Оскуолабыт «Саһарҕа» лааҕырыгар
Оскуолабытыгар быйыл сайын литературнай-краеведческай «Саһарҕа» лааҕыр арыллан үлэлээтэ. Мин икки сезоҥҥа сырыттым. Асчыттарбыт Антонида Афанасьевна, Ксенья Васильевна минньигэстик аһаттылар. Светлана Ильинична руническай суруктары ааҕарга, суруйарга дьарыктаата, Сахая Михайловна биир дойдулаахпыт С. А. Новгородов олоҕун, үлэтин, саха бастакы алпаабытынан аахтара, суруйтара үөрэттэ. Фольклор дьарыгын ыытар учууталбыт Светлана Константиновна С.А. Саввин-Күн Дьирибинэ үгэлэрин билиһиннэрдэ, кылгас киинэ уһуларга сүбэ-ама биэрдэ. Оскуолабыт бибилэтиэкэрэ Күннэй Петровна Болтоҥоттон төрүттээх суруйааччылар тустарынан кэпсээтэ, дьарык ыытта. Биология, география учуутала Анастасия Алексеевна дойдубут үүнээйилэрин билиһиннэрдэ, үөрэттэ.
Бастакы сезоҥҥа иитээччилэринэн Нюргуяна Джекшебековна, Луиза Петровна үлэлээбиттэрэ. Биир дойдулаахпыт С.А. Новгородов пааматынньыгар баран сынньанан, төрөөбүт Чуораайытта алааһын булгунньаҕын уруһуйдаан, дьарыктанан кэлбиппит. С.А. Саввин-Күн Дьирибинэ «Көбүөхтүүрүн аанньа күөх киһиргэс» үгэтинэн бэйэбит кыахпытынан кылгас сыаҥка устубуппут.
Иккис сезоҥҥа иитээччилэринэн Туяра Николаевна, Диана Яковлевна үлэлээтилэр. Кинилэри кытта тэттик киинэлэри устарга холонон көрдүбүт. Лааҕырбытыгар бары иллээх этибит. Иитээччилэрбит араас оонньууну оонньотоллоро, дьарыктыыллара. Олус үчүгэйдик дьарыктанан, элбэҕи биллибит.
Коля Егоров,
Болтоҥо.
Бастакы алпаабытынан суруйа үөрэннибит
Мин Болтоҥоҕо эбэбэр дьоммун кытта сайылаатым. Эбэбит Мария Ивановна Болтоҥо оскуолатын “Саһарҕа” лааҕырыгар суруйтаран, иккис сезоҥҥа бырааттарым Олексан Беляев, Дамир Кронников буолан дьарыктанныбыт, элбэҕи биллибит, үгүс доҕоттордоннубут.
Лааҕырга биһиги С.А. Новгородов туһунан биллибит: Болтоҥоҕо Чуораайытта алааска төрөөбүтүн, улааппытын, Петербурга үөрэммитин, бастакы сахалыы алпаабыты оҥорбутун, кылгас гынан баран, чаҕылхай олоҕу олорбутун. Бастакы алпаабытынан ааҕа, суруйа үөрэннибит. Лааҕырбытыгар өссө сүрдээх үчүгэй үлэһиттэр интэриэһинэй дьарыгы ыыттылар, элбэх оонньууну оонньоттулар, поварбыт сүрдээх минньигэс аһынан аһатта.
Лааҕырга сылдьан, сайын туһалаахтык ааста. Болтоҥо оскуолатыгар хос эһэбит, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Иван Михайлович Кривошапкин, эбэбит, ийэм үөрэммиттэрэ.
Айтал Христофоров, Дьокуускай куорат 20 №-дээх оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ.
Лааҕырга олус үчүгэй
Мин быйыл Болтоҥоҕо эбэм аахха сайылыы тахсан баран, Болтоҥо орто оскуолата тэрийэр «Саһарҕа» лааҕыр иккис сезонугар сырыттым. Лааҕырга Болтоҥо нэһилиэгин историятын, суруйааччыларын, учуонайдарын туһунан элбэҕи биллибит. Араас оонньуулары оонньоотубут, айылҕаҕа сырыттыбыт, кылгас көрдөөх киинэлэри устарга үөрэннибит.
Күҥҥэ иккитэ араас минньигэс аһы аһаатыбыт. Мин лааҕыры сөбүлээтим, манна элбэх доҕоттордоннум, үгүһү биллим-көрдүм. Лааҕыр тэрийээччилэригэр уонна иитээччилэрбитигэр Туяра Николаевнаҕа уонна Диана Яковлевнаҕа улахан махталбын тиэрдэбин. Аныгыскы сылга эмиэ кэлиэм.
Лилиана Слепцова, Чурапчы С.А. Новгородов аатынан оскуолатын V кылааһын үөрэнээччитэ.
Нэһилиэкпит баай историятын үөрэттибит
«Саһарҕа» лааҕырга нэһилиэкпит баай историятын дириҥэтэн үөрэттибит. Биһиги нэһилиэкпитигэр элбэх суруйааччылар уонна да атын биллиилээх дьон олорон ааспыт. Кинилэр үлэлэрин, олохторун, хайдахтаах курдук элбэх үлэни үлэлээн, биһиэхэ хаалларбыт кылааттарын сөҕө-махтайа иһиттибит. Ону таһынан өйү сытыылыыр тыл оонньуутун, эти-хааны эрчийэр спортивнай оонньуулары хамаанданан арахсан, астына-дуоһуйа оонньоотубут. Күҥҥэ иккитэ иҥэмтэлээх минньигэс аһы аһаатыбыт. Иитээччилэрбит Туяра Николаевна, Диана Яковлевна истиҥ сыһыаннарынан интэриэһинэйдик кэпсээн, оонньотон, күммүтүн билбэккэ хааллыбыт. Быыһыгар учууталларбыт кэлэн, араас тиэмэҕэ биллиилээх дьоммут интэриэһинэй олохторун сырдаттылар.
Мин хоһоон, үгэ кэпсээн, ааҕан, элбэх куонкурустарга кыттан, үгүс ситиһиилэрдээхпин, кыайыылаахпын. Нэһилиэгим суруйааччыларын айымньыларын ааҕарбын олус сөбүлүүбүн. Ол курдук, бастакы сезоҥҥа сылдьыбыт оҕолорго үгэни хайдах туттан-хаптан, көрөөччүгэ тиэрдэр гына толорорго маастар кылаас ыыттым, ааҕан иһитиннэрдим. Оскуолабыт төрөөбүт тылбытын таптыырга, сахалыы ыраастык саҥарарга, атын омуктартан хаалсыбат гына билиилээх, үөрэхтээх, үлэһит үтүөтэ буолан үүнэрбитигэр күүс-көмө, тирэх буолар.
Түгэнинэн туһанан, кыһамньылаах асчыттарбытыгар, иитээччилэрбитигэр, дьарыктаабыт учууталларбытыгар махталбын тиэрдэбин.
Ариан Максимов,
Н.Д. Субуруускай аатынан Болтоҥо орто оскуолатын үөрэнээччитэ,
Чурапчы.