Олунньу 22 күнүгэр Кыьыл Сулус, Аҕа дойду улуу сэриитин I истиэпэнин, Норуоттар доҕордоһууларын уордьаннарын кавалердара, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Чурапчы оройуонун Бочуоттаах гражданина, Чурапчы орто оскуолатын өр кҥэмнэргэ салайбыт дириэктэр, буойун-учуутал Гавриил Дмитриевич Ефимов сырдык аатын үйэтитэр “Уол оҕо аҕыс кырыылааҕа” ини-бии уолаттар ортолоругар интеллектуальнай-сатабыл күрэҕэ 10-с төгүлүн С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар ыытылынна. Манна ини-бии 24 уол улуус сэттэ оскуолатыттан, Дьокуускайтан, Мэҥэ Хаҥаластан кэлэн кыттыыны ыллылар.
Тэрээһини үөрүүлээхтик арыйыыга оскуолабыт дириэктэрэ Н.В. Уарова Г.Д. Ефимов олоҕун сырдатта, күрэх кыттыылаахтарыгар ситиһиини баҕарда. Эҕэрдэ тылларыгар улуустааҕы үөрэх управлениетын сүрүн специалиһа И.Г. Винокурова, Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта У.И. Туласынов бу тэрээһин улахан иитэр суолталааҕын бэлиэтээтилэр. Дьокуускайтан кэлбит ыалдьыт С.А. Николаев Гавриил Дмитриевич Ефимов оҕолорун, аймахтарын ааттарыттан оскуола коллективыгар, история учууталларыгар махталын биллэрдэ.
«Мин дьону, олоҕу таптыыбын…” Г.Д. Ефимов хоһооннорунан дьүһүйүүнү “Умсулҕан” бөлөх уолаттара толорон тэрээһин суолтатын үрдэттилэр, салайааччы Т.М. Пестерева. «Беркут» байыаннай-патриотическай кулууп иитиллээччилэрэ бэйэлэрин сатабылларын көрдөрдүлэр, салайааччы Д.П.Соловьев.
Күрэххэ кыттыбыт ини-биилэрэ кимнээҕий?
Ярослав, Дамир Васильевтар (Дьокуускай куорат 21 №-дээх оскуолата, салайааччы С.А. Николаев), Максим, Мурат Владимировтар (П.М. Васильев аатынан Соловьев орто оскуолата, салайааччы М.Н. Попова), Сулустаан, Тимур Оконешниковтар (Д.Д. Красильников аатынан Мугудай орто оскуолата, салайааччы Т.В. Оконешникова), Евгений, Прокопий Пермяковтар (С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията, салайааччы С.Д. Попов), Валентин, Лев Седалищевтар (Одьулуун орто оскуолата, салайааччы Р.Н. Карпов), Андрей, Максим Владимировтар (Мэҥэ Хаҥалас улууһун Р.А. Бурнашев аатынан Табаҕа орто оскуолата, салайааччылар А.А. Ефимов, С.Н. Ефимова, Арсен, Арылхан Лаврентьевтар, Дамир, Айсиэн Луковцевтар (Төлөй орто оскуолата, салайааччы Е.Д. Захарова), С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыттан Айал, Валентин Пудовтар (салайааччылар Н.А. Семенова, О.А. Шестакова), Сандал, Сайаан Осиповтар (салайааччылар В.В. Маркова, И.В. Корякина), Владислав, Василий Пономаревтар (салайааччылар М.Н. Афанасьева, Е.И. Сивцева), Феликс, Игорь Федоровтар (салайааччылар С.Д. Платонова, Н.Д. Ким).
Ини-биилэр икки бөлөххө арахсан, бэйэлэрин сатабылларын, билиилэрин-көрүүлэрин аҕыс түһүмэххэ (кырыыга) тургуттулар.
“Мин дойдуну, дьону, олоҕу таптыыбын..” бастакы түһүмэххэ ини-биилэр социальнай суолталаах бырайыактарын көмүскээтилэр. Бу бырайыактар сорохторо олоххо киирбиттэр, сорохторо – саҥа саҕалааһыннар эрээри оҕолор обществоҕа туһалаах, оҕо олоххо кыттыгастаах буола улааталларын ситиһэр дириҥ суолталаахтар.
Иккис түһүмэххэ ини-биилэр компьютернай салоҥҥа бэриллибит анал сорудахтары толордулар. Үһүс интеллектуальнай түһүмэххэ “Саха сирэ Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар” тиэмэҕэ билиилэрин көрдөрдүлэр.
Төрдүс түһүмэххэ «Мелодияны тал» патриотическай ырыа күрэҕэ ыытылынна. “Уол оҕо сатабыла” диэн бэһис түһүмэххэ уһаныы киирдэ. Алтыс «Дойдубун көмүскүүргэ бэлэммин…» түһүмэххэ Калашников автоматын ыһыы уонна хомуйуу күрэҕэ буолла. Сэттис “Хабылык” түһүмэххэ кыра уолаттар саха төрүт оонньуутугар күрэхтэстилэр. “Булчут сатабыла” ахсыс түһүмэххэ пневматическай бинтиэпкэнэн сыал ытар сатабылларын көрдөрдүлэр.
Уопсай түмүккэ кыра бөлөххө кыайыылаахтарынан Лев, Валентин Седалищевтар (Одьулуун орто оскуолата) буоллулар. Иккис миэстэҕэ Айаал, Валентин Пудовтар (С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата), үһүскэ Евгений, Прокопий Пермяковтар (С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията) таҕыстылар.
Улахан бөлөххө кыайыылаахтарынан Андрей, Максим Владимировтар (Р.А. Бурнашев аатынан Табаҕа орто оскуолата) буоллулар. Иккис миэстэҕэ Арсен, Арылхан Лаврентьевтар (Төлөй орто оскуолата), үһүс миэстэҕэ Дамир, Айсиэн Лаврентьевтар (Төлөй орто оскуолата) таҕыстылар.
Кыайыылаахтар дипломнарынан, биһирэбил суруктарынан, Г.Д. Ефимов оҕолоро, сиэттэрэ анаабыт кубоктарынан наҕараадаланнылар.
Гавриил Дмитриевич Ефимов аатын үйэтитэр “Уол оҕо аҕыс кырыылааҕа» патриотическай күрэхтэһиигэ кэлэн кыттыбыт ини-биилэргэ, кинилэр төрөппүттэригэр, бэлэмнээбит учууталларыгар, бу тэрээһини өрүү өйүүр Г.Д. Ефимов дьиэ кэргэнигэр махтанабыт.
Люция Павловна ИЛЛАРИОНОВА, тэрээһин салайааччыта,
история учуутала, С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата.