.КыҺынын бэйэбит бэтэрээн учууталларбытыгар баҕа өттүнэн мууска-маска көмөлөһөбүт. Ону таһынан, тус бэйэм иллэҥ кэммэр эбээлээх эһээбэр чааһынай хаһаайыстыбаҕа бостуугунан үлэлиибин.
Миша ИВАНОВ,
X кылаас,
Бөтүҥ, Амма