Олунньу 8-10 күннэригэр Г.Е. Бессонов аатынан Тойбохой орто оскуолатыгар улуустааҕы 10-с төгүлүн ыытыллар «Уол оҕо норуот кэскилэ» уолаттарга аналлаах күрэхтэһии буолан ааста.
Күрэс 6 көрүҥүнэн ыытылынна. Уопсайа 12 оскуолаттан уонна 2 уһуйаантан, барыта 111 уол оҕо кыттыыны ылла.
Бу куонкуруска Сунтаар бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатын уолаттара куһаҕана суохтук кытыннылар.
Ол курдук оҕолорбут ситиһиилэрэ:
Хореография 3 категория
Лауреат 1 ст. — үҥкүү анс. «Тыын» (сал. Генерова К. В.)
Худ. ааҕыыга «Если бы парни всей страны…» коллективнай ааҕыы 3 категория
Лауреат 1 ст. 5-в кыл. кэлэктиибэ.
3 категория
Лауреат 2 ст. — Охлопков Степан, 6 кыл.
Категория 4
Лауреат 1 ст. — Сергеев Юрий 9, кыл.
Лауреат 3 ст. — Исаев Андрей, 9 кыл.
Анисия Семенова, Сунтаар бастакы
нүөмэрдээх орто оскуолатын
«Дьулуур» медиакиинэ.