Ынах саас эрдэ төрүүр, үксүгэр кулун тутар ыйтан саҕалаан. Ол эрэн сороҕор олус эрдэлээн төрүүр ынах эмиэ баар буолар. Кинилэр саҥа дьыл иннигэр да оҕолонуохтарын сөп. Онтон мин эбээм ынаҕа бу олунньу ый саҥатыгар тарбыйахтаммыта. Ол курдук биир сарсыарда эбээм хотонугар тахсыбыта тарбыйаҕа номнуо хаама сылдьар үһү. Бу оҕус тарбыйах эбит, ол иһин да сытыы буолуон сөп.
Онон биһиги дьиэҕэ үөрүү буолла: «Үрүҥ илгэ кэллэ, үксээтэ», — диэн ийэм уонна аҕам эппиттэрэ. Кыра быраатым «эбээ» үүтүн иһээри олус үөрбүтэ. Онтон мин ыам үүтүнэн араас коктейль оҥостон иһэрбин сөбүлүүбүн. Ийэлээх аҕам үүттээх чэйи иһэллэр, үүтүнэн араас бурдук аһылыгын оҥороллор. Ордук алаадьы сөбүлээн астыыбыт.
Мин эһиэхэ уоһах алаадьытын туһунан кыратык кэпсиэм. Ынах төрөөтөҕүнэ бастакы үүтүн – уоһаҕын тарбыйахха эмтэриллэр, бу олус туһалаах үүт буолар. Онтон тарбыйах тото испитин кэннэ ынаҕы ыыллар. Бу үүт сарсыҥҥы күнүгэр диэри уоһах үүтэ буолар, онтон 2-3 күнүнэн кэлэҕэй дииллэр. Уоһах үүтүнэн сахалар үгэстэринэн хайаан да алаадьы астаныллыахтаах. Бу алгыстаах алаадьы буолар, төрөөбүт тарбыйах этэҥҥэ сырыттын, сүөһү төрдө буоллун диэн санааттан. Уоһах алаадьыта көннөрү алаадьыттан амтана атын буолар. Өссө мин эбээм уоһахтан сөбүлээн астыыр аһылыктаах. Ол – лабырыай. Бу урукку кэмҥэ сахалар бурдугунан алаадьы курдук буһарар аһылыктара. Билигин бу ас умнуллубут диэххэ сөп. Эбээм лабырыай туһунан «Далбар Хотун» куонкуруска уонна хаһыакка кэпсээбитэ.
Онон ынах төрөөтөҕүнэ, үүт үксээтэҕинэ үрүҥ ас арааһын астанабыт. Онтон аан бастаан минньигэс, алгыстаах уоһах алаадьытын.
Эвелина Жданова, «Ыллык» эдкорпост, Ньурба Хаҥалас.