Билиҥҥи фастфуд, көмпүүтэр, тиэхиникэ сайдыытын кэмигэр ыарахан ыйааһыннаах киһи олус элбээтэ. Улахан да дьон, кыра да оҕо… Холобур, оскуола үөрэнээччилэрэ, наар олорор буоланнар, ыйааһыннарын түргэнник эбинэллэр.
Нэдиэлэҕэ иккитэ эрэ 45-тии мүнүүтэ физкультуралыыллара, мин санаабар, олус аҕыйах. Киһи хас күн аайы хамсаныахтаах. Билигин оҕолор элбэх калорийдаах аһы сииллэр уонна онтулара тарҕаммакка, сыаҕа кубулуйар. Дьиэлэриттэн оскуолаҕа диэри сатыы хаампакка, массыынанан эбэтэр оптуобуһунан айанныыллар, кирилиэһинэн тахсыбакка, лиибинэн дабайаллар. Ону сэргэ, олорон эрэ көмпүүтэрдииллэр, тэлэбиисэр, планшет көрөллөр, төлөпүөн хаһаллар. Уойбат уонна чэгиэн буолар туһугар тугу гынабыт? Бу ыйытыкка Оҕо доруобуйатын уонна ийэ харыстабылын киинин эндокринолог-бырааһа Маргарита Егоровна НИКИФОРОВА эппиэттиир.
Тугу аһатабын?
– Оҕо сайдарын, чэгиэн буоларын туһугар элбэхтик хамсаныахтаах уонна сөпкө аһыахтаах. Уойуу удьуорунан бэриллибэт. Ийэлэрэ, эбэлэрэ тугу астыылларын аһыыр буоллахтара дии. Ол иһин оҕотун туһугар кыһаллар төрөппүт ыһаарылаабакка, сыалаабакка-арыылаабакка астыахтаах. Сарсыарда хааһы сиир олус туһалаах: эбиэс, гречкэ, сэлиэһинэй. Эттээх гречкэ сарсыардааҥҥы аһылыкка эмиэ үчүгэй. Минньигэс йогуртары, иэдьэгэйи, сыыр араас көрүҥүн хадаҕалыы сатаамаҥ.
Хас күн аайы сандалыгытыгар балык, сымыыт уонна эт баар буолуохтаах. Халбаһы, сосиска, сарделька доруобуйаҕа туһаны аҕалбатын бары өйдүөх тустаахпыт.
Хамсаныах! Элбэҕи аһыыртан эрэ уойар диэн санаа сыыһа. Оҕоттон тус бэйэтиттэн эмиэ улахан тутулуктаах. Сүрэҕэлдьээбэккэ, иллэҥ кэмигэр хамсаныахтаах. Холобур, аэробиканан, фитнеһинэн дьарыктанан, бассейҥҥа сылдьан. Оттон спорду сөбүлээбэт буоллаҕына, үҥкүүгэ сырыттын. Эбэтэр сатыы хаамтын, ол эмиэ дьарык биир көрүҥэ. Дьиэҕитигэр иһит сууйан, муоста харбаан, быыл сотон көмөлөһүннэриҥ.
Эндокринолог сүбэтэ:
- Нэдиэлэ аайы күннээҕи тэрээһиннэргитин былааннааҥ уонна көтүппэккэ тутуһа сатааҥ. Хаһан, хас чааска, ханна бараргын, тугу гынаргын өрүү суруна сырыт.
- Доруобуйаҥ туһунан ыйытыктардаах буоллаххына, төрөппүттэргэр этэн, бырааска суруйтаран көрдөр. Кини сүбэлиэ, тугу гынаргын ыйан, этэн биэриэ.
- Хас сарсыарда аайы аһыаҥ иннинэ ыйааһыҥҥын бэрэбиэркэлэн. Оннук көрүнэ сырыттаххына, бэйэҕин бэйэҥ хонтуруолланыаҥ.
- Саҥа үүммүт күҥҥүн биир ыстакаан ууттан саҕалаа. Аччык искэр иһэргин умнума. Ол кэнниттэн тото-хана аһаа.
- Күҥҥэ биэстэ-алтата аһыахтааххын. Сарсыардааҥҥы, күнүскү, киэһээҥҥи аһылыктар быыстарыгар быстах үссэнэ түһэр үчүгэй: фрукта, сыата-арыыта суох салаат, үрүҥ аһылык. Минньигэс йогурт, хааман иһэн сиир ас, фастфуд көҥүллэммэт.
- Аһыы олорон тэлэбиисэр көрдөххүнэ, аралдьыйдаххына, төһөнү аһаабыккын билбэккэ, нуормаҕыттан таһынан тахсыаххын сөп. Күн устата аһаабытыҥ тарҕаныахтаах, ол иһин киэһэ элбэҕи аһаама.
- Киэһээҥҥи астан аккаастаныаххын сөп эрээри, сарсыарда хайаан да аһыахтааххын. “Сарсыарда – тойон, күнүс – тойон оҕото, киэһэ – дьадаҥы киһи курдук аһаа” диэн этии мээнэҕэ буолбатах. Киэһэ утуйуоҥ үс чаас иннинэ аһыахтааххын.
- Хайаан даҕаны 8-9 чаас устата утуйуохтааххын. Оччоҕуна эрэ этиҥ-сииниҥ сынньанар. Аҕыйах чаас утуйар киһи түргэнник уойуон сөп.
Түмүккэ
Кыра эрдэххиттэн доруобуйаҕын, аһылыккын көрүнэ сырыт. Олоҕуҥ, доруобуйаҥ хайдах буолара бэйэҕиттэн тутулуктаах. Онон билиҥҥиттэн толкуйдан. Доруобай буол!
Ааптар: Айаана Третьякова.