Ханнык баҕарар норуот дойдутун өбүгэтин, историятын билиэхтээх. Уонна кэлэр ыччатыгар ситимин туттаран, өбүгэлэригэр сүгүрүйэр үгэһин ыһыктыа суохтаах.
Бүгүн Уус Алдан улууһун Бороҕонугар Улуу өбүгэбит Лөгөй Тойон баараҕай пааматынньыга, онно киирэр киэҥ болоссуота аһылынна.
«Уруйданнын, Лөгөй Тойон!» диэн хоһоонньут Валентина Ивановна Бурнашева тылыгар, СӨ норуодунай артыыһа Владимир Ильич Заболоцкай матыыбыгар Лөгөй Тойон гимнэ ылланна.
Ыалдьыттары хаартыскаҕа көрөҕүт. Иккис үтүө тэрээһин, Бороҕон киинигэр Сэһэн Ардьакыап аатынан түмэл үөрүүлээх аһыллыытыгар үгүс киһи тоҕуоруһа муһунна.
Бу тэрээһиҥҥэ СӨ Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта А. Н. Жирков бар дьонугар, төрөөбүт дойду историятын билэр-үөрэтэр уонна ыччатыгар иҥэрэр суолтатын туһунан тоһоҕолоон эттэ. Ол курдук, 19-с үйэ бүтүүтүгэр, Күлүмнүүр салалтатынан бырааттыы Афанасьевтар, В. В. Никифоров – Күлүмнүүр Уус Алдан Дүпсүнүттэн Аллараа Новгородка бүтүн Россиятааҕы быыстапкаҕа кыттыбыттара. Ол саҕаттан, Уус Алдан дьоно-сэргэтэ бастакы чааһынай музейы тэрийииттэн саҕалаан, норуот историятын үөрэтиигэ суолу тэлбит дьонунан буолаллар.
Татьяна Жиркова, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата, суруналыыс
Бороҕон, 2022